Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн инниттэн дьон-сэргэ георгиевскай лиэнтэни иилинэрэ үгэс быһыытынан олохсуйда. Бу – Россия олохтоохторун күүстээх патриоттуу санааларын көрдөрөр.
Бүгүн «Георгиевскай лиэнтэ» Бүтүн Россиятааҕы аахсыйаҕа улууспут дьоно кыттыстылар. Ол курдук «Биир ньыгыл Россия» баартыйа улуустааҕы салаатын көҕүлээһининэн улуус дьаһалтатын, улуустааҕы ИДьО, суол-иис инспекциятын, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин салалтатын эдэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна нэһилиэк депутата, «Бастыҥнар хамсааһыннара» тэриллии исписэлииһэ киин уулуссаҕа тахсан, кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээн ааһар дьоҥҥо, суоппардарга георгиевскай лиэнтэлэри түҥэттилэр.
Мария Аргунова


















