Геннадий Пестряков кыраайы үөрэтиигэ оҕолору кытта салгыы үлэлиир былааннаах

Окоемовка сүрүн оскуолатын история учуутала Геннадий Пестряков «Айан уруоктар» кинигэтин сүрэхтэниитэ бэҕэһээ улуус түмэлигэр тэрилиннэ. Онно кини кыраайы үөрэтэр үлэтин хайдах саҕалаабытын сиһилии билиһиннэрдилэр.

Геннадий Дмитриевич бастаан дойдуга тапталы хоһуйар хоһоону суруйууну оскуолатыгар биллэрбит. Ол түмүгүнэн «Алааһым барахсан» брошюраны таһаарбыттар.

Онтон салгыы сайынын оҕолору түмэн үөрэтэр, чинчийэр сыаллаах экспедициялары тэрийэр үгэһи олохтообут.

Ааспыт сылга бэчээттэнэн тахсыбыт «Айан уруоктара» кинигэтигэр 5-6 кылаастар үөрэнээччилэрэ састааптаах «Поиск» этэрээт 2006 сыллааҕы айан уруогуттан саҕаланар. Ити сыл этэрээт олорор бөһүөлэктэрин чугас сирдэринэн сылдьыбыттар, биллэр советскай государственнай, партийнай үлэһит Н.Н. Окоемов төрөөбүт, олорбут  сирин үөрэппиттэр.

Маннык сыаллаах Окоемовскай десаннар 2017 уонна 2022 сылларга Н.Н. Окоемов үбүлүөйдээх дааталарыгар анаан ыытыллыбыттар.

2009 с. «Курбуһах нэһилиэгэр баар сэрии кыттыылаахтарыгар пааматынньыктар»  историяны, кыраайы үөрэтэр экспедиция тэриллибит. 2012 с. – «Дьаарын үрэҕин историята, үһүйээннэрэ, пааматынньыктара», 2014 с. – «1-кы Курбуһах нэһилиэгин историята», 2018 с. – «Литературнай Курбуһах», 2019 с. – «Курбуһахтан силис тардан», 2020 с. – «Айан уруок», 2023 сылга «Объекты культурного наследия Усть-Алданского улуса» экспедициялары салайбыта.

Бу хонуктаах сырыыларга оҕолор күннүк суруналлар, билиилэрин хаҥаталлар, айылҕаҕа сылдьарга элбэххэ үөрэнэллэр. Экспедиция муспут матырыйаалларыгар олоҕуран учуутал хас да кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыт, кини научнай хабааннаах ыстатыйалара араас хомуурунньуктарга, аан дойду таһымнаах конференциялар матырыйаалларыгар киирбиттэр. «Айан уруоктар» кинигэ элбэх хаартыскаттан таҥыллыбыта ис хоһоонун байытан биэрэр. Кинигэ олохтоох «Мүрү саһарҕата» хаһыат редакциятын үлэлэһиитинэн 100 экземплярынан күн сирин көрбүт.

Айымньылаахтык, хоннохтоохтук үлэлиир учуутал Геннадий Дмитриевич кыраайы үөрэтиигэ оҕолору кытта салгыы үлэлиир былааннаах.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.