Ааспыт нэдиэлэҕэ Мүрү маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар Урал дьикти кэрэ айылҕатын абылаҥын этигэр-хааныгар иҥэриммит биллиилээх нуучча оҕо суруйааччыта Павел Бажов (1879-1950) төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах «Земли Уральской сказочник» диэн литературнай нэдиэлэ ыытылынна.
Павел Бажов «Малахитовая шкатулка», «Серебряное копытце», «Хозяйка Медной горы», «Каменный цветок», о.д.а. остуоруйаларын үгүс көлүөнэ оҕо умсугуйан аахпыта, кини аатын чулуу остуоруйаһыт быһыытынан сүрэҕэр хатаабыта чуолкай. Оскуола бибилэтиэкэтин үлэһиттэрин Люция Бурцева, Диана Гаврильева тэрийиилэринэн нэдиэлэ устата кинигэ быыстапката, бэсиэдэлэр, 3-4 кылаастарга «Умники и умницы» биктэриинэ, 1-2 кылаастарга уруһуй куонкуруһа, Бажов айымньыларынан ойуулук көрүүтэ, 3-4 кылаастарга «Малахит шкатулкалар» куонкурус ыытылынна. Бу манна сүрдээх үчүгэй үлэлэр киирбиттэрэ, оҕолор уонна төрөппүттэр араас быһыылаах, өҥнөөх, кыраһыабай киэргэллэрдээх аптаах холбукалары араастаан толкуйдаан оҥорбуттара, киэргэппиттэрэ дьон сэҥээриитин ылла. Үгэс курдук көрүҥнэринэн кыайыылаахтар ааттара билиннэ.
Биктэриинэ күрэҕэр 3-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – 3 «а» (кыл. сал. Е.В. Черкашина), 2-с миэстэ – 3 «б» (кыл. сал. Н.Н. Портнягина), 3-с миэстэ – 3 «в» (кыл. сал. О.Е. Пестрякова), оттон 4-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – 4 «в» (кыл. сал. В.А. Пермякова), 2-с миэстэ – 4 «а» (кыл. сал. Е.Г. Ноговицына), 3-с миэстэ – 4 «б» (кыл. сал. С.С. Бурнашева).
Уруһуй куонкурсугар 2-с кылаастарга: 1-кы миэстэ – Уйгулаана Атласова (2 «в»), 2-с миэстэ – Айсена Тарская (2 «в»), 3-с миэстэ – Айыллаана Захарова (2 «в»), 3-4 кылаастарга: 1-кы миэстэ – Вика Новоприезжая (3 «б»), 2-с миэстэ – Аида Иванова (3 «б»), 3-с миэстэ – Айыына Крылова (4 «в»).
«Аптаах холбука» оҥоһук куонкуруһугар: 1 миэстэ – 3 «б» кылаас (кыл. сал. Н.Н. Портнягина), 2-с миэстэ – 4 «в» кылаас (кыл. сал. В.А. Пермякова), 3-с миэстэ – 3 «в» кылаас (кыл. сал. О.Е. Пестрякова) уонна 4 «а» кылаас (кыл. сал. Е.Г. Ноговицына).
Маннык хабааннаах куонкурустар оҕо дьоҕура,талаана аһылларыгар, дьиэ кэргэнинэн түмсүүлээх буолууга төһүү күүс буолаллар. Бажовка аналлаах литэрэтиирэ нэдиэлэтэ интэриэһинэйдик, үгүс оҕону хабан сэргэхтик ааста. Оҕо остуоруйаны ааҕан үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһарын бу нэдиэлэ көрдөрдө.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.