Бэҕэһээ, о.э. тохсунньу 15 күнүгэр, Бороҕон нэһилиэгин үс бөһүөлэгинэн нэһилиэкпит баһылыга Василий Алексеев ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин отчуоттаата. Мунньахха нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара, депутаттар, олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар.
Ааспыт сылга үтүмэн үлэ ыытыллыбыта бэлиэтэннэ. Ол курдук биир тыын хайысхаҕа быйыл балачча үлэ ыытыллан, эбии 30 ыал киинтэн ититиигэ холбонон үөрүүлэрэ үксээтэ, онтон аны быйыл 50 ыал холбоноро былааннанар. Ити курдук нэһилиэкпит 100% ититиигэ холбоноругар күүстээх үлэ ыытыллар.
Итини таһынан бөһүөлэктэрбитигэр уулуссалары сырдатыыга үлэ эмиэ көдьүүстээхтик ыытыллан, ППМИ программатыгар киирбиппит бигэргэннэ. Саҥа таас оскуола тутуутугар үлэ ыытылларыттан, тутуу 2025 сылга түмүктэнэн үлэҕэ киирэрин сэмээр үөрэ күүтэбит.
Нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ, олохтоох дьаһалта – бука бары биир санаанан салайтаран үлэлии олороллоро олохтоохтору сэргэхситэр. 2024 сылы көрсө «Түмсүү» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ “Бастыҥ үлэлээх култуура тэрилтэтэ” ааты ылбыттарытыттан бары астынныбыт.
Мунньахха Василий Петрович үгүс ыйытыыга толору хоруйдары биэрдэ. Бу түһүмэххэ Зоя Протопопова, Ил Ииһэ Саһылыкаан кыыһа, Татьяна Новоприезжая уо.д.а. хото ыйыттылар, этиилэрин киллэрдилэр.
Түмүккэ нэһилиэккэ ааспыт сыл устата ыытыллыбыт үлэ “үчүгэйинэн” сыаналанна.
Светлана Прудецкая, библиотекарь, уопсас. кэрэсп.