Кэрэ айылҕалаах Түүлээх нэһилиэгин күөх кырдалларыгар таалалаахтаан үөскээбит, Алдан өрүскэ үгүстүк балыктаан, хойуу ойууругар бултаан-алтаан улааппыт Володя уол, сүрэҕэ сытар, дууһата талаһар айылҕатын кытта олоҕун сибээстээн үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини оҕо сааһа уратыта суохтук ааспыта буолан баран, пластилинынан арааһы барытын оҥорон уһун күннэрин аһардыбытын бэлиэтиир. Оҥоһуктара сэрии, кыыл-сүөл тиэмэтигэр буолара.
Владимир Бочкарев ХИФУ Естественнэй наука институтун бүтэрээт, Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей айылҕаны кэпсиир салаатыгар исписэлииһинэн үлэлиир. Онно тиэмэтинэн көрөн быыстапка туруорар, кэпсиир-ипсиир уонна оҕолорго араас дьарыктары ыытар. Владимир бэйэтэ: «Үлэм итинэн эрэ түмүктэммэт. Үлэһит тиийбэт буолан, сантехниктан, столяртан, таһаҕас таһааччыттан саҕалаан худуоһунньукка тиийэ барытын үлэлиибин», – диэн күлэр.
Бүгүн кинини ураты, интэриэһинэй дьарыктардаах талааннаах киһи быһыытынан сырдатыым.
Кини – уус
2017 сылтан маһы кыһан Саха сирин араас балыктарын оҥорор үгэстэммитэ. Бастаан Түүлээх оҕо тэрилтэтигэр оҥорон бэлэхтээбит балыктара кэчигэрэһэн туралларын сэргии көрбүт эбит буоллахпына, билигин букатын тыыннаах курдук чочуйан таһаарарын көрөн сөҕө-махтайдым. Ити дьарыгыттан саҕалаан кыбартыыралары эгэлгэ араастык өрөмүөннээн биир кэмҥэ үлэлэһэ сылдьыбыттаах.
Аны, үгүскүт көрбүккүт буолуо, музей сэриигэ аналлаах саалатыгар кылаабынай экспонат макеты?! Бу – кини моделирование ньыматынан сэрии тиэмэтигэр бытархай да бытархай пластиктары кыһыйан, таҥан, килиэйдээн, кырааскалаан оҥорбут биир улахан үлэтэ, эмиэ биир умсугуйар дьарыга буолар. Манна аҥаардас тааҥка 698 детальтан турар.
Кини – коллекционер
Араас кыыл төбөтүн уҥуоҕун, көтөрдөр куорсуннарын, суолларын-иистэрин хатаран мунньар. Бэйэтин булдун эбэтэр булчуттартан үлэһэн ылбыт кыыл-сүөл чөмчөкөтүн ыраастаан, маҥхатан уурар. Коллекцията чыккый кустан саҕалаан моржка кытта тиийбит. Музейга көрдөрүүгэ балык суох, онон мастан кыспыт балыктарын көрдөрөн, Сахабыт сиригэр баар балыктары билиһиннэрэр. Оттон чөмчөкөлөрүн, куорсуннарын, кыыллар суолларын эмиэ араас быыстапкаларга, дьарыкка үлэтигэр туһанар.
Владимир икки оҕотунаан дьиэлэригэр араас көтөрү иитэн, кэтээн көрбүттээхтэр. Биирдэ гусеница иитэн, олунньу ыйга махаон лыаҕы көтүтэн кырачаан оҕолорун үөрдүбүттээх. Уус бэрдэ аҕа оҕолоругар таһырдьа оонньуур сири, үлэтин да, дьиэтин да түннүгэр чыычаах дьиэлэрин оҥортоон, кыһынын чыычаахтары аһатан-сиэтэн кыстыыр үгэстээх.
Кини – фотограф
Владимир Владимирович экспедицияларга сылдьан Саха сирин улахан аҥаарын кэрийбитэ. Бу 13 сыл устата Нерюнгри хайаларыттан саҕалаан Уһук Хоту баар Олгуйдаах арыыга тиийэ, Сунтаар күөллэриттэн Лабыҥкырга сылдьыбыт. Ол сылдьан араас кыыллары, айылҕаны хаартыскаҕа түһэрэр, ол эмиэ үлэтин кэмигэр умсулҕаннаах кэпсээнин силигин ситэрэр.
Ити курдук, барыга бары интэриэстээх, үгүс дьарыктаах, үлэтигэр ис сүрэхтэн дьаныһан, ылсан үлэлиир биир дойдулаахпытын холобур оҥостон, айа-тута үлэлиэх.
Мария Аргунова