«Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүүтэ 2014 сыллаах улуустааҕы киин библиотека иһинэн тэриллибитэ. Сүрүн сыала – саха тыла сайдарын, симэлийбэтин туһугар туруулаһар үлэни тэрийии. Сүрүн болҕомто эдэр төрөппүттэргэ уонна оҕолорго туһаайыллар.
Билигин түмсүүгэ 30 киһи: бэчээт, култуура, үөрэх салаатын үлэһиттэрэ уонна саха тылын өрө тутар биирдиилээн көхтөөх дьон бааллар. Түмсүү өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ийэ тыл» түмсүү ыытар үлэлэригэр өрүү кыттыһар. Маны таһынан «Саха этигэн тыла» диэн төрүт култуураны, тылы-өһү сайыннарар аан ситим редактора, ийэ тыл кыһалҕатын туруулаһааччы, тыл билимин кандидата Ангелина Кузьминаны кытары ыкса сибээстээхтик үлэлээн кэллэ.
Ол курдук аан ситим иһинэн ыытыллар күрэхтэргэ уонна «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы уонна суруйуу сатабыла» маастар-кылаастарга эдэр төрөппүттэри, оҕолору көҕүлээн кытыннарыы, дьүүллүүр сүбэ үлэтигэр кыттыы тэриллибитэ. Улуус иһигэр сыллата ыытыллар араас дьаһалларга кыттыыны ылыы, «Уһуктуу» литературнай түмсүүнү кытары кыттыһан хоһоон ааҕыытыгар күрэхтэри тэрийии ыытыллар.
Кэнники икки сылга улуустааҕы тыл комиссиятын кытары бииргэ үлэлэлээһин тэриллэн тыл кыһалҕатын туруорсууга кэккэ үлэлэр ыытылыннылар. Билигин гаджет үйэтин кыракый оҕолоро нууччалыы тылланан улаатан эрэллэрэ кистэл буолбатах. 1922 сыллаахха улахан сугулаан тэриллэн үгүс киһини түмэн тылбытын хайдах харыстыыбыт диэн санаалары истии, этиилэри киллэрии буолбута. Ол түмүгэр резолюция ылыллан хайысхаларынан үлэ бара турар.
Ааспыт сылга Ийэ тыл өрөспүүбүлүкэтээҕи Сүрүн сүбэтин кытары холбоһуктаах мунньах буолбута. Манна саха тылын тула үөскээбит кыһалҕа туһунан киэҥ кэпсэтии таһаарыллан ситимнээх үлэни тэрийэргэ диэн быһаарыы ылыллыбыта. Салгыы Сүрүн сүбэ ыытар хайысхатын тутуһан үлэ барар. Ааспыт сыл бүтүүтүгэр РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун иһинэн арыллыбыт Социолингвистикалыы чинчийии киинэ ыыппыт саха оҕолоро төрөөбүт тылларынан саҥарар таһымнарын чинчийэр улахан үлэтигэр биһиги улууспут хабыллан биэс нэһилиэккэ ыытыллыытыгар түмсүү үлэлэспитэ.
Тыл сүтүүтэ, симэлийиитэ, суураллыыта – омук иэдээнэ. Сирдээҕи олоххо тыллаах омук тыыннаах хаалар. Онон ийэ тылбытын бары харыстыаххайыҥ, өбүгэбит хаарыаннаах бэлэҕин кэлэр көлүөнэҕэ хаалларарга бука бары кыһаллыаҕыҥ.
Светлана Бурцева, «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта