Бүгүн – Уус Алдаҥҥа кутурҕан күнэ. Саха Республикатын народнай поэта, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччылар аан дойдутааҕы Союзтарын чилиэнэ, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайына, оҕо литературатын эйгэтигэр Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Саха Республикатын Президенин бириэмийэтин бастакы лауреата, Алампа аатынан общественнай бириэмийэ лауреата, Сергей Есенин кыһыл көмүс уонна Николай Гумилев Улахан Үрүҥ көмүс, Самуил Маршак, Иван Бунин мэтээллэринэн наҕараадаламмыт Саха Республикатын культуратын, бэчээтин, үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын суруйааччыларын Союһун председателэ, Россия суруналыыстарын, суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Нам улуустарын, Мүрү, II Лөгөй, Баатаҕай, Хамаҕатта нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Иван Васильевич Мигалкины тиһэх суолугар атаарыы сиэрэ-туома Уус Алдан улууһун дьаһалтатын улахан саалатыгар ыытылынна.
Талааннаах биир дойдулаахпытын атаарыыга СӨ култуураҕа уонна духуобунаһы сайыннарыыга миниистирэ Афанасий Ноев, “Сахабэчээт” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова, СР суруйааччыларын Союһун председателин солбуйааччы Владислав Доллонов, улуус баһылыга Василий Аммосов, онтон да атын үгүс-элбэх киһи Иван Мигалкины истиҥник аҕыннылар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаннарын тиэртилэр.
Биир дойдулаахпыт туһунан үтүө өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах буолуоҕа! Быраһаай, Уус Алдан биир бастыҥ уола Уйбаан, тапталлаах Мүрүҥ буора сылаас суорҕан, сымнаҕас сыттык буоллун! Быдан дьылларга быраһаай!..