Уус Күөлүгэр интернат дьиэ кырдьаҕастара уонна бэтэрээннэр олохтоох түмсүүлэрэ күрэхтэстилэр

Бүгүн Курбуһахтааҕы интернат-дьиэҕэ олус сэргэх күн буолан ааста – Лукерья Аммосова салайааччылаах Курбуһах нэһилиэгин «Төлөн» ветераннарын түмсүүтэ уонна интернат-дьиэ кырдьаҕастара аҕыс араас көрүҥҥэ күрэс былдьастылар.

Биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэргэ куруук сөбүлээн оонньуур «Баарыс» оонньууларыгар 1-кы миэстэни интернат олохтооҕо С.С. Румянцев, 2-с миэстэни «Төлөнтөн» Е.Е. Оконешникова, 3-с миэстэни интернаттан Е.А. Никитин ыллылар.

Бильярдка эрийсиилээх күрэхтэһии түмүгүнэн интернаттан С.И. Алексеев 1-кы миэстэни ылла, биир мээчигинэн хаалан ыалдьыппыт Г.Г. Васильев 2-с миэстэ буолла.

Сахалыы остуол оонньууларыгар ыытыллыбыт күрэс барыбыт интэриэһин тарта. Бу түһүмэххэ Лукерья Егоровна «Биэс ойбон», «Тыксаан» оонньууларын аҕалан олус бэһиэлэй, улахан киирсиилээх күрэс буолла. «Биэс ойбоҥҥо» ыалдьыппыт Н.Е. Пестрякова кыайыылааҕынан таҕыста, оттон интернат кырдьаҕаһа М.Г. Румянцева 2-с миэстэ буолла. «Тыксааҥҥа» кыттыбыттар бүтэһигэр диэри тэбис-тэҥҥэ кииристилэр, кыайыылааҕынан интернат олохтооҕо И.И. Петров таҕыста, ыалдьыппыт Т.П. Черноградская 2-с миэстэ буолла. Тырыыҥкаҕа интернат олохтооҕо М.Г. Румянцева кыайыылаах буолла, 2-с миэстэни «Төлөнтөн» Е.Е. Оконешникова, 3-с миэстэни ыалдьыппыт Н.Е. Пестрякова ыллылар.

Хамаанданан күрэхтэһиигэ мээчиги корзинаҕа киллэрии, сыал быраҕыыта, быаны эрийии күрэхтэһиилэр эмиэ бэрт көхтөөхтүк ыытылыннылар. Түмүккэ 179 очкону ылан «Төлөн» түмсүү хамаандата кыайыылаах аатын ылла, интернат кырдьаҕастара 168 очколанан иккис миэстэ буоллулар.

Ыалдьыттарбыт сахалыы баахыла, минньигэс барыанньа, Евдокия Петровна, Гаврил Гаврильевич Васильевтар дьиэ кэргэннэрэ дырыһааҥкы кэһиилэнэн кэлэннэр, кырдьаҕастарбыт түөртүүр аһылыктарыгар тото-хана, астына сөбүлүүр астарын амсайан үөрүүлэрэ муҥура суох. Онон «Төлөн» түмсүү ветераннарыгар, салайааччы Лукерья Аммосоваҕа интернат олохтоохторун сэргэхситэн, минньигэс кэһиилэринэн күндүлээн барбыттарыгар улахан махталбытын биллэрэбит, инникитин даҕаны сибээспитин тутан өрүү билсэ туруохпут диэммит баҕа санаабытын тиэрдэбит!

Мария Винокурова