Татьяна Дуткина учууталлыырын таһынан элбэх обществаннай үлэлээх этэ. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар бастакы демократическай быыбардар буолбуттара. Уус Алдан оройуонугар депутаттары туруоруу уонна талыы үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Ол быыбар түмүгүнэн оройуон сэбиэтигэр Лөгөй нэһилиэгиттэн депутатынан Татьяна Егоровна талыллыбыта.
Мин биир түгэни өйдөөн хаалбыппын. Райсовет бэрэссэдээтэлин талыы бириэмэтигэр Татьяна Егоровна ыалдьа сылдьар этэ, ону Кэптэниттэн массыынанан аҕалтарбыттара. Кини үөрэх комиссиятын биир тутаах үлэһитэ этэ. Ол саҕана мин Мүрү орто оскуолатын директорынан үлэлии сылдьар этим, Мүрү нэһилиэгиттэн депутат буолбутум, үөрэх комиссиятын салайар этим.
Татьяна Егоровна Мүрү гимназиятын тэриллиитигэр элбэх үлэни ыыппыта. “Уолан” гимназиятын концепциятын оҥорбут дьонтон биирдэстэрэ буолар. Директоры научнай үлэҕэ солбуйааччы быһыытынан оҕолорго элбэх научнай конференциялары тэрийбитэ. Тэрээһиннэрэ сырыы ахсын туох эрэ уратылаах буолааччы. Кини тэрийэр педсоветтара да уратылар этэ. 1994 с. гимназия директора Валентин Филиппов ыҥырыытынан, гимназия тутуутугар уонна хааччыллытыгар үлэлээбитим. 1995 с. Татьяна Егоровна сүбэтинэн информатика учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Онон кини мин информатика учуутала буолуубар сүрүн оруолу ылбыта. 1997 сыллаахха Дьокуускайга ыҥырыллыбытыгар эмиэ кини этиитинэн директоры научнай үлэҕэ солбуйааччынан миигин анаабыттара.
Татьяна Егоровна 1997 с. республикатааҕы колледжка Иван Иванович Шамаев ыҥырыытынан директоры солбуйааччынан уонна математика учууталынан үлэлээбитэ. Кылгас да кэмҥэ үлэлээтэр, сүҥкэн улахан суолу хаалларбыт эбит. Сүрүн уратытынан үлэтигэр айымньылаахтык сыһыаннаһарын, ол саҕана үлэлээбит коллегалара ахталлар. Кини гимназическай кылаастары (5-9 кылаастары) үөрэтиигэ уонна иитиигэ директоры солбуйааччынан үлэлээбитэ. Математика учууталын быһыытынан үс игирэ Тихоновтар, кэлин математика олимпиадатыгар Россияҕа аатырыыларыгар төһүү күүс буолбута. Тихоновтар бүтүн Россиятааҕы математика олимпиадатыгар призер буолбуттара. Татьяна Егоровна ханна да үлэлээтэр, туспа суол-иис хаалларар чаҕылхай үлэһит этэ.
Михаил ДАНИЛОВ