Кэптэнигэ Дуткинскай олимпиада үрдүк таһымҥа ыытылынна

Лөгөйдөөҕү лицей-интернакка РФ үтүөлээх учуутала, Үлэ Албан аата уордьан III истиэпэннээх кавалера Татьяна Дуткина аатынан улуустааҕы үбүлүөйдээх XXV, өрөспүүбүлүкэтээҕи IV математика олимпиадата үрдүк таһымҥа ыытылынна. Татьяна Егоровна бу күн төрөөбүт күнэ буолан өссө ордук суолталаах, долгутуулаах буолла. Олимпиадаҕа улуус 23 оскуолатыттан 202 оҕо, өрөспүүбүлүкэ 34 оскуолатыттан барыта 983 оҕо кытынна.

Олимпиада сорудахтарын “Дьоҕур” түмсүү СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Республикатааҕы лицей информатикаҕа учуутала Михаил Данилов салалтатынан оҥордулар, үлэлэри М.К. Аммосов аатынан ХИФУ математика институтун устудьуоннара бэрэбиэркэлээтилэр. Ону таһынан үбүлүөйдээх олимпиадаҕа анаан “Математик дьиэ кэргэн”, “Математика уонна тулалыыр эйгэ” НПК уонна оскуолалар икки ардыларыгар хамаанданан күрэстэр ыытылыннылар.

Олимпиада кыайыылаахтара. 4-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – Байдам Прядезников (Чэриктэй ОО), 2-с миэстэ – Санита Кривошапкина (Найахы ОО), 3-с миэстэ – Кыталыына Салышева (Чэриктэй ОО). 5-с кылаастарга: 1-кы миэстэ Сайдыкуо Рожина (Мүрү 1 №-дээх ОО), 2-с миэстэ – Нарыйаана Басыгысова (Чараҥ ОО), 3-с миэстэ – Лилиана Заболоцкая (Сыырдаах ОО). 6-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – Сандал Бурнашев («Уолан» гимназия), 2-с миэстэ – Антон Иванов (Бэйдиҥэ ОО), 3-с миэстэ – Лилиана Местникова (Курбуһах ОО). 7-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – Алекса Попова (Лөгөйдөөҕү ЛИ), 2-с миэстэ – Саян Сысолятин (Лөгөй ЛИ), 3-с миэстэ – Вика Салышева (Бэйдиҥэ ОО). 8-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – Вилена Перевалова (Лөгөй ЛИ), 2-с миэстэ – Евгений Лыткин (Өнөр ОО), 3-с миэстэ – Амелия Неустроева (Мындааба ОО).

Математик дьиэ кэргэн: 1-кы миэстэ – Надежда Ивановна, Роберт (6 кыл.) Домотовтар (Уһун Күөл ОО), 2-с миэстэ –  Марианна Владимировна, Ваня (5 кыл.) Бурцевтар (Суотту ОО), 3-с миэстэ – Ньургуйаана Анатольевна, Вася (5 кыл.) Местниковтар (Окоемовка СО).

НПК. «Математика» секцияҕа: 1-кы миэстэ – Артур Алексеев (6 кылаас, Хомустаах СО), 2-с миэстэ – Анжелика Олесова (4 кылаас, Мүрү 1 №-дээх ОО), 3-с миэстэ – Айаана Атласова (6 кылаас, Бэйдиҥэ ОО).

«Технология» секцияҕа: 1-кы миэстэ – Савелий Саввинов (4-с кылаас, Мүрү 2 №ОО), Егор Протопопов (4-с кылаас, Мүрү 2№ ОО), 2-с миэстэ – Айсаара Голомарева (4-с кылаас, Мүрү 2№-дээх ОО), 3-с миэстэ – Галя Сергеева (7-с кылаас, Тулуна ОО).

«Тулалыыр эйгэ» секцияҕа: 1-кы миэстэ – Дамир Олесов (5-с кылаас, Лөгөйдөөҕү ЛИ), 2-с миэстэ – Коля Малышев (8-с кылаас, Лөгөйдөөҕү ЛИ), 3-с миэстэ – Семен Литвинцев (6-с кылаас, Мүрү 1№-дээх ОО).

Оскуолалар икки ардыларыгар хамаанданан күрэскэ: 1-кы миэстэ – «Дружба» (Мүрү 1№-дээх ОО), 2-с миэстэ – «Тэтим» (Сыырдаах ОО), 3-с миэстэ  – «Уолан» (Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара» уонна «Лөгөйдөр» (Лөгөйдөөҕү ЛИ).

Маннык курдук олус тэрээһиннээхтик математика күнэ Лөгөй лицей-интернатыгар ыытылынна. Махтал буоллун олимпиада хамсааһынын куруук өйүүр, күүс-көмө буолар Татьяна Егоровна Дуткина оҕолоругар, сиэннэригэр, аймахтарыгар.

Екатерина Мигалкина, уопсас. кэрэсп.