Бороҕоннооҕу оҕо искусство оскуолатын үҥкүү салаатын преподавателлэрэ Галина Петрова, Ульяна Петрова, Ульяна Ноговицына ааспыт сылга муус устар 6 күнүгэр улууска эбии үөрэхтээһин педагогтарын ортолоругар бырайыактары көмүскээһин күрэһигэр «Золотой ключик» үҥкүү-остуоруйанан кыттан 2-с бочуоттаах миэстэҕэ тиксибиппит. Онон бастаан оскуолабытыгар Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка үҥкүү туруоран көрдөрбүппүт. Онуоха сценарийын суруйан, хас биирдии геройу, персонаһы наардаан, хамсаныыларын толкуйдаан, үөрэтэн, көстүүмнэрин тиктэрэн, сыана киэргэтиитин булан, оскуола салалтата кыра да буоллар үп көрөн, уруһуй салаатын преподавателлэрэ атрибуттары оҥорон туруоруу олоххо киирбитэ.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 3 күнүгэр, оскуолабыт үөрэх сылыгар туох үлэни ыыппытын отчуоттуур кэнсиэрэ үҥкүү салаата арыллыаҕыттан саҥа сүүрээн быһыытынан турбут «Золотой ключик» остуоруйаттан саҕаланна. Остуоруйаҕа үҥкүү салаатын кылаастарыгар үөрэнэр 60 оҕо үҥкүүлээтэ, хорга музыка салаатын 23 үөрэнээччитэ ыллаата.
Сүрүн оруолларга Уйгулаан Бочкарева – Буратиноны, Айталыына Горохова – Пьерону, Ньургуйаана Пестрякова – Артемону, Дайаана Данилова – Мальвинаны, Марияна Фомина, Динара Готовцева – Кот Базилионы, Сусанна Аммосова – Папа Карлоны, Ульяна Ноговицына – Карабас Барабаһы, Ульяна Петрова – Лиса Алиса, Розалия Сыроватская, Марияна Фомина Тортила Черепаханы оонньоотулар. Киирии тылы Вероника Никитина аахта, туруорааччылар – Ульяна Петрова, Марияна Фомина, Ульяна Ноговицына.
Кэлбит көрөөччүлэр остуоруйаны олус сэҥээрдилэр, төрөппүттэр оҕо сааспытыгар түһэн ыллыбыт диэн астыннылар. Оттон биһиги оҕолорбут сайдалларыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар төрөппүттэрбитигэр, остуоруйабытын туруорууга көмөлөспүт оскуолабыт коллективыгар, салалтатыгар махталбытын этэбит.
Ульяна Ноговицына