Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр муус устар 23 күнүттэн ыам ыйын 29 күнүгэр диэри Баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйа биллэриллибитэ.
Анал ый сааскы, сайыҥҥы кэмҥэ баьаардар буолбаттарын туһугар өйдөтөр-сэрэтэр үлэҕэ туһуланар сыаллаах-соруктаах.
Күндү биир дойдулаахтарбыт, олорор дьиэҕитигэр, тас тутууларгытыгар уот ситимин, оттуллар оһох ирдэбилин тутуһаргытыгар, кэмиттэн-кэмигэр уларытан, өрөмүөннээн иһэргитигэр сүбэлиибит. Оҕо уотунан оонньооботун туһугар төрөппүттэр дьиэҕэ-уокка сэрэтэр-өйдөтөр үлэни ыытаргыт наадалаах. Хас биирдии ыалга баһаар буолбутун биллэрэр извещателлэр хас хос аайы иилиллэллэрэ ирдэнэр. Дьиэ таһыгар бөҕү уматыы хонтуруолланыахтаах, тыаллаах кэмҥэ таһырдьа уоту оттуу кутталлааҕын өйдөөҥ!
Улууспут олохтоохторо, баһаардар буолбаттарын туһугар бары сэрэҕи тутуһаргытыгар!
Улуустааҕы баһаарынай сулууспа



