Саҥа дьыл сынньалаҥын үгэнэ. Бу дьиэ кэргэн кэмэ буоллаҕа. Чэриктэй нэһилиэгин олохтоохторо үс оҕолоох Любомира уонна Геннадий Дмитриевтар оҕолорун сэргэхситэн бырааһынньыктааҕы өрөбүллэрин туһалаахтык атаараллар.
Бүгүн Дьокуускайга Саха циркэтигэр сылдьан олус сэргээбиттэр, астыммыттар.
Ыал ийэтэ Любомира бу туһунан маннык кэпсээтэ:
– Бүгүн дьиэ кэргэнинэн «Солнце тундры» диэн саҥа дьыллааҕы цирковой остуоруйаҕа сылдьан олус астынныбыт, оҕолор бастакы сылдьыылара буолан олус диэн сөхтүлэр. Олох киһи биир тыынынан көрөр туруоруута эбит. Москваттан тиийэ акробаттар кэлбиттэр, араас кыыл-сүөл барыта баар.
Кэрэли, Айхаана, Одун Саха циркэтин көрбүттэрэ оҕо саастарын биир дьоллоох күнэ буолбута саарбаҕа суох, Айхаана этэр: «Мин циркачка буолуохпун баҕардым. Саамай сөбүлээбитим салгыҥҥа үөһээ да үөһээ төгүрүккэ эргийэр кыыс уонна балерина. Чахчы Саҥа дьыллааҕы остуоруйа курдук, наһаа сөбүлээтибит».
Мария Аргунова