Өнөргө сэтинньи 15 күнүгэр саха норуотун чулуу уолугар, дэгиттэр талааннаах бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, лиирик суруйааччы, учуонай лингвист Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Ол курдук Платон Алексеевичка аналлаах кинигэ быыстапката турда. «Yc саха төрүөҕэр, үөрүүлээх күнүгэр мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа» диэн тиэмэҕэ олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Светлана Черноградская айымньылары билиһиннэрдэ. Россия Дьоруойа М.М. Стрекаловскай аатынан Өнөр орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Альбина Громова саҥа тахсыбыт «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» диэн кинигэни билиһиннэрдэ. Мария Лукачевская олоҕун туһунан кэпсээтэ.
Былатыан Ойуунускай «Бырастыы» хоһоонуттан оскуола кэлэктиибин эр бэрдэрэ доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр. «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыатын Ион Лукачевскай, Василий Федоров дуэттаатылар. «Мин кэллим Тааттаҕа» ырыаны Мария Лукачевская бэлэхтээтэ. «Ырыа, тойук гитарам” ырыаны Анна Макарова толордо уонна «Былааһы – Совекка» ырыаны «Иэйии» ансаамбыл (сал. Василий Федоров), квартет Светлана Протопопова, Нина Лукачевская, Октябрина Протопопова, Антонина Дьяконова толордулар.
Өнөр орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» театрализованнай дьүһүйүүнү оҕолор оруолларын бэрткэ арыйан көрдөрдүлэр. Платон Ойуунускайы – Саша Ушницкай, Мэхээлэ – Эдгард Черноградскай, куйуурдуу турар оҕону – Дамир Яценко, Кыталык – Сайаана Колесова, Ааныска эмээхсин – Линда Черноградская, бандьыыттар – Петя Федоров, Кеша Бочкарев, Замир Лыткин (сал. Дария Атласова, Джулия Афанасьева) толорон көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Ити курдук эдэр талааннар тахсан истиннэр. Былатыан Ойуунускай айымньытыгар этиллибитин курдук, «Суруллубут суоруллубат». Улуу киһи аата үйэлэргэ көлүөнэттэн-көлүөнэ ааттана туруоҕа, «Көҥүл ырыата «хоһоонун бары күргүөмүнэн аахтыбыт.
Варвара Парникова — Үүйэ, уопсас. кэрэсп.