Александр Жирков: Аграрнай оскуолалар тыа ыччатын аныгы технология эйгэтигэр уһуйуу, сайдыы кииннэрэ буолуохтара

Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай уорэхтээһин төруттэммитэ 35  сылын чэрчитинэн агро хайысхалаах оскуолалар дириэктэрдэрин, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытта холбоһуктаах сүбэ мунньаҕы тэрийдэ.

Сүбэ мунньахха СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Ньургууна Соколова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров, СӨ  предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа сайдыытыгар миниистирэ Тимур Ханды,  СӨ экономикаҕа миниистирэ Петр Попов, агро-оскуолалар өрөспүүбүлүкэтээҕи Сойуустарын президенэ Феодосия Габышева, «Саха сирин кэнчээри ыччата» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин дириэктэрэ Ирина Черкашина, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай хайысхалаах оскуолалары төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Петр Кондратьев,  агро-оскуола Сойууһун толорооччу дириэктэрэ Петр Дягилев,  Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччылара Афанасий Владимиров, Юрий Николаев, Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ Александр Атласов, Елена ГоломареваАндрей Находкин, Ил Түмэн дьокутааттара, суруналыыстар кыттыыны ыллылар.

Александр Жирков маннык таһымнаах сүбэ мунньаҕы тэрийэр туһунан этии бу дьыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын салайааччыларын кытта буолбут көрсүһүүгэ ылыныллыбыта диэн бэлиэтээтэ.

«Чурапчы уонна Уус-Алдан улуустарыгар ыытыллыбыт мунньахтарга үс сүрүн хайысхаҕа сүбэлэһии буолбута, — диэтэ киирии тылыгар Александр Николаевич. – Бастакытынан, Росссия Федерациятын киин салалтата оҕону үлэнэн иитии суолтатын хаттаан өйдөөн, сөргүтэн эрэр кэмигэр агротехнологическай хайысхалаах оскуолалар үлэлэрин өйүүр сүрүн дьаһаллар тустарынан. Иккиһинэн, агро-оскуолалар үлэлэрин ис хоһоонун, хайысхаларын чопчулааһын. Үсүһүнэн, агро-оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин таһымын үрдэтии, тыа оҕолорун үлэҕэ, билиҥҥи олоххо бэлэмнээх гына иитиигэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын иннигэр турар соруктар тустарынан. Бу үс соругу өрөспүүбүлүкэҕэ балаҕан ыйдааҕы быыбардар кэннилэриттэн саҥа салалта, саҥа бырабыыталыстыба, Ил Түмэн талыллан бүтэн оннун буллаҕына анаан түмсэн сиһилии дьүүллэһиэхпит диэн сүбэлэһэн турабыт».

Сүбэ мунньахха өрөспүүбүлүкэ миниистирдэрэ Ньургууна Соколова, Артем Александров, Тимур Ханды, Петр Попов,  «Саха сирин кэнчээри ыччата» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин дириэктэрэ Ирина Черкашина, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Петр Кондратьев,  агро-оскуола сойууһун толорооччу дириэктэрэ Петр Дягилев агро-оскуолалар үлэлэрин сүрүн хайысхаларын туһунан, чуолаан  бу үлэҕэ хайа өттүнэн өйөбүл, көмө буолуохтарын туһунан бэйэлэрин көрүүлэрин аһаҕастык кэпсэттилэр, үгүс ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Икки чаас кэриҥэ барбыт мунньахха өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын дириэктэрдэрэ өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын тылын-өһүн сирэй көрсөн олорон истэн, мунаарар боппуруостарыгар хоруй, сүбэ ылан тарҕастылар.

Сүбэ мунньах кыттыылаахтара күнү-дьылы ыыппакка агротехнологическай хайысхалаах оскуолалар үлэлэрин инники торумун (концепциятын) саҥардан ылынарга, үлэ сүрүн ис хоһоонун уонна кинилэр иннилэригэр туруоруллар соруктары, агро-оскуола статуһун чопчулуурга быһаарыы ылыннылар.

Сүбэлэһии түмүгүнэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков туруорбут сүрүн этиилэриттэн мунньах кыттыылаахтара ордук:

— агро-оскуолалар сокуон быһыытынан инникитин даҕаны куораттарга буолбакка, тыа сиригэр тэриллиэхтэрэ, ордук чуолаан ыраах сытар аҕыйах оҕолоох оскуолаларга болҕомто ууруллуоҕа;

— агро-оскуолалар рейтиннэрин көрүүгэ бу оскуола бэйэтэ талбыт хайысхатынан хайдах үлэлиирэ сүрүн көрдөрүү буолуоҕа;

— агро-оскуолалар үлэлэригэр өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ, тэрилтэлэрэ бэйэлэрин көмөлөрүн улаатыннарар туһугар саҥа дьаһаллары, балаһыанньалары ылыныахтара;

—  агро-оскуолаҕа үөрэммит оҕо хайаан да үрдүк үөрэххэ, үлэҕэ ити хайысхаҕа барыахтаах диэн буолбатах, агро-оскуола оҕо бары өттүнэн дэгиттэр, олоххо бэлэмнээх буоларыгар көмөлөһүөхтээх;

—  агро-оскуолалар тыа сирин ыччатын аныгы технология эйгэтигэр уһуйуу саҥа кииннэрэ буоларга дьулуһуохтаахтар. Кинилэртэн итинник хайысхалаах үлэ күүскэ ирдэниэҕэ — диэн этиилэри ылыннылар.

«Россия Федерацията кэнники кэмҥэ ыччаты-оҕону үлэҕэ уонна Ийэ дойдуну көмүскээччи тыыныгар иитиигэ балайда күүскэ хатыһан эрэр. Бу өттүгэр улахан тэрээһиннэр, үп-харчы хамсааһына саҕаланна.

Ити хамсааһыҥҥа кыттыы бүгүҥҥү мунньах чэрчитинэн этэр буоллахха, биһиги оскуолаларбытын, үөрэх, ыччат тэрилтэлэрин үлэлиир базаларын хаҥатарга, бөҕөргөтөргө эмиэ туһалаах буолуоҕа. Ону өйдүөххэ. Үлэҕэ иитии уонна патриотическай иитии биир эйгэлээхтэр. Төрөөбүт алааска, ийэ сиргэ таптал, төрүт омукка сыһыан уонна үлэҕэ бэлэмнээх, саталлаах, кыайыылаах буолуу тэҥ суолталаахтар, тэҥҥэ туттуллуохтаахтар», — диэн Александр Николаевич туһаайда.

Миниистир Ньургууна Соколова этиититтэн: Өрөспүүбүлүкэ 27 улуустарыгар аграрнай хаһаайыстыбанан дьарыктанар 101  оскуола баар, олор истэригэр  27— малокомплектнай оскуола, 16 — Арктика оройуоннарын оскуолалара киирэллэр. Бу оскуолаларга 12200 оҕо үөрэнэр. Олохтоох омуктар үгэс буолбут сүрүн дьарыктарын таһынан мүөттээх ыҥырыаны иитии, эмтээх үүнээйилэри хомуйуу, чинчийии, сир аһын хомуйуу, айылҕа харыстабыла, ИТ-технологияны тыа хаһаайыстыбатыгар сайыннарыы,  аныгы бизнес-бырайыактары оҥоруу курдук хайысхалар сайдан эрэллэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай хайысхалаах оскуолалары төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Петр Кондратьев этиититтэнМин санаабар, технологияҕа сыстыбыттарын быһыытынан, билигин агро-оскуолалар «агротехнологическай култуура оскуолалара» диэн ааттаныахтаахтар. Дьарыктаныы ис хоһооно уларыйыахтаах. Ол аата, биридимиэти биридимиэт быһыытынан үөрэтии билигин туһата суох.  Биһиги технологияҕа киириэхтээхпит. Ол эбэтэр, сүөһүнү хайдах аһатан элбэх ыамы ылар, үүтүн тупсарар туһунан толкуйдуохтаахпыт. Итиэннэ оскуолалар технологиянан бэйэлэрэ дьарыктанан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бэйэлэрэ оҥорон таһаарыахтаахтар. Холобура, суорат оҥоруутунан, бурдугу ыһыынан, килиэби оҥоруунан, балыктааһынынан… Үүннэрэрин үүннэрдиннэр, ыырын ыатыннар, ол гынан баран, сүрүн соруктарынан саҥа технологияны баһылааһын, сайыннарыы буолуохтаах. Ол бородууксуйатын атыылаан, оҕолор хамнас аахсыахтаахтар. Үөрэнээччилэр билигин үлэһит дьон курдук сылдьыахтаахтар. Арассыыйа оҕо 14 сааһыттан үлэлиирин көҥүллүүр, 16-тан биисинэскэ сыстарын биһириир. Ол аата, үрдүкү кылаас оҕолоро биисинэһинэн дьарыктаныахтаахтар. Мин бу хайысхаҕа үлэлэри суруйталаан турабын. Оскуола урукку курдук тылынан үөрэтиинэн дьарыктаныа суохтаах диэн этиибэр – сатабылга эргиллэн кэлэбит. Оҕо агро-оскуолаттан үлэнэн иитиллэн сатабыллаах киһи буолан уһаарыллан таҕыстаҕына, олоххо бары өттүнэн толору бэлэмнээх киһи буолан тахсыаҕа.

Ил Түмэн пресс-сулууспата