Чараҥнар ырыаһыт уолаттарбыт ситиһиилэриттэн үөрдүбүт

Кэптэнигэ олунньу 22 күнүгэр буолбут «Ыллаа-туой, уол оҕо!» диэн патриотическай тыыҥҥа иитэр ырыа күрэҕэр В.Н. Мигалкин аатынан Чараҥ оскуолатын ырыаһыт уолаттара кыттан үрдүк ситиһиилэнэн кэлэн дойдуларын дьонун олус үөртүлэр. Кинилэр кимнээҕий?

Сэттис кылаас үөрэнээччитэ Сарыал Алексеев М. Матусовскай тылларыгар, В. Соловьев-Седой музыкатыгар «Баллада о солдате» уонна П. Тобуруокап тылларыгар, А. Алексеев матыыбыгар «Күөрэгэйдиин көрсүһүү» диэн уруккуттан биллибит, аатырбыт ырыалары ылыннарыылаахтык толорон 2-с истиэпэннээх дипломант уонна
4-с кылаас үөрэнээччитэ Илья Румянцев Т. Толомон тылларыгар, Ст. Васильев матыыбыгар «Ийэҕэ махтал» уонна И. Мигалкин тылларыгар, Н. Свинобоева матыыбыгар «Оҕо мичээрэ» диэн наһаа истиҥ ырыалары итэҕэтиилээхтик ыллаан 2-с истиэпэннээх лауреат аатын ылар ураты чиэскэ тиксибиттэриттэн бары даҕаны үөрдүбүт, оҕолорбутунан киэн тутуннубут.

Кинилэри СР үөрэҕириитин туйгуна, уопуттаах музыка учуутала Надежда Свинобоева бэлэмнээн кытыннарда. Кини соторутааҕыта ыытыллыбыт РФ, Саха АССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, аатырбыт «Кэнчээри» норуодунай ансаамбылы төрүттээччи, салайааччы Василий Парников педагогическай айар үлэтин 60 сылыгар анаммыт улуустааҕы оскуолалар хордарын көрүү күрэҕэр В. Харитонов тылларыгар, В. Мокроусов музыкатыгар «Песня о Лене» ырыанан 50-ча оҕону күргүөмүнэн ыллатан 2-с миэстэни ылан 35 000 солк. суумалаах сертификатынан бэлиэтэнэн дойдубут аатын ааттатан эмиэ үрдүк үөрүүнү биллэрбитэ.

Онон бу субуруччу ситиһиллибит чулуу көрдөрүүлэринэн музыкальнай салайааччыны Надежда Николаевнаны, хор кыттыылаахтарын уонна бу икки чаҕылхай уолаттарбытын истиҥник эҕэрдэлиибит уонна инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.