Улуус культуратын бэтэрээннэрэ олоххо көхтөөхтөр

Сырдыкка-кэрэҕэ угуйар айар дьоҕурдаах дьон баар буолан, ырыа-үҥкүү аргыстанабыт, үөрүү-көтөл доҕордонобут, үлэни, олоҕу таптыыбыт. Олохторун тухары туохха да тэҥнэммэт, айымньы­лаах, ситиһиилээх үлэлэринэн улууспут, өрөспүүбүлүкэбит культурнай, духуобунай сайдыытыгар үйэлээх кылааттарын киллэрбит улууспут культуратын бэтэрээннэринэн киэн туттабыт.

2014 сыл Россия үрдүнэн Культура сыла биллэриллэн араас тэрээһиннэр ыытыл­лыбыттара. Бу сыл ыам ыйын 7 күнүгэр улуус культуратын бэтэрээннэрэ Тааттаҕа С. Омол­лоон аатынан историко-этнографическай музейга Чөркөөххө бара сылдьыбыттара. Бу айаҥҥа сылдьан культура бэтэрээннэрэ Сэбиэт тэринэргэ наадалааҕын этинэн, культура бэтэрээннэрин Сэбиэ­тэ тэриллибитэ уонна бэрэссэдээтэлинэн СӨ культуратын туйгуна Мария Копыринаны талбыттара. Культура сылын чэрчитинэн “Кэхтибэт талаан­нар” культура бэтэрээннэрин улахан кэнсиэрэ, баала тэрил­либиттэрэ. 2015 с. “Көмүс күһүнү көрсө” диэн тэрээһини Суоттутааҕы “Доҕордоһуу” музейыгар тэрийбиттэрэ. 2016 с. культура министерствотын уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи культура бэтэрээннэрин Сэ­биэтин тэрийиилэринэн улуус­тар уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи культура тэрилтэлэрин бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин бэ­рэссэдээтэллэригэр анал­лаах культурнай-үөрэтэр форум Суотту музейыгар ыытыллыбыта. Бэс ыйыгар Бэйдиҥэҕэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улууһун культуратын үлэһиттэрин ыһыаҕар кыттыбыттара.

2019 с. биир дойдулаахпыт П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лау­реата, РСФСР, Саха АССР культураларын үтүөлээх үлэһитэ В.А. Босиковка пааматынньык тутуутугар аналлаах “Сүгүрүйэ­бит, сүдү киһиэхэ” акция-кэнсиэр тэрийэн ыыппыппыт. Алтынньы 10 күнүгэр “Олох көмүс күһүнэ” бэтэрээннэргэ аналлаах бырааһынньык ыытыллыбыта. Алтынньы 29 күнүгэр комсомол төрөөбүт күнүгэр “Эдэр сааһы эргитэн” акция-­кэнсиэри Кэптэнигэ көрдөрбүппүт. Кэнсиэртэн киирбит харчыттан СӨ культуратын туйгуна Н.К. Алексеев туһунан кинигэ тахсыытыгар көмө быһыытынан бэриллибитэ.

