Үөрэхпин бүтэрэн, Суотту орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан анаммытым. Үс аҥаар сыл үлэлээбитим. Бу кылгас кэмҥэ учуутал идэтигэр уһуйуллууну барбытым, тургутуу, үлэ оскуолатын ааспытым. Кэлин маҥнай үлэлээбит сылларбын эргитэ санаан, ырытан көрдөхпүнэ, Суоттуга үлэбин саҕалаабытым мин олохпор улахан табыллыым эбит.
Үлэтин саҕалыыр эдэр үлэһиккэ аҕа сүбэһит диэн биир анаммыт киһи эрэ буолбат эбитин кэлин өйдөөбүтүм. Коллективка холобур буолар, үлэҕэ, дьоҥҥо, үөрэнээччилэргэ, олоххо сыһыаннарынан иитэр дьон бэйэлэрэ да билбэттэринэн аҕа сүбэһит буолуохтарын сөп. Үлэбин саҕалыырбар баар дьонтон сорохторун махталынан ахтан ааһыахпын баҕарабын.
Суоттуга тиийэн, оҕо эрдэхпиттэн билэр, Бороҕоҥҥо ыаллыы олорбут учууталым Е.И. Поповалаахха түспүтүм. Онон Екатерина Ивановна курдук уопуттаах учууталтан, муударай, үтүө санаалаах Далбар хотунтан, нэһилиэк ытык киһититтэн алгыстаах, кини кынатын анныттан үлэҕэ үктэммит эбиппин. Оччолорго Екатерина Ивановна республикаҕа биллэр алын кылаас учуутала этэ. Республикаҕа бэлиэтэммит баай ис хоһоонноох кабинеттааҕа. Кини тахсыылаах үлэтин билсэ кэлэр учууталлар элбэххэ үөрэнэн, махтанан бараллара. Партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ буолан оскуола үлэтигэр-хамнаһыгар биир тутаах киһи этэ.
Саҥа кэлбит учууталлары оскуолаҕа бастакынан көрсүбүт киһибит дириэктэр М.Н.Абрамов этэ. Кыргыттар үһүөн биир дьиэҕэ олоруохпутун этэн, бэйэтэ батыһыннара сылдьан, олорор дьиэбитин булларбыта, туох наада буоларын булан-талан олохтообута. Онон бастакы күнтэн саҥа кэлбит дьон күүтүүлээх ыалдьыт курдук санаммыппыт быһыылааҕа. Михаил Николаевич, ураты үлэһит, түргэн-тарҕан туттуулаах, дьаһаллаах, эппитин толорор, эдэр учууталларга болҕомтолоох дириэктэрбит, нэһилиэк исполкомун салайааччытынан талыллан тохтообута. Кэлин Суотту оскуолатыгар дириэктэринэн төннөн кэлэн, оскуола инники сайдыытыгар улахан хамсааһыны таһаарбыта.
Иккис дириэктэрим историк уонна юрист идэлээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх И.И. Пирожков буолбута. Миигин оскуола уонна кылаас таһынан үлэни тэрийээччинэн анаабыттара. Иван Иванович кабинетыгар ыҥыран үлэм хайысхаларынан сүбэлиирэ, бэйэтин оскуолатааҕы оҕо сааһыттан кэпсээн холобур аҕалара, холобур, учком үлэтин тэрийии туһунан уо.д.а. Хаһаайыстыбаннай үлэни кыайа тутара. Оҕолорго, ордук уолаттарга, ураты болҕомтолооҕо, мөхпөккө аҕалыы сүбэлиирэ. Иван Иванович үлэнэн иитии, олоххо сыһыарыы, оҕо оҕоттон үөрэниитэ инники тутуллуохтааҕын этэрэ, киэҥник көрөргө, докумуоннарга олоҕурарга үөрэппитэ.
Кэлбит сылбытыгар кылаас таһынан үлэни тэрийээччинэн, онтон совхоз парткомун салайааччытынан В.И. Данилов үлэлээбитэ. Кини уопсастыбаннай үлэҕэ сыһыарбыта. Валерий Иванович салайыытынан комскомнары кытта бииргэ үлэлиирбит. Суоттуга саҥа хотону, Саһылыкаан ферматын шефтэһиигэ биэрбиттэрэ, хаар ыраастааһына, дояркалары солбуйуу, кыһыл муннуктары саҥардыы, лиэксийэ ааҕыы курдук үлэлэри ыытарбыт. Совхоз ыччаттарыгар куруһуок үлэлэтэрбит. Консультпууҥҥа учууталлар ыччаттары үөрэтиилэрэ тэриллэ сылдьыбыта. Комсомольскай нэдиэлэ, Ленинскэй нэдиэлэ, ветераннары кытта көрсүһүү, факеллаах “Сулус” памятникка хаамыы үгэс быһыытынан ыытыллара, үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар, оҕуруокка үлэлиирбит.
Оскуола салалтатыгар сыһыаран кэпсээтэххэ, саҥа кэлээт мин 5 «а» кылаас салайааччытынан анаммытым. Кылааспын кытта үлэм үөрэх сылын бүтүүтэ социалистическай күрэхтэһии түмүгүнэн оскуола бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммитэ. Иккис сылбар учуутал күнүнэн оскуола бочуотунай грамотатын, сыл бүтүүтэ комсомол райкомун грамотатын туттарбыттара. Бу мин үлэһит буолан маҥнайгы улахан наҕараадаларым — Суотту оскуолата эдэр учууталга болҕомтолооҕун туоһута, үлэҕэ көҕүлүүр биир ньымата буолар диэн сыаналыыбын. Суотту оскуолатын салайааччылара, учууталлара, техническэй үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, «Лена» совхоз оччотооҕу салайааччылара (дириэктэр Охлопков С.Г.), Суотту олохтоохторо, ыччаттара эдэр учууталларга сыһыаннара олус болҕомтолоох, убаастабыллаах, харыстабыллаах да этэ. Оннук эйгэҕэ, сыһыаҥҥа туох бааргынан кыһаллаҕын, ханнык да үлэттэн аккаастаммаккын, өрө көтөҕүллэн сылдьаҕын. Общественнай үлэттэн аккаастаммакка, өссө үөрэ-көтө кыттарбыт. Салайааччыларбыт такайыыларынан, ыйан-кэрдэн биэриилэринэн мин местком чилиэнинэн, комсомольскай тэрилтэ комитетын чилиэнинэн, сэкиритээринэн, общественность сэбиэтин чилиэнинэн, солбуйар начальнигынан, ыччаттарга комсомольскай куруһуок салайааччытынан, быыбар комиссиятын чилиэнинэн үлэлээбитим.
Үөрэтэр предмеппитинэн наставник диэн уопуттаах учууталлары кытта билиһиннэрбиттэрэ. Миэхэ нуучча тылын учуутала Е.У. Парникова анаммыта. Екатерина Устиновна Белоруссияттан төрүттээх, омугунан белоруска, Могилевтааҕы пединституту бүтэрэн, Саха сиригэр ананан кэлбит. Нууччалыы саҥарар, онон нууччалыы кэпсэтэрбит дэриэбинэҕэ эмиэ туһалаах курдуга. Киһи быһыытынан үлэһит, сэмэй, эппиэтинэстээх. Уруогу ырытарыгар табыллыбыт өттүн бэлиэтиирэ. Номнуо алтынньы ыйга улуус семинарыгар аһаҕас уруок биэрэр буолан, олус куттаммыппыт, долгуйбуппут, сэмээр аккаастанан да көрбүппүт. 7-с кылааска ыыппыт уруокпар районоттан У.К. Никонова, Мүрү оскуолатыттан И.П. Рыбкина, З.Н. Васильева сылдьыбыттара, ырытан сүбэлээбиттэрэ. Суотту орто оскуолатыгар буолбут конференция туһунан «Кыым» хаһыакка Н.С. Колодезников суруйбутун ааҕан наһаа үөрбүппүт. Наставнигым бэйэтэ элбэхтик ааҕар, бэлиэтэнэр этэ. Ону таһынан үлэтин уопутугар олоҕуран дакылааттары суруйара. Методическай түмсүүлэргэ элбэх үөрэнээччи махталын ылбыт уопуттаах учуутал Татьяна Семеновна Пирожкованы кытта методикаҕа сүбэ-ама биэрэллэрэ, эдэр учууталларга сорудах биэрэн анал сурунааллары туһанан лекция, аахпыттан иһитиннэрии оҥоттороллоро. Оннук бэлэмнэнэн ыыппытым өргө диэри туһалаабыта. Литературнай бырааһынньыктарга оҕолору бэлэмниирбит. Екатерина Устиновна оскуола, нэһилиэк тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттара, сыанаттан хоһоон ааҕара. Компартия чилиэнэ.
Оскуола учууталларыгар үлэ ыстааһыттан тутулуга суох дьиҥ аптарытыаттаах салайааччынан завучпут Л.С.Тарская буолара. Киниттэн толлор, ытыктыыр этибит. Ол курдук билиилээҕэ, киэҥ эйгэлээҕэ, тэрээһиннээҕэ, ханнык да предметтэн иҥнибэт таһымнаах методист этэ. Ирдэбили, хонтуруолу күүскэ ыытара эрээри биирдэ даҕаны кими эрэ мөҕөрүн, дьон истэригэр итэҕэһи ааҕарын истибэтэхпит. Куруутун холку, намыын саҥалаах, дьоҥҥо биир тэҥ убаастабыллаах сыһыаннаах, наһаа болҕомтолоох, күлүүлээх түгэннэри көтүппэт, ис иһиттэн культуралаах, дьиҥнээх интеллигент. Людмила Семеновна уруоктарга элбэхтик сылдьара, сиһилии ырытара. Ырытыы түмүгэр уруогум үчүгэй эбит диэн өйдөбүлгэ киллэрэр эрээри маннык гыннахпына өссө үчүгэй буолар эбит диэн санаалаах тахсаҕын. Оттон толоругас буоларга истиэнэҕэ ыйанар анал таблицаны көрөҕүн. Анаммыт күннэргэ турбут (+). (–) хамсатара, хаалыылаах буолбакка кыһалыннарара. Онон наһаа иһирэхтик саныыр убаастыыр завучпут бэйэни сыаналанарга, итэҕэскин өйдөөн, туоратарга үлэлэһэргэ, ирдэбили чуолкайдык толорорго үөрэппит эбит.
Биир куруук махталлаах аҕа сүбэһиппинэн Р.Р. Кулаковская буолар. Раиса Реасовна учуутал, кылаас салайааччытын, профком председателин, общественник быһыытынан, барытыгар айымньылаах сыһыанынан холобур буолара, киниттэн элбэххэ үөрэммиппит. Бэйэбитигэр кытаанах ирдэбили туруорунарга үөрэппит Раиса Реасовна этэ. Кини салайар кылааһа — оскуола биир бастыҥ кылааһа этэ. Оскуола саамай ураты оҥоһуулаах, баай ис хоһоонноох бастыҥ кабинетыгар үөрэнэллэрэ. Кабинет оскуолаҕа духовнай киин курдук этэ. Народнай суруйааччылар, биллиилээх дьон кэлэн, оҕолору, учууталлары кытта көрсүһүүлэр тэриллэллэрэ. Раиса Реасовна коллективка, о.и.чуолаан эдэр учууталларга ураты болҕомтолооҕо. Оччотооҕу кэмҥэ дэҥҥэ көстөр табаары булан-талан коллектив чилиэннэригэр бэлэх оҥоруу профком иһинэн тэриллэрэ. Биир оннук соһуччу үөрүү миэхэ дьиҥнээх (фирменнэй) джинсы буолбута. Реасовна оскуола, нэһилиэк туһугар ис сүрэҕиттэн долгуйара. Үлэ түмүгэ хаачыстыбалаах, үрдүк таһымнаах, көдьүүстээх; тулалыыр эйгэ табыгастаах, кэрэ; үлэһит бэриниилээх, эппиэтинэстээх; үлэҕэ сыһыан ис санааттан, аныгылыы, тэрээһиннээх; түмүк кэскиллээх, инникилээх буоларыгар кыһаллара. Атыттартан эмиэ оннугу ирдиирэ. Суотту оскуолатын тэрээһиннэрэ ол да иһин оччоттон-баччаҕа диэри оннук түмүктээх буолар. Оскуола нэһилиэккэ — олох киинэ, атын тэрилтэлэри, сопхуоһу кытта биир ситимнээх буоларыгар Реасовна духовнай лидер быһыытынан оруола улахана. Раиса Реасовна бэйэтэ туһунан оскуола этэ.
Аҕа сүбэһитим диэн ытыктабылынан ааттыыбын К.В. Абрамованы. Хатыҥ туһунан ырыаны сөбүлээн ыллыыра, мин бэйэтин аар хатыҥҥа ханыылыы көрөбүн. Талааннаах бастыҥа, наһаа наҕыл көстүүлээх эрээри хоодуот үлэһит, дэлэҕэ даҕаны үлэҕэ үөрэтии дьиэтин бэрэбинэтин аҕалыытыттан саҕалаан бэйэтэ туттарыа дуо. Дьиэ хаһаайката, саха далбар хотуна сатыахтаах араас сатабылыгар, ону тэҥэ ийэлии иһирэхтик олоххо үөрэппит кыргыттара дьоллоох үөрэнээччилэр дии саныыбын. Клавдия Васильевна аһыныгас сүрэхтээх, уопсай дьыала туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар, бэйэтэ дьону көҕүлүүр киһи. Оччолорго олорор сиринэн үлэ күүскэ ыытыллара. Кини түөлбэтэ түмсүүлээҕинэн, бастыҥ үлэлээҕинэн, айымньылаах сыһыаннааҕынан биллэрэ, холобурга сылдьара. Клавдия Васильевна истиҥник санаа атастаһар, сүбэлэтэр киһим буолбута.
Ыллыктаах тыллаах, холку бэйэлээх үтүөкэн киһи Мария Васильевна Заровняева саҥа учууталлары олус истиҥник көрсүбүтэ. Алын кылаас учуутала, үөрэнээччилэригэр иккис ийэ. Уруоктарыгар бэлэмнэнэн, көрдөрөр, эрчийэр, толкуйдатар матырыйаалы хото туттара, оҕо интэриэһин тардар, үлэҕэ көҕүлүүр уруоктары ыытара. Олох-дьаһах туһунан элбэхтик кэпсэтэр этибит. Төрөппүт уонна учуутал сыһыаннарын, сибээһи олохтуур туһунан сүбэлиирэ. Маҥнайгы учуутал диэн олохсуйбут өйдөбүлгэ толору сөп түбэһэр аҕа табаарыспыт. Кэлин улууска ыытыллыбыт “Үөрэнээччи билиниитин ылбыт учуутал” диэн маҥнайгы күрэскэ дьүүллүүр сүбэ оҕолорун биһирэбилин ылан кыайбыта, республикаҕа кыттан кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүтэ.
М.И. Бурнашева-Артамонова биһиги кэлэрбитигэр старшай пионербаһаатайынан үлэлии сылдьар этэ. Дьүөгэ, эдьиий оҥостубут киһибит нэһилиэк ыалларын, ыччатын кытта билиһиннэрбитэ, бэйэтинэн холобур буолара. Пионерскай үлэ күөстүү оргуйара. Тупсаҕай көстүүлээх, толору тэриллээх пионерскай хос переменалартан саҕалаан толору оҕо буолара. Тугу эрэ былаанныы, сүбэлэтэ, сүбэлэһэ, бэлэмнэнэ сылдьааччылар. Матрена Иннокентьевна тэрээһиннэрэ куруутун эрдэттэн толкуйдаммыт, ымпыгар-чымпыгар диэри былааннаммыт, сонун түгэннэрдээх буолара, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллара. Оҕолор, эппиэтинэһи ылынан, сүрүн тэрийээччилэр буолааччылар. Тэрээһин кэнниттэн хайдах ааспытын баһаатайдарын кытта көхтөөхтүк ырыталлара, үөрэллэрэ-көтөллөрө, инникилэрин былаанныыллара. Матрена Иннокентьевна элбэх оҕо сүрэҕэр күүрээннээх олоххо үөрэппит, дьаһаллаах, бэйэҕэ эрэллээх, көхтөөх, үлэттэн толлубат буолууну иҥэрбит киһи буолар. Бэйэтэ сэмэй, ыраас дууһалаах, үтүө санаалаах, ураты үлэһит, сатаабата диэн суох, олоххо көхтөөх киһи.
Үлэтигэр ураты бэриниилээх, хорсун санаалаах, саҥаны саҕалыыр айымньылаах куттаах, инникигэ булгуруйбат эрэллээх, тылын ылыннарар дьоҕурдаах, эппитин хайаан да толорор, тэрээһиннээх Татьяна Афанасьевна Гоголева. Оскуолаҕа “Лена” агитбригаданы салайбыта. Суотту народнай театра тэриллэ илигиттэн куораттан кэлэн оҕолору, улахан дьону дьарыктыыр этэ. Өрүс турар кэмигэр тыал-хаар диэбэккэ кэлиэм диэбит күнүгэр сатыы туораан кэлиэ. Саас, массыына булан, каток курдук килэркэй мууһунан көстүүм таҥаһа ыла Кангалаас маҕаһыыныгар баран кэлиэ. Хаһан да сыанаҕа тахсыбатах дьону тылыгар киллэрэн улахан испэктээкилгэ сүрүн оруолу толотторуо. Оҕо, улахан киһи талаанын арыйар ураты сатабыллаах, үлэлээх кэрэ киһи оччотооҕу Суотту олоҕун сэргэхсиппитэ, байыппыта.
Биһиги үлэлиир кэммитигэр эдэр учууталлар аҕыйаҕа суох этибит. Түмсүүлээх, интэриэһинэй олохтоох этибит, өйөһөн-өйдөһөн үлэлээбиппит, билиҥҥэ диэри истиҥник санаһан билсэбит. Наада буоллаҕына, “эдэрдэр” диэн уопсай тылынан хомурулларбыт, “эдэрдэр” диэн уопсай тылынан хайҕанарбыт, ол эмиэ иитии биир көрүҥэ буолар эбит.
Эдэр үлэһит атын идэҕэ көспөтүн, сайдарын туһугар туһуламмыт үлэ хайа баҕарар тэрилтэҕэ баар буолуохтаах. Салайааччылартан, уопуттаах үлэһиттэртэн саҕалаан, бары эйгэни хабан. Онно холобур буоллун диэн суруйдум.
Педагог уонна аҕа сүбэһит сылын арыйыыга Суоттуга ыҥырыллан сылдьыбытым. Киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох бэртээхэй тэрээһин мааны ыалдьыттарынан бэтэрээн учууталлар буолбуттара. Наставниктарбын көрсөр, ис сүрэхпиттэн махтал тылларын этэр түгэни бэлэхтээбит оскуола коллективыгар, дириэктэр И.М.Петуховаҕа истиҥник махтанабын.
Клара Троева, пед. үлэ бэтэрээнэ