Улууска ытыы спордун сайдыытын кэрдиис кэмнэрэ

Уус Алдаҥҥа 2003 сыллаахха диэри ытыы спордун федерацията суох этэ. Ити сыл күһүнүгэр мин аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Иван Николаевич Оллонов миигин спортинг диэн ытыы күрэһигэр илдьэ барбыта. Спортинг диэн кыра тэриэлкэ курдук анал тэрил көтөн тахсарын ытыы буолар, кус ытарга саамай маарынныыр көрүҥ. Оччолорго бу көрүҥ Саха сиригэр саҥа сайдан эрэринэн уонча эрэ күрэхтэһээччи баара. Олор истэригэр “Туймаада-нефть” салайааччыта, СӨ спортиҥҥа федерациятын бэрэсидьиэнэ Иван Макаров, “Мясной двор” маҕаһыын хаһаайына Айаал Макаров, айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Николай Додохов, Биологичес­кай ресурсалар департаменын иниспиэктэрэ Роберт Константинов, о.д.а. бааллара. Күрэхтэһии уон биэс тэриэлкэлээҕэ. Саамай элбэҕи тардыбыт күрэхтэһээччи сэттэ тэриэлкэни тардыбыта. Бу күрэхтэһиини көрөн баран, улууспар маннык күрэһи ыытар баҕа санаа киирбитэ. Дойдубар Бороҕоҥҥо кэлээт, аҕабар Николай Николаевичка Оллоновка кэпсээн туран, күрэстэ тэрийиэххэ диэн этии киллэрбиппэр үөрүүнэн сөбүлэспитэ.

Аан бастаан күрэхтэһии ыытыах­пыт иннинэ “Оллоон” диэни булчуттар кулууптарын тэрийэн, ол иһинэн ытыы спордун көҕүлээн барбыппыт. Тэри­йээччилэринэн Николай, Иван, Анатолий, Геннадий Оллоновтар, Алексей Нестеров буолбуппут. Тэриэлкэ быраҕар аналлаах үс устуука машинканы аҕам быраа­та Иван Оллонов куораттан булан аҕалбыта. Кулууп бэрэссэдээтэлинэн аҕабын талбыппыт.

Улууска спортинг бастакы күрэхтэһиитин 2004 сыллаахха Кыайыы кү­нүн көрсө ыам ыйын 8 күнүгэр тэрийэн ыыппыппыт. Мантан ыла, спортинг күрэһэ күн бүгү­нүгэр диэри биһиги улуус­путугар сыл ахсын тохтообокко ыытыллар буолбута. Бу күрэстэргэ бастаан Уһун Күөл, Суотту, Бээрийэ, Түүлээх хамаандалара кэлэллэрэ. Сылын ахсын илин эҥээр Кубога диэн илин эҥээр улуус­тарга анаан оҥорор этибит. Онно Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Томпо улуустарыттан кэлэллэр этэ. Тыҥааһыннаах күрэхтэһиилэр киэһээ хараҥарыар диэри буолаллара.

2006 сыллаахха күһүн Суоттуга «Доҕордоһуу» музейыгар улахан калибрдаах буулдьалаах саанан Россия Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан бастакы күрэхтэһиини ыыппыппыт. Онно араас анал подразделениелар, милиция этэрээттэрэ, анал сулууспалар кэлбиттэрэ. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйаты­нан ФСБ подполковнига Иван Гурьев этэ. Ол кэмтэн ыла, улуус­путугар ытыы иккис салаата – буулдьанан ытыы сайдан барбыта. Сылын ахсын буулдьалаах, кыра калибрдаах саанан ытыыга, спортиҥҥа күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытар буолбуппут. 2007 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ Иван Гурьев көҕүлээһининэн “Пневматичес­кое оружие” диэн көрүҥ эбиллибитэ. Саха сирин оскуо­лаларыгар, ДЮСШ-ларыгар, СГУ-га физкультурнай отделениеҕа тренердэр көрүллэн үлэ саҕаламмыта. Бу сыл улууска тиир суох буолан, аҕам Николай Николаевич ытар оҕолорго бэстилиэт атыылаһан, бэйэбит дьиэбит иһигэр ыттарара, ол да­ҕаны син биир кыра этэ. Оннук оҕолорго общественнай тренер буолан дьарыктаан саҕалаабыта. Бастакы үөрэнээччилэрэ Уйгулаана Протопопова (Бурнашева) уонна Нарыйа Местникова (Жиркова) 2008 сыллаахха Приморскай кыраай Спасск-Дальний куоратыгар бараннар, Уһук Илиҥҥэ бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттыыны ылбыттара. Онно Нарыйа бэстилиэтинэн ытыыга үһүс миэстэни ылары ситиспитэ.

2009 сыллаахха сааһыары сайын Саха сиригэр стендэбэй ытыыга Үрдүкү маастарыстыба оскуолатын иһинэн штат арыйан үлэ саҕаламмыта. Ол үөрэххэ биһиги улууспутуттан Юрий Олесов киир­битэ. Ити сыл сайыныгар Манчаары оонньууларыгар аан бастаан спортины киллэрбиттэрэ. Улууспут аатыттан хамаанда сүүмэрдэнэн, үбүлээн күрэхтэһэ барбыппыт. Хамаанда састааба үс спортсмен этэ, оҕолорго Юра Олесов (Сыыр­даах), улахан дьоҥҥо мин уонна Гаврил Березкин (Уһун Күөл). Юра сүрдээх үчүгэйдик ытан, оҕолорго бастаан, улууспутугар кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Кини кэлин элбэх улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Россия­тааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта уонна кыайбыта, миэстэ­лэспитэ, РФ спордун маастарыгар кандидат буолбута.

2013 сыллаахха буулдьанан ытыыга Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар Дайаана Оллонова иккис миэс­тэни ылары ситиспитэ. Да­­йаана улуустааҕы, өрөс­пүү­бүлүкэтээҕи, Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттан элбэхтик чем­пионнаабыта, миэстэлэс­питэ. Кини “Улуус бастыҥ спортсменката” анал аат хаһаайката, Саха сирин спордун маастара, РФ спордун маастарыгар кандидат.

2013 сыллаахха Бороҕоннооҕу оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Николай Готовцев көмөтүнэн буулдьанан ытыы хамнас аҥаарыгар үлэ миэстэтэ арыллыбыта, онно тренеринэн үлэлии киирбитим. Үчүгэй көрдөрүүлээх буолан, сыл курдугунан толору хамнас ылар буол­бутум. 2014 сыллаахха буулдьанан ытыы бэстилиэт көрүҥэр хамнаһым аҥаарын биэрэммин, үлэ миэстэтин аһары ситиспитим. Онно тренеринэн үлэҕэ киир­бит Уйгулаана Бурнашева күн бүгүнүгэр диэри ситиһии­лээхтик үлэлии сылдьар. 2014 сыллаахха Намҥа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар Николай Бурнашев саанан ытыыга 2-с миэстэни, Уйгулаана Бурна­шева бэстилиэтинэн ытыыга 2-с миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Николай Бурнашев улуус­тааҕы, өрөспүүбүлүкэтээ­ҕи, Россиятааҕы элбэх күрэхтэһии­лэр­гэ кыттан кыайбыта, миэстэ­лэспитэ. Кини “Улуус бастыҥ спортсмена” анал аат хаһаайына, Саха сирин спордун маастарыгар кандидат, РФ спордун маас­тарыгар кандидат. Уйгулаана эмиэ итинник таһымнаах элбэх күрэхтэһиигэ кыайбыта, миэс­тэлэспитэ, “Улуус бастыҥ спорт­смена” анал аат хаһаайката, РФ спордун маастарыгар кандидат.

2014 сыл күһүнүгэр 2016 сыллаахха буолуохтаах «Азия оҕолоро» күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии чэрчитинэн Саха сирин хамаан­датын стендовай ытыы олимпийскай көрүҥнэригэр улуустан араас көрүҥҥэ дьарыктана сылдьар оҕолору булан-талан дьарыктаан, сүүмэрдээн, ыттаран көрөн ханнык көрүҥҥэ барсалларынан арааран, «Орто дойду» спортивнай кулуупка буолбут сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ киллэрбитим. Ол күрэхтэһии түмүгүнэн Николай Протопопов трап көрүҥҥэ, Мичил Черкашин скит көрүҥҥэ, Виктор Александров скит көрүҥҥэ талыллыбыттара. Талыллыбыт оҕолор Казань куоракка баран Бүтүн Россиятааҕы Олимпийскай эрэл училищетын иһинэн баар стендэҕэ Россия үтүөлээх тренерэ Светлана Деминаҕа эрчиллибиттэрэ. Онно сылга иккитэ дьарыкка бараллара. Сүүмэрдээһин түмүгүнэн Николай Протопопов уонна Мичил Черкашин Саха сирин хамаандатыгар киирбиттэрэ. Николай Протопопов 2-с миэстэни ылары ситиспитэ. Кини элбэх улахан таһымнаах күрэхтэһии­лэргэ кыайбыта, миэстэлэспитэ. «Улуус бастыҥ спортсмена» анал аат хас да төгүллээх хаһаайына, Саха сириттэн аан бастакынан ТРАП көрүҥҥэ РФ спордун маас­тарын аатын ылбыта. Билигин Николай Протопопов Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Хамаанда 18 чилиэнтэн үс саха уолаттара, Петр Егоров диэн Сунтаар уола Татарстантан, Рамир Николаев Краснодартан, уонна биһиги уолбут Саха сирин чиэһин көмүскүүллэр. Мичил Черкашин эмиэ Саха сириттэн аан маҥнайгынан СКИТ көрүҥҥэ РФ спордун маастара. Спортинг көрүҥҥэ кэнники кэмнэргэ улуус­пут чиэһин Сыырдаах спортивнай ытыы кулуубун чилиэннэрэ Олег Черкашин, Николай Черкашин, Николай Бурцев, Слава Бурцев, Николай Бурцев (“Мебель” маҕаһыын хаһаайы­на), Ариан Аммосов, Альберт Стрекаловскай ситиһиилээхтик көмүскүү сылдьаллар.

Улууспутугар Россия, Саха сирин спорт элбэх маастара, спорт маастарыгар кандидаттара баар буоллулар. Олор истэригэр Ольга Куличкина, Анна Попова, Владимир Оллонов, Иван Оллонов, Арсен Бурцев, о.д.а. 2017 сылтан улууспутугар оҕунан ытыы сайдан барбыта. Бу көрүҥҥэ улуус сүүмэдэммит хамаандатыгар Петр Бурцев (Саха сиринээҕи төрүт оҕунан ытыы федерациятын салайааччыта), Константин Копырин (Тумул оскуолатын дириэктэрэ), Мария Федорова, Надежда Прокопьева, Маргарита Сивцева, Тамара Березкина, Василий Решетников, Оксана Лугинова, Милена Сивцева, Анисия Татаринова, Сусанна Аммосова, о.д.а. бааллар. Бу көрүҥҥэ эмиэ кэккэ үрдүк ситиһиилэр бааллар. Улууспутугар ытыы спорда сайдарыгар элбэх сүбэ-ама биэрбит, күүс-көмө буолбут Николай Оллоновка, убайбар Иван Оллоновка, Алексей Нестеревкэ, Григорий Ермолаевка, Герман Бурцевка, Иван Гурьевка, Айаал Макаровка улахан махтал­лаахпын.

Геннадий Оллонов, ытыы спордун улуустааҕы федерациятын салайааччыта