Кэптэнигэ сыл аайы сайылыкка сайылыыр ыаллар бааллар үһү диэн истибитим хас да сыл буолла. Ол ыалы баран билсибит киһи диэн санаабын минньиппитим эмиэ ыраатта. Ону дьэ ситтим, сыал-сорук оҥостон тиийэ сырыттыбыт. Кырдьык, бөһүөлэктэн 10-н тахса км тэйиччи, суола-ииһэ мөлтөх сиргэ баар эбит. Аара, таарыйа буолбакка, чахчы анаан тиийиэххэ эрэ сөп.
Хаптаанньа сайылыкка холкуос, сопхуос саҕаттан сылгы, сүөһү бөҕөтө тоҕуоруспут сирэ. Оччолорго сайылыктааһын диэн күүскэ сайдыбыт кэмнэрэ этилэр. Хаптаанньаҕа билигин ону туоһулуур улахан титиик элээмэтэ эрэ баар. Бу ураты сир икки Улуу эбэлэртэн тардыылаах үрэхтэр силбэһэр сирдэригэр турар. Ол курдук Мүрү Эбэттэн уутун бэриһиннэрэр Маладьаайы, Таргылдьыма күөлтэн саҕаланар Таргылдьыма үрэхтэр Хаптаанньа арҕаа тумуһунан силбэһэллэр эбит. Онон угут дьылга үрэх аппата туоллаҕына кыра өрүскэ холоонноох буоллаҕа. Оннук ууллаах дойду быйаҥнаах буоллаҕа. Ол иһин сопхуос саҕана Маладьаайы үрэҕин устун алта сайылык баара үһү.
Билигин бу сайылыкка биир эрэ ыал олорор. Матрена, Петр Кычкиннар Хаптаанньаҕа сайылыыр буолбуттара 30 сыл буолбут. Кинилэри кытары оҕолоро, сиэннэрэ тахсыһаллар эбит. Онон сайын үтүөтүгэр сопхуос кэминээҕи сайылык киэбин ылар эбит, киэһэ хойукка диэри оҕо саҥата чуопчаарар.

Манна хайдах кэлбиттэрин туһунан Петр кырдьаҕас маннык кэпсиир:
– Мин сааһым тухары ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит киһибин. Ол эрээри уруккуттан сүөһүлээх этибит. Дойдубут тутулун уларыппыт 90-с сыллар саҥаларыттан сопхуостар ыһыллан бардылар, сайылыктар умнулуннулар. Ол кэмҥэ бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев тыа сирин дьоно сайылыктаргытын сөргүтүҥ, онно тахсан сайылааҥ диэн этиитин ылынан, 1996 сыллаахха бу сайылыгы сөргүтэргэ санаммыппыт. Бастаан үс ыал этибит. Онтон олох түһүүтүн-тахсыытын дьайыытыттан элбэх оҕолоох-уруулаах дьон, биһиги, хаалан олоробут. Онтон ыла номнуо 30 сыл ааһа охсубутуттан бэйэбит да соһуйабыт. Оҕолорбут улаатаннар бэйэлэрэ хаһаайыстыба тэринэннэр, аны бу сайылыгы кинилэр да тутан хаалалларыгар улахан эрэллээхпит.
Мин сайылык хаһаайынынаан биир тылы түргэнник булан балачча кэпсэттибит. Сайылыкка былыргыттан өлгөм үүтү ыары тахсаллар буоллаҕа. Онон төһө үүтү туттаралларын туоһуластым. Онуоха киһим хомолтотун этэр уонна тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи балаһыанньатын туһунан санаатын үллэстэр:
– Билигин барыта 40-ча сүөһүлээхпит. Мантан ыанар ынаҕа 15 буолар. Ол эрээри нэһилиэккэ үүт тутар сыах суох буолан, аһыырбытыгар диэн 4-5 эрэ ынаҕы ыыбыт. Урут илии сэппэрээтэринэн сүөгэй сүүрдэн, ону сыахха илдьэн 1 т тиийэ туттарар этибит. Аны сыахпыт сабыллыаҕыттан төбө харчытыгар көстүбүт. Онон үүтү туттарарбыт көҥүллэммэт. Ол бэриллэр харчыбыт аҥаарын быйыл быһан кэбистилэр. Дьиҥэр, биһиэхэ, 15 ынахтаах дьоҥҥо, 500-чэкэ тыһ. солк. кэлэрэ. Ол от кэмигэр сэлээркэ, саппаас чаас хааччынарбытыгар абырыыр этэ.
Уопсайынан, тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи бэлиитикэтигэр бэйэм көрүүлээхпин. Аҥаар кырыы барыбытын холбоон тэрээһиннээх хаһаайыстыба тэрийэ сатыыллара табыллыбата буолуо. Биһиги, холобур, атахпытыгар турбут, тиэхиньикэнэн толору хааччыммыт, кэннибититтэн салҕааччылардаах дьон, итинниккэ сөбүлэспэппит. Хас биирдии киһи санаатын истэллэрэ наада.
Кырдьыга да, Кычкиннар бу Хаптаанньа сайылыгы саҥалыы тыыннааннар, дьаһанан олорор ыаллар. Бөһүөлэктэн үс алааһы нөҥүөлээн, үрдүк сыырдары дабайан, суола-ииһэ суох систэринэн күөрэ-лаҥкы түһэн тиийиллэр балачча тэйиччи сир. Быйыл өссө кураан саас буолан уу диэни көрбөккө тиийдибит. Угут дьылларга систэр уулара тиэхиньикэни даҕаны «илиһиннэрэр» буолуохтаахтар. Ол суолун барытын Кычкиннар бэйэлэрин эт илиилэринэн солоон оҥорбуттар. Оттон сайылыктарыгар дьиэ-уот бөҕөтө. Күн уотунан үлэлиир батареяларынан электричествонан хааччыналлар. Быр-бааччы тэринии диэн маннык буоллаҕа.
Петр кырдьаҕас сайылык туһунан олус үчүгэй санааны эттэ. Сайылык диэн үлэ оскуолата диир. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ бары сайылыкка сайылаабыт, оҕо саас атын дьолун билбит оҕолор. Ол иһин сүөһү ииттэн да барыстанан, байылыаттык олоруохха сөбүн толору өйдөөннөр аны сиэннэр эмиэ сүөһү ииттэр баҕалаахтарын биллэрбиттэр. Киһи сөҕөрө диэн кинилэр тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыана суох үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр эбээт. Онон сайылык чахчы үлэ оскуолата эбит. Кычкиннар сайылыгы тыынныыр аналлаахтар.
Афанасий СЕКТЯЕВ