Профсоюз сыллата Улуу Кыа­йыы күнүгэр тыыл, сэрии сылын оҕолоругар, аан дойдутааҕы саа­һырбыттар күннэринэн культура бэтэрээннэригэр бэлэхтэри оҥорор. Мария, Аким Бурцевтар ааттарынан ырыа, Н.К. Алексеев аатынан “Дьээбэрэҥ” көр-күлүү, “Мүрү” ырыа конкурстарыгар харчынан кыттыһан бириистэри олохтообуппут. Пандемия кэми­гэр тохтоон баран, 2022 с. В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан ”Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, 8-с спортивнай оонньуулары көрсө ”Ааспыты санаан, саҥаны уруйдаан” акция-кэнсиэри тэрийбиппит. Кэнсиэртэн киирбит үбү 8-с спортивнай оонньуулары тэрийэр фондаҕа укпуппут. Үлэҕэ саҥа киирбит В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар оранжерея оҥорорго анаан 40-ча тыһыынчаны туттарбыппыт. От ыйын 7 күнүгэр Лөгөй аатынан болуоссакка 8-с спортивнай Оонньууларга култуура бэтэрээннэрэ кэнсиэрдээбиппит. Атырдьах ыйыгар “Доҕордоһуу” музейга культура бэтэ­рээннэрин сынньалаҥнарын тэрийбиппит. Сэтинньи 23 күнүгэр Сыырдаахха “Бары бииргэ” акцияҕа кэнсиэр көрдөрбүппүт. Кэнсиэртэн киир­бит 10. 900 солк. харчы анал ба­йыаннай дьа­йыыга анаммыта. Сыыр­даахтан анал байыаннай дьа­йыыга кыттыыны ыла сылдьар 5 оҕолоох Станислав Горохов дьиэ кэргэнигэр культура бэтэрээннэрэ бородууктанан, аһынан-үөлүнэн көмө оҥорбуппут. 2023 с. СӨ культуратын туйгуна Люция Старостина 75 үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ Бээрийэҕэ, Бороҕоҥҥо, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Сивцева 75 үбүлүөйдээх тэрээһинэ Бороҕоҥҥо ыытыллыбыттара. 2024 с. ыарахан ыарыыт­тан олохтон туораабыт Александр Иванов сырдык кэриэһигэр анаан ыытыллыбыт ырыа конкурсугар бэтэрээннэр ааттарыттын бириис олохтоо­тубут.

Быйыл кулун тутар 19 күнүгэр культура управление­тын тэрийиитинэн культура бэтэрээннэрин кытта көрсүһүү ыытыллыбыта. Көрсүһүү түмүгүнэн 10 сыл устата түмсүүнү сатабыллаахтык салайбыт Мария Копыринаҕа өрөспүүбүлүкэ культура бэтэ­рээннэрин Сэбиэтин салайаач­чыта Д.И. Николаев махтал суругун культура управлениетын начальнига Сергей Нафанаилов дохсун ытыс тыа­һыгар туттарда. Бу көрсүһүү түмүгүнэн культура бэтэрээннэрин Сэ­биэ­тин саҥа састааба, бэрэссэдээтэлинэн А.Е. Федорова талылынна.

Улууспут культуратын бэтэ­рээннэрэ бэйэлэрин нэһилиэктэригэр ыытыллар тэ­­­рээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылаллар, нэһилиэктэргэ бэтэрээн сэбиэтин, араас түмсүүлэри салайаллар. Үөрүүлээх да, кутурҕан да түгэннэргэ улуус культуратын бэтэрээннэрэ куруук көмө-өйө­бүл буолабыт. Муус устар 17 күнүгэр культура бэтэрээннэрин Сэбиэтин саҥа талыллыбыт састаабынан Суот­ту музе­йыгар сырыттыбыт.

Саҥа тэриллибит састаап бастакы тэрээһиммитин ыыттыбыт, элбэх этиилэр киирдилэр, туох үлэ-хамнас ыытыллыахтааҕын торумнаатыбыт. Ханнык баҕарар үлэҕэ былааннаах үлэ хаһан баҕарар тахсыылаах буолар, олохпутун бэйэбит интэриэ­һинэйдик тэринэн, кэрэни кэрэхсээн, сырдык санаалаах олох устун хааман, бэтэрээннэрбитигэр күүс-көмө буо­луох­пут диэн эрэллээх тарҕас­тыбыт. Бу тэрээһини өйөөн массыынанан хааччыйбыт салайааччыбытыгар С.С. Нафанаиловка, профсоюз бэрэссэдээтэлэ Г.В. Аммосоваҕа инники үлэбитигэр куруук көмө, өйөбүл буолуохтара диэн эрэнэбит.

Анна Федорова, Уус Алдан улууһун культураҕа управлениетын кылаабынай специалиһа