Улуустааҕы киин­­нэммит биб­лиотекатын тиһигэ быйыл улууска бас­такы народнай биб­лиотека Томторго тэриллибитэ 100 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиибит. Үбүлүөйдээх сыл тэ­рээһиннэрин үрдүк таһымнаахтык бэлиэтиир сыаллаах улуус баһылыгын 76 №-дээх анал дьаһала олунньу 1 күнүгэр тахсыбыта.

Олунньу 2 күнүгэр С.С. Васильев – Борогонскай ааты­нан улуустааҕы киин биб­лиотекаҕа СӨ Ил Түмэн бэ­рэссэдээтэлин I солбуйааччы А.Н. Жирков, улуус баһылыга В.И. Аммосов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствотын отделын салайааччыта В.А. Моисеева, СӨ Национальнай библиотекатын директора С.В. Максимова кыттыы­лаах үбүлүөй тула мунньах буолбута. Үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэрэ олунньу 12 күнүгэр «Ааҕар балаҕантан саҕыллан – куйаар ситимигэр» диэн быыстапканы ары­йыыттан саҕаламмыта.

Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы уус-уран самодеятельноһы кө­рүү-бэстибээл анал сыллары сэргэ библиотека тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыта. Бэс­тибээл чэрчитинэн тэриллэр быыстапка биир сонун түһүмэҕинэн ааҕар дьиэ кэргэни билиһиннэрии киирбитэ. Хас биирдии нэһилиэк ыалын оҕолорун кыра эрдэҕиттэн кинигэ ааҕыытыгар уһуйар бастыҥ дьиэ кэргэттэрин кытыннарбыта.

Ол курдук, Бороҕон нэһилиэгин А.Р. Халдеева аатынан модельнай библиотеката Черкашиннар-Петуховтар-Мальцевтар үс көлүөнэ дьиэ кэргэни билиһиннэрбитэ. Кинилэр өбүгэлэриттэн хаалбыт сэдэх кинигэлэрин реликвия оҥос­тон үгүс быыстапкаларга сыр­даталлар. Дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕыытын конкурстарыгар кытталлар, драмаларга оонньууллар. «Биһиги дьиэ кэргэн айарбытын-тутарбытын сөбүлүүбүт, оҕону сайыннарар кинигэлэри оҥоробут, торт астыыбыт, кырачааннарга миэбэл араа­һын оҥоробут. Айыл­ҕалыын алтыһан, сир астаан, оттоон-­мастаан бииргэ сылдьабыт. Дьиэ кэргэммит эрэл­лээх доҕоро – ки­нигэ. Ааҕарбытын, саҥаттан саҥаны билэрбитин сөбүлүүбүт”, – дииллэр түөрт оҕолоох эдэр ыал Елена, Павел Николаев­тар, Дүпсүн модельнай биб­лиотекатын көхтөөх ааҕаач­чылара. Түөрт кэрэчээн кыыс­таах Надежда, Семен Федоровтар – Суотту модельнай библиотекатын эрэл­лээх доҕотторо. Бэйдиҥэ модельнай библиотекатын ааҕааччылара – кинигэ до­ҕордоох Зинаида, Рустам Атласовтар «Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы – оҕо сайдыыты­гар бастакы олук» диэн кэп­­сииллэр. Үс оҕо­лоох дьиэ кэргэн: «Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн ааҕыыга уһу­йабыт, кинигэни кытта доҕордоһорго үөрэтэбит. Остуо­руйа кэпсиибит, хоһоон, кэп­сээн ааҕабыт, ырытыһабыт. Оччоҕо оҕо ырытыһар, кэп­сиир буолар. Кэп­сээн дьоруой­дарын кытта тэҥҥэ үөрэр, