Инники олохпут хайдах буолуохтааҕа барыбытыттан тутулуктаах. Биһиги өйбүт-санаабыт, хайдах дьаһанан олоруубут, ыччаты хайдах иитэн таһаарарбыт үлэлиир­тэн үлэлээбэттэн тутулуга суох, барыбытыгар хас биирдии киһиэхэ сыһыаннаах, барыбыт ытык иэһэ.

Аҕа көлүөнэ биһиэхэ дьоллоох олоҕу аҕалбыта. Онтон орто көлүөнэ үлэҕэ-хамнаска, өбүгэ үтүө үгэстэрин тиэрдии­гэ, дойдубут историятын харыстыырга, үйэтитиигэ, о.д.а. эдэр көлүөнэҕэ биэрэр ытык эбээһинэспит буолар. Онон РФ Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин ааспыт сылы наставник сылынан бары өттүттэн толкуйдаан анаабыт, салгыы бу наставниктар бары үлэ хайысхатыгар баар буоларын туһунан эппитэ.

Онон сибээстээн биир дойду­лаахпыт, СӨ наставникта­рын сүбэтин бочуоттаах са­­ла­йааччыта Анастасия Божедонова уонна Нам улууһун куратора, СӨ наставник­тарын сүбэтин чилиэнэ Мария Габышева көҕүлээһиннэринэн наставниктар хамсааһыннара саҕаламмыта. Соторутааҕыта Нам улууһугар Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр тэрээһиннэригэр улууспутуттан кытынныбыт. Делегация састаабыгар Ытык сүбэ чилиэ­нэ Дария Находкина, координационнай сүбэ салайааччыта Марфа Алексеева, улуустааҕы дьахтар сүбэтин чилиэнэ Владилена Колесова, Дүпсүн нэһилиэ­гин наставник­тарын сүбэтин салайааччыта Галина Бочкарева уонна улуус­тааҕы наставниктар сүбэлэрин координатора Наталия Говорова киирдибит.

Сарсыардаттан музейга экскурсия, Түбэ нэһилиэгин нас­тавнигын салайааччыта Роза Лукина тэрийиитинэн “Собо балык” быыстапка дьон болҕомтотун тардар гына көр­дөрүлүннэ. Пленарнай чааска Нам наставниктарын сүбэтин сала­йааччыта Анастасия Заболоцкая сыл устата туох үлэ-хамнас барбытын билиһиннэрдэ, Нам улууһун баһылыгын со­циальнай боппуруоска солбу­йааччы Юрий Дьяконов наҕараадалары туттарда. Салгыы наставниктар нэһилиэктэринэн үлэлэрин уопутун билиһиннэрдилэр. Ол курдук, “Сайыҥҥы кэмҥэ дьиэ кэргэн, аймах оҕолорун түмүү, үлэнэн уһуйуу, сахалыы сиэри-туому үөрэтии”, ”Эбээ, эһээ уруоктара”, “Көлүөнэ ситимэ” балыктаа­һын үөрүйэхтэригэр уһуйуу диэн тиэ­мэлэргэ иһитиннэрдилэр.

Ол кэнниттэн ыалдьыттар – Уус Алдан улууһун наставник­тарын сүбэтин координатора Наталия Говорова наставниктар үлэлэрин уопутун, Мэҥэ Хаҥаластан “Тыҥ хатыыта” ийэлэр общественнай түмсүүлэрин сал. Александра Николаева, Майа наставниктарын сүбэтин чи­лиэнэ, “Түмэн” иис сыаҕын сал., СВО аналлаах таҥастары тигии Фе­дора Наумова, СӨ наставник­тарын сүбэтин сал. Анна Пермякова, “Бэс Чагда” санаторий бэрэстэбиитэлэ ыытар үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Байыаннай сулууспалаахтар дьыалаларыгар, бойобуой хамсааһын ветераннарыгар, патриотичес­кай иитии уонна общественнай тэрилтэлэри кытта үлэлэһэр комитет сал., Ил Түмэн вице-спикерэ Александр Подголов бастыҥнары наҕараада­лаата. Тэрээһиҥҥэ олус туһа­лаах маастар кылаас­тары “Трезвая Якутия” общес­твеннай тэрилтэ сал. Матвей Лыткин, “Тыа сирин ыалларын дохуоттарын үрдэтии» тиэмэтигэр баа­һынай ха­һаайыстыбалар уонна коопера­тивтар СӨ Ассоциация­ларын дириэктэрэ Зарема Бочкарева, ХИФУ психологияҕа кафедратын профессора Мария Прокопьева, “Көмүлүөк” компания ген.дириэктэрэ Ольга Григорьева биэр­дилэр.

Тэрээһинтэн элбэҕи билэн-көрөн, астынан кэллибит. Улуус­путугар уопсастыбаннай түмсүүлэри уонна тэрилтэлэри түмэн, биир өйгө-санааҕа киирэммит, бэйэбититтэн тутулуктааҕы оҥороммут олохпутун сайыннарыаҕыҥ!

Наталия Говорова, Уус Алдан улууһун наставник­тарын сүбэтин координатора, СӨ наставниктарын сүбэтин чилиэнэ