Отчуот сүнньүнэн ыйытыы да, кэпсэтии да тыа сирин инники дьылҕатын тула буолла. Ол курдук наһаа кииннээһин түмүгэр тыа сирин нэһилиэнньэтин көһүүтүгэр тиэрдэн эрэрин этэллэр.
Холобур, Бэйдиҥэ, Сыырдаах, Курбуһах оскуолалара 120 миэстэлээх диэн тутуллубут буоллахтарына, оҕолорун ахсаана сүүһү кыайбатын аҕыннылар.
Аны тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы суоҕун кэриэтэ дииллэр. Урукку тэрээһиннээх хаһаайыстыба моҥкурууттаабытын түмүгэр баайа-дуола ханна барбыта, кимиэхэ тиксибитэ биллибэт эбит. Тыа сирин инники сайдыытын туһунан анаалыс оҥоһуллубата сэмэлэннэ.
Киинтэн ититиигэ холбонуу сүрүн кэпсэтии буолбутунан, ыаллар холбонууларыгар субсидия көрүллэрин туруорустулар.
Бэйдиҥэ бөһүөлэгин сытыы кыһалҕата – кылабыыһаны уу суурайан, сирэ сиҥнэн, киһи уҥуохтара уу баһар күөллэригэр түһэр кутталлааҕын былырыыҥҥы отчуокка эмиэ эппиттэрэ туолбатаҕын эттилэр. Онуоха маны быһаарыы олохтоох салайыныы дьаһалтатын бэйэтин эбээһинэһэ диэн харда бэрилиннэ.
Афанасий Копырин