Реабилитационнай кииҥҥэ бүгүн «Ийэ кыыһынаан-2024» диэн үгэс буолбут куонкурус ыытылынна. Барыта биэс ийэ кыргыттарын кытта кытыннылар. Бырааһынньыгы социальнай партнербут Варвара Сидорова ыллаан арыйда.
Биэс түһүмэхтээх куонкуруска кыттааччылар бары күүстээхтик бэлэмнэммиттэрэ көһүннэ. Ырыа да ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр даҕаны, хоһоон да аахтылар. Куонкурус түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ кыттааччыларга «Ийэ Куо Кындыа кыталык кыыҺынаан»,»Ийэ куо Лыҥкынас чуораанчык кыыҺынаан»,«Ийэ Куо Кэрэчээн сибэкки кыыҺынаан»,«Ийэ Куо Нарын үрүмэччи кыыҺынаан»,»Ийэ Куо Көмүс күөрэгэй кыыҺынаан» анал ааттары туттарда.
Ийэлэрбитин, эбэлэрбитин уонна кыттааччылары иитиллээччилэрбит ийэ туһунан хоһооннорунан уонна бэйэбит үлэһиппит Мария Федорова ырыанан эҕэрдэлээтилэр.
Түмүккэ социальнай партнербут Светлана Аржакова истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна бэйэтин бэлэхтэрин туттартаата. Онтон тэрилтэ бастыҥ үлэһиттэрэ уонна специалистар туруорбут бириистэрин туттардылар. Ол кэнниттэн аҕалар, оҕолор, эр дьон күөн-күрэс кыттыылаахтарыгар сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээн ийэлэри, кыргыттары олус үөртүлэр.
Нарыйа Портнягина, иитээччи