Дьокуускайга буоска оҥоһуктар быыстапкаларыгар көрөөччү үгүс

Тохсунньу 2 – олунньу 4 күннэригэр Дьокуускайга Комдрагмет дьиэтин быыстапкалыыр саалатыгар Санкт-Петербург куорат буоска оҥоһуктарын мусуойун 60-тан тахса экспоната дьон көрүүтүгэр тураллар.

Буоска оҥоһуктар историяларыттан билиһиннэрдэххэ, Франция хоруола Людовик XIV де Бурбон (1638-1715) бэйэтин чугас дьонун 40 буоска скульптураларын сакаастаан, дойдутун биир гына кэрийтэрбитэ историяҕа хаалбыт. Арассыыйаҕа буоска оҥоһугу Петр I бэйэтин төбөтүн скульптуратын сакаастаан оҥорторбут. Ол эрээри буосканан оҥоһук тэнийбэтэх. Ыраахтааҕы баҕа санаата 1988 сыллаахтан биирдэ олоххо киирэн барбыт. Санкт-Петербурга маастардар буоска бөгүүрэлэри оҥорууга ылсыбыттар. Бастакы быыстапка Петергофка 1990 сыл от ыйыгар буолбут. Онно XVIII үйэ биллэр 19 киһитин буоска бөгүүрэтэ турбут.

Билигин Санкт-Петербурдааҕы буоска оҥоһуктар мусуойдарыгар тыһыынчаттан тахса скульптура баар. Олору тиэмэнэн наардаан туруораллар: «Биллиилээх дьон», «Киинэ сулустара», оҕолорго аналлаах «Ойуулуктар, киинэлэр дьоруойдара», «Бэлиитиктэр», «Мумиялар», «Фантастика», «Биибилийэ сюжеттара», «Инопланетяннар», о.д.а. Буоскаттан оҥоһук дьоруой дьиҥ уҥуоҕун үрдүгүнэн оҥоһуллар. Харахтарын, тиистэрин бастыҥ килииньикэлэр оҥороллор. Баттахтара парик буолбатах, хас биирдии натуральнай баттаҕы сыһыаран оҥороллор. Ортотунан 40 тыһ. баттаҕы сыһыараллар. Буоска бөгүүрэни оҥорууга улахан хамаанда үлэлиир, олор истэригэр историктар, антропометристар, скульптордар, худуоһунньуктар, постижёрдар (баттаҕы, бытыгы, сулары бэлэмниир анал үлэһиттэр) уо.д.а. Этэргэ дылы, элбэх үлэттэн, сыраттан оҥоһуллар эбиттэр (буоска оҥоһуктар историяларын туһунан «Кыым» хаһыат тохсунньу 11 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт «Дьэ, сыралаах үлэ түмүгэ!» ыстатыйаттан ылылынна).

Дьокуускайга аҕалыллыбыт буоскаттан оҥоһуктарга Геракл, Наполеон, Никита Хрущёв, Леонид Брежнев, Михаил Горбачев, Борис Ельцин, Владимир Путин, Дмитрий Медведев, Альберт Эйнштейн, Агата Кристи, Мадонна, Майкл Джексон, Пьер Ришар, Владимир Высоцкай, Николай Валуев, олоххо дьиҥ баар буола сылдыбыт түөрт харахтаах, өссө носорог, сибиинньэ муннулаах дьон, саҥарар мумия бааллар. Хас биирдии оҥоһук аттыгар анал табличкаҕа быһаарыы сурук көрөөччүлэр билиилэрин хаҥаталларыгар көмөлөөх.

Бу күннэргэ быыстапка күн аайы сарсыарда 10 чаастан 18 чааска диэри үлэлиир. Көрөөччү тохтобула суох сылдьар.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.