Бу баскыһыанньаҕа, олунньу 11 күнүгэр, биир дойдулаахпыт СӨ народнай художнига, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, монументалист-скульптор, ССРС (РФ)художниктарын, СӨ суруйааччыларын, Россия суруналыыстарын союзтарын чилиэнэ, Россия художниктарын Союһун “Духовность. Традиция. Мастерство” кыһыл көмүс мэтээлин, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Дүпсүн, Атамай нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Дүпсүнтэн төрүттээх Василий Васильевич Бочкарев төрөөбүтэ 80 сылын туолар. Народнай художник Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ, монументалист-скульптор үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ СӨ культураҕа уонна духовнай сайдыыга министрэ Афанасий Ноев председателлээх 11 киһиттэн турар республикатааҕы комиссия тэриллэн үлэлиир. Комиссия бигэргэппит былааныгар Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын музейыгар итиэннэ СӨ Национальнай библиотекатыгар СӨ художниктарын, суруйааччыларын, суруналыыстарын союзтарын тэрийиилэринэн Василий Васильевич үбүлүөйүнэн олоҕун устатыгар айбыт скульптурнай оҥоһуктарын быыстапкалара, ахтыы киэһэлэрэ буолуохтара. Биһиги улууспутугар эмиэ итинник хайысхалаах тэрээһиннэри республикатааҕы комиссия чилиэнэ Анатолий Сторожев салалтатынан улуус киинигэр итиэннэ Дүпсүҥҥэ ыытыллыахтара.

Бүгүн биир дойдулаахпыт 80 сааһа бэлиэтэнэринэн бииргэ үөскээбит доҕоро, поэт, суруналыыс Иннокентий Сыроватскай Василий Васильевич оҕо уонна оскуолатааҕы сылларыттан ахтыытын биэрэбит.

***

Баһылайдыын биһиги биир алаас уйгулаах уутун иһэн, остуол ньуурун курдук таалар налыы хонуутугар таалалаан үөскээбит дьоммут. Төрөппүттэрбит Энгельс аатынан колхоз колхозтаахтара этилэр. Бааска элбэх оҕолоох ыалга улаханнара этэ. Бэйэтэ ахтарынан кини иннинэ төрөөбүт үс оҕото өлбүт уонна кэлин сэттэ оҕото киһи-хара буолбут ийэтэ Дьэбдьиэй оҕолоругар: “Убайгыт оҕо хаатын хайа тэбэн эһиги бааргыт онон кинини көрө-харайа сылдьыҥ”, – диэн мэлдьи этэ, саната сылдьара үһү. Дэбдэ барахсан сэрии сылларыгар икки оҕуһунан фермаҕа от тиэйбит кыайыгас-хотугас үлэһит, бэйэтэ да саха дьахтарыгар бөдөҥ-садаҥ эрээри наһаа аһыныгас, уйан сүрэхтээҕэ. Бааскатын оҕолоруттан наһаа өрө тутарын, атаахтатарын өйдөөбөппүн. Сыры-сыллатааҕы эмдэй-сэмдэй оҕолору төрөтүү, көрүү-истии, аһатыы-сиэтии, үөрэттэрии, атахтарыгар туруоруу кыһалҕата, түбүгэ элбэҕэ сыттаҕа.

Оҕо сааспыт ахтылҕаннаах алааһа, оччотооҕу кыра колхоз киинэ, дьоно-сэргэтэ таптаан түөлбэлээн, ууһаан-тэнийэн үөскээбит Ампаардаах алаас Сэргэлээҕэ, Туолайа, Таппата, Арыы Тумса, Тумуһаҕа этилэр. Сэргэлээххэ сэрии иннинэ соҕотох уулуссалаах колхоз киин бөһүөлэгэ, Таппаҕа кыстык, Арыы Тумсугар сайылык фермалар бааллара. Кыстык фермалаах буолан Таппаҕа ыала да, оҕото-уруута да элбэх этэ. Ону Чамалҕа диэн ааттыыллара. Бааска дьоно ол Чамалҕаҕа дьиэ-уот туттан олорбуттара. Биһиги аҕабыт ханна да туспа дьиэ-уот туттубакка, наар ыалга дьукаах олорор буоламмыт, Сэргэлээҕинэн, Чамалҕанан, Нааранан, Муннугунан, Баарданан, Дүөндү Тэкэрээттэтинэн, Аччыгый Балаҕаннааҕынан сыл ахсын көһө сылдьарбыт. Ханна да түптээн оҕону кытта оонньуур, доҕордоһор диэн суоҕун кэриэтэ этэ.

Ол эрээри оҕо эрдэҕинээҕи олохпут сүрүннээн Ампаардаахха эбитэ буолуо. Бэйэм өйдүүрбүнэн, Чамалҕаҕа Араатар Мэхээс диэн биригэдьиир, тылын баһа “совмин, совнарком” диэн тыллаах ыалга кыстыыр, Атыыр Баһа диэн Туола атаҕын соҕотох дьиэтигэр сайылыыр этибит. Чамалҕаҕа олорор кэммитигэр Лукачевскай Бүөккэ, Рожин Бааска – Кыһычча, Гоголев Вяча – Тоҥус, убайа Гоголев Коля – Отонньут, Өлөксөөндөрө эмээхсин сиэннэрэ Коля, Рома Гороховтар, Бааска уонна мин буолан Сэргэлээххэ киирэр ыллык суол кытыытынан дьирикилии сылдьаммыт тииккэ тигээйи уйата ыйанан тэйгэллэн турарын мутугунан сэриилиирбитин өйдүүбүн. Ол сылдьан ким эрэ тоҕо быраҕан кэбиспитигэр дьэ доҕоор тигээйи бөҕө саба түспэт дуо? Куотуу буолла. Үгүспүт тигээйигэ тиктэрэн ытааһын-соҥооһун бөҕө. Сарсыҥҥытыгар ким илиигэ, ким сирэйигэр тигээйи тикпит онно лоппойо иһэн тахсыбытын көрө-көрө кэпсээн омуннуруу бөҕө. Бааска онно тиктэрбитин-тиктэрбэтэҕин билбэппин. Арай Бүөккэ Лукачевскай тигээйигэ таптарбатах герой буола түспүтэ. Аны Таппаҕа кыыстыын-уоллуун сөтүөлүү сырсарбыт. Таппа муҥхаланар балачча улахан күөлэ тубус туруору сыгынньах сирэйдээх сыырын тэллэҕиттэн дириҥ чүөмпэ уулааҕа. Сөтүөлээн тахсан баран көмүк сыырын сууллан тохто сылдьар туруору сирэйигэр наһаа элбэх хараҥаччы уйата баара. Онно ыттан тахсан хараҥаччы тута сатыырбыт. Чамалҕа олохтоох уолаттара Вяча уонна Бааска хараҥаччы уйатыгар илиилэрин батары угалларын көрө-көрө салларбыт.

Биирдэ биһиги Атыыр Баһыгар олордохпутуна, арааһа 1950 сыл сайыныгар, арай Ампаардаахха парашютунан икки нуучча түһэн соһуппуттарын өйдүүбүн. Ону көрөөрү Сэргэлээххэ 1,5 км курдук сиртэн эдьиийбин сайыһан таас бөтөрөҥүнэн сырсан тиийбиппит. Онно өргө диэри уос номоҕо буолбут көр-күлүү бөҕө буолбута. Парашютистартан биирдэрэ алаас ортотугар телефон остуолбатыгар, иккиһэ алаас саҕатыгар тиит мутугар ыйанан хаалбыт этилэр. Ол саҕана Наараҕа олохтоох Акаары Мэхээһэ дэнэр (Гоголев Мэхээлэ) сааһыра барбыт киһи Чамалҕаттан Сэргэлээххэ киирэн иһэн көрбүтэ арай, сөмөлүөттэн икки туох эрэ маҥан түһэн иһэр эбит. “Оо, нууччалар суруктарын мүччү туттулар,-” диэн ытыһын тоһуйбут, оттон парашюттар аһыллан тэллэс гыммыттарыгар: “Айабыын, эмиэрикэлэр аатамынай буомбаларын бырахтылар, өлөр буоллум”, – диэн төҥүргэн төрдүгэр түспүтэ үһү. Көр ол саҕана идеологическай пропаганда чахчы күүстээх эбит. Биһигини да эмиэрикэ буомбата буолуо барымаҥ диэбиттэрин үрдүнэн оскуолаҕа үөрэнэр эдьиийим аах: “Биһиэнэ, парашуттаах дьон”, – диэн көрөөрү сырсыбыппыт. Сэргэлээххэ сугулаан дьиэҕэ тиийиибитигэр алаас иһинээҕи дьон, үксэ оҕолор, эдэрдэр үөмэхтэһэ сылдьаллара. Кэлин ол парашюттаах дьон Бээдигэ түһүөхтээхтэрин алҕаһаан Ампаардаахха түһэн биһиги төрөппүттэрбитин уйаларыгар ууну киллэрэ сыспыт, биһигини сонурҕаппыт эбиттэр.

Биирдэ Сэргэлээххэ олорор кэммэр Наараттан ыла убай туттубут Кыһычча (Гоголев Бааска кэлин партийнай үлэһит) Таппалары кытта күрэхтэһиэхпит диэн өссө үөрэммэт Баабый Баасканы (Василий Босиков, поэт Василий Босягы) кытта эрчийэбин диэн турда. Ампаардаах көбүс көнө хонуутунан Чэриктэйгэ тиийэ барар, өссө 1936 сыллаахха тардыллыбыт төлөпүөн линиятын остуолбалара көбүс-көнөтүк кылыйсан иһэннэр ыһыах халанчатыгар тиийбэккэ тосту өҕүллэн Туолайынан Дүөндүлүүр оҥоһуулаах аартыгы көрбүтүнэн халыҥ сискэ тахсан ааһа тураллара. Ол тосту өҕүллүүгэ өйөөбүллээх остуолба баара. Хамандыырбыт ол өйөөбүллээх остуолбаны эргийэ сүүрэн манна кэлиэхпит диир. Биһиги ол 11 остуолба ырааҕар да, күрэхтэһии да туһунан улаханнык ороһуйбат, ээҕи эрэ кытта сылдьар дьоммут. Баһылайбыт бастакы, мин иккис, Баабыйы кыра диэн миигиттэн үс остуолба инники туруорда. “Чэ” диэн хамаандалыырын кытта сырсыы буолла. Убайбыт өр гыммакка маҥнай миигин онтон Баабыйбын сититэлээн, сотору өйөөбүллээх остуолбаны эргийэ көтөн кэлэн хардары ааһан иһэн: “Бытааҥҥыт, түргэтээҥ”, – диэн биһигини тиэтэтэр уонна биэтэк диэки түһэ турар. Иннибэр остуолба уһунун саҕа сиринэн уолум сиэлэн лэппэйэн иһэр, сырдык баттаҕа күкээрэр. Сүүрүүтүн эппэт да бытааран да ылбат. Мин да саба баттаан ааһа түһүөх санаам суох. Күрэхтэһии эрэ, сах эрэ, күкээркэй төбөнү ситэн кэпсэтэ-кэпсэтэ бииргэ лэппэйэн иһэр санаа баар. Ситиэхчэ буолан иһэн уолбар кэпсэтэ-кэпсэтэ сэргэстэһэ сүүрэн тэҥҥэ тиийиэх диибин. Уолум да аккаастаммат, өссө тэҥҥэ тиийэртэн үөрэр быһыылаах. Ол курдук сэлэһэ-сэлэһэ биэтэккэ тиийэрбит аҕыйах миэтэрэ хаалыыта дьээбэлэниэх санаа киирэн уһулу түһэн кэбиһэбин. Ону эрэ күүппэтэх уолум барахсан сиргэ лах гына олоро түһээт албыннаабаккын буолбаат диэн ытаан муҥнанар. Ити курдук икки хас күн сүүрдүбүт. Ол аайы оҕо барахсан наһаа өс киирбэҕин уонна наһаа түргэнник аһаран кэбиһэрин иһин хат-хат албыннаан ытатарым. Онно да өс туппат. Чэ оонньуу барыах диэн сып-сырдыгынан мичилийэ турара бу баарга дылы.

Василий Бочкарев сиэнэ Лилиялыын уонна кыыһа Леналыын, 2015 с.

Онтон дьэ Чамалҕаларбыт күрэхтэһэ хаһыа да буолан тиийэн кэллилэр. Хамандыырбыт Кыһычча биһиги үһүөбүт эрэ. Атын оҕо суох. Уус Бааска уола Куола ыалдьар. Онон үс киһитэ талыҥ диир. Аны сүүрэр сирбит өйөөбүллээх остуолбаны эргийэн кэлиэхтээхпит диир. Таппалартан миигин кытта Бааска Бочкарев сырсар буолла. Бааскам миигиттэн үс сыл балыс да буоллар сут ааһан, өҥ дьыллар эргийбиттэрин кэннэ төрөөбүтүнэн 1941 сылга сут оройугар төрөөн баран сутаан, хаста-хаста өлөөрү куттаан 1945 сылга эрэ хаампыт аһаах туруктаах, ыарыы муҥа иинэҕэс эттээбит киһитээҕэр быдан чиргэл, төрөлкөй уолу саҥа көрбүттүү хойуу куударалаах баттаҕын, бэйэтигэр эрэллээх, холку туттуутун, мүчүк-мүчүк гына-гына тургутардыы төбөтүн хамсата көрөн ыларын уонна били дьирикилиир да, хараҥаччылыыр кэмҥэ быдан сылбырҕатын билэр буолан, дьиксинэ санаабыппын өйдүүбүн. Ол гынан баран таппаларбыт уон биир остуолбаны эргийэртэн саллан итиэннэ оскуола бастыҥ быһыйа Бээчэ Лукачевскай аймахтарыгар Өнөргө барбытынан тыл-тылга киирсибэккэ тарҕаһан хаалбыппыт быһыылааҕа.

Бааскабын кытта ыкса бодоруһуум дьоно Дүөндүгэ Ампаардаахтан аймахтара Оруоһуттар дьиэлэрин көһөрөн киллэрэн олохсуйбуттарын кэннэ дьукаахтаһан кыстаабыт икки сылбар саҕаламмыта. Билигин сөҕө саныыбын ээ, бэккэлээтэр 7-8-таах нуучча дьиэтигэр оҕолуун-уруулуун бэйэлэрэ уонча уонна аҕаларын аймахтара Маайака, кэргэнэ Чабычах Лэгэнтэй (Иннокентий Андреевич Босиков), иитэр уоллара, төгүрүк тулаайах Василий Васильевич Рожин, онно эбии биһиги төрдүөбүт. Дьэ ол төбөлөөҕүнэн 17 киһи хайдах батан олорбуппутун. Оччолорго Дүөндү ыаллара бары да оннук симиллэн олорор буолан, буолар буолуохтааҕын курдуга эбитэ буолуо. Бааскалаах дьиэлэрэ Көрдүгэн алааһын үрдүгэр баара. Онон күһүн-саас хаар түстэр эрэ элбэх буолан сыыртан салааскалыыр этибит. Ол сылдьан Бааска балта Розалыын иккиэн илиилэрин тоһутан алгысчыт, тойуксут, уҥуох тутааччы Баһылайкаан оҕонньор (Гоголев Василий Петрович) маһынан чартаан сотору оһон мэһэйдэппэккэ тэҥҥэ оонньуур этилэр.

Бааскалаах ийэлэрэ оҕолоноору балыыһаҕа киирдэ. Роза наһаа сытыы, тыллаах-өстөөх оҕо этэ. Ийэлэрэ уолу дуу, кыыһы дуу аҕаларын таайыы бөҕө. Роза: “Уол буолуо, оччоҕо Бааска көрүө”, – диир. Онуоха Бааска: “Кыыс буолуо, оччоҕо Роза көрүө”, – дэһэллэр. Соһуйуох иһин ийэлэрэ уоллаах-кыыс игирэлэри төрөтөн илдьэ таҕыста. Били хардары-таары ким оҕо көрүөхтээҕэр найыласпыттарыгар айыыһыттара өһүрбүтүн курдук игирэлэр сотору өлөн хаалаахтаабыттара.

Аны биирдэ саас этэ. Эдьиийим Маайыс уонна Дэбдиэй дьиэни үрүттэри-аннылары сууйа сылдьаллара. Ол кэмҥэ Баасканы кытта бииргэ үөрэнэр Захар Соловьев кэллэ. Дьиэ сууйуутугар мэһэйдээмээри эбитэ дуу Бааскабыт: “Биһиги дьиэбит үрдүгэр икки бинтиэпкэни аҕам уурбута. Тахсан көрүөҕүҥ”, – диэбитигэр өрүкүнэһэ түстүбүт. Дьиэбит кырыыһата суох. Кирилиэһинэн ыттан тахсан бириһиэн суулаах саалары ороон ылан көрүү-истии бөҕө. Ол сылдьан Захар тутан турар саатын өрө көтөҕөн кыҥыыр, эргичиҥниир. Ол мучумааннана сырыттахпытына арай: “Не валовать, положь!” – диэн саҥаны истэн өйдөөн көрбүппүт сыарҕалаах аттан икки тоҥ нуучча дьиэбит бүтэйигэр тохтоон тураллар эбит. Биһиги нууччаттан куттанан, түһээт да дьиэбитигэр дьылыс гынан хааллыбыт. Биһигини тилэх баттаһа биирдэстэрэ киирэн Бороҕоннуур суолу ыйыталаста, уу көрдөөн истэ, бөппүрүөскэтин хостоон табахтаата уонна махтанан баран тахсан барда. Муҥар дьиэ үрдүгэр тахсар кирилиэс турар эркин түннүгэ суоҕа. Ол дьон барбыттарын кэннэ дьиэбит үрдүгэр ойон таҕыстыбыт. Көрбүппүт сааларбыт суохтар. Нууччалар уоран барбыттар диэн хайдах да буоларбытын билбэт буолуохпутугар диэри уолуйдубут. Арай Бааскабыт ытыы түһэн баран, бөһүөлэк диэки сүүрэ турда. Захар биһиги аҥаһан баран туран хааллыбыт. Ытыы-ытыы аҕатыгар тиийэн түөрэ кэпсээн биэрбит. Тута дьон мондоҕойдоро сыарҕалаах атынан эккирэтэн Тэкиидэ диэн Дүөндүттэн 6-7 биэрэстэлээх ферма турар сиригэр тириэрдибэккэ ситэн ылан дьэгдьийбиттэр да, саалары булбатахтар. Оройуонтан милициялар тахсан бөһүөлэги ылан кэбистилэр. Биһигини эмиэ доппуруостаатылар.   Ол сааларын уоруйахтар дьон  эккирэтэн иһэллэрин билэн быраҕан кэбиспиттэрин күһүнүгэр отоннуу сылдьар оҕолор булбут этилэр. Суолтан чугас от быыһыгар сыталлара үһү. Бааска куттанан кистээн кэбиспэккэ, тута аҕатыгар тыллаабатаҕа буоллар дьыала тугунан эргийэн тахсыаҕа эбитэ буолла.

Бааска оччоттон чиэһинэй, хорсун эбит диэн ити түгэни ахтары наадалаах дии саныыбын. Аны Бааска ийэтин утумнаан уйан, аһыныгас дууһалааҕын, чугас киһитин кыһалҕатын өйдүүр уонна ис сүрэҕиттэн бэйэтигэр ылынан тута көмөлөспүтүнэн барарын тус бэйэбэр сыһыаран кэпсиэхпин баҕарабын. Ол маннык. Баһылайдаахха дьукаах олорор кэммэр дьиэбититтэн чугас урукку Дүпсүн таҥаратын дьиэтин үрүт тутууларын көтүрэн баран кулууп оҥостоннор, онно мотуорунан үлэлиир киинэ көрдөрөллөрө. Дьэ биһиги сыырбытыгар үлүһүйэн салааскалыыр да кэммитигэр кулуупка киинэ мотуора тыаһыа эрэ кэрэх Бааскабыт ытыы түһээт, дьиэтин диэки сүүрэрэ. Ол тиийэн боруогу атыллаат да ытыырын эбэн биэрэрэ. Оччоҕо ийэтэ: “Бу уол эмиэ туох буолан сирэйэ-хараҕа силиннэ?” – диэн мөҕүттүбүтэ буолар. Уола: “Ийээ, киинэ буолан эрэр дии”, – диэн ытыырын тохтоппот. Ийэтэ оҕотун аһынан буолуо 5 харчыны куду анньар. Уола барбат, ытаабытын курдук ытыы туран: “Иккиэбит дии!” – диэн ытыырын эбэн харчытын эптэрэн ылар. Дьиэттэн тахсаат хаһан да ытаабатах киһи буола түһэр уонна миигин барыах диэн мүчүк-мүчүк гынар. Оннук хаста-хаста доҕорбунаан киинэлээбиппит эбитэ буолла. Мин сылгыһыт аҕалаах, сыл оройугар туорах сиэмэ, эт, арыы дохуоттанар ыал хантан харчыланыахпыт кэлиэй, 5 харчы да көстүбэт дьоно этибит. Аҕабыт үлэлээн тоҥон-хатан кэлээт да, бурдук тардар тааска сиэмэни мэлийэн, лэппиэскэ үөлэн буһардаҕына эрэ аһыырбыт. Эт буһарынан сиир кэтэһиилээх, үөрүүлээх да буолара. Колхозтаах, элбэх үлэһитэ суох, үксүгэр аҥардас ийэлээх, эбэтэр аҕалаах ыаллар олохторун таһыма оннук этэ. Биһиги ыалы кэрийэн дьукаахтаһар ыал оҕото, атын-атын кылааска үөрэнэрбитинэн да уонна бииргэ олорбот буолан, онуоха эбии кэлин кыһыннары-сайыннары интернакка олорор буолан букатын да тэйсэн ылбыт түгэммит кэлин мин кэргэн ылан дьиэлэммитим кэнниттэн Баһылай куораттан дойдулаан, эбэтэр төннөн иһэн ыалдьыттыыр, хонор буолуоҕуттан саҕаланан олоҕун тиһэх күннэригэр тиийэ бөҕөргөөбүтэ. Онно тарҕана барбаппын.

Оскуолатааҕы сылларыттан салгыыр буоллахха, Вася сэттис кылааска үөрэнэн иһэн, тохтоон икки сыл колхоз үлэһитэ буолбута. Ити кэмҥэ маһы хаамтарбат эрэ уус үүнэн иһэрин ыалларга таҥас уурар ыскааптарын, гардеробтары, трюмо сиэркилэ атаҕын, остуоллары, өйөөбүллээх олоппостору тупсаҕай көстүүлээх гына оҥорон итэҕэппитэ. Оскуола иһинэн колхозтаах ыччаты кэтэхтэн үөрэтэр 7, 10 кылаастарга киэһээҥҥи үөрэх аһыллыбытыгар суруттаран сэттиһи бүтэрбит күһүнүгэр аҕыс кылаастаах үөрэхтээһин сокуона тахсан, орто-анал үөрэххэ киирэн идэ ылаары, сүтэрбит атын көрдүү сылдьан оскуола директорыгар киирэн көрдөһөн ахсыска салгыы үөрэнэр буолбута. Ити кэмҥэ Дүпсүҥҥэ бастакы үөрэх кыһата  тэриллибитэ 100 сыла туоларын бэлиэтииргэ уураах, дьаһал тахсан, тэрийэр-салайар дьоҕурун, үөрэх-иитии боппуруоһугар саҥаны, кэскиллээҕи киллэрэргэ баҕатын көрдөрбүт Иван Степанович Колодезниковы оройуон салалтата директорынан анаан ыыппыт кэмэ этэ. Саҥа директор уолу кытта кэпсэтэн баран, ылбыт эбит. Дьэ итиннэ Вася аны мастан чочуйар дьоҕура арыллыбыта. Кини оҕолор прикладной искусствоҕа үлэлэрин оройуоннааҕы быыстапкатыгар хатыҥ мастан чочуйан оҥорбут скульптурнай оҥоһуктара улахан кэрэхсэбили ылбыта. Ордук космоска ракетаны көтүтээри илиитин өрө ууммут греческэй мифтэр геройдарын санатар туох баар былчыҥнарын күүрүүтэ көстө сылдьар атлеты, бэл түөһүнэн кып-кыһыл лиэнтэтэ кэнниттэн эриллэ эриллибитинэн субуллан иһэрин кытта биир мастан чочуйбута көрбүтү эрэ сөхтөрбүтэ. Кэлин ону санаттахпына, Василий Васильевич: “Ити үлэлэрим мин скульптор буолар баҕабын кынаттаабыттара, чочуйар дьоҕурум арыллыытын бастакы хараҥаччылара этэ”, – диэн кэпсиир буолара.

Оҕо оҕотуттан диэбит курдук доҕорум саха талааннаах монументалист-скульптора, кэрэ киһи, кырдьыгы этэртэн, билинэртэн куттаммат хорсун санаалаах, аһыныгас, иэйинньэҥ куттаах буола айылҕаттан айыллыыта оҕо сааһыттан арыллыбытын бэлиэтээри атыҥҥа тохтуу барбакка ахтыыбар киллэрэ сатаатым.

Иннокентий СЫРОВАТСКАЙ–Дүөндүн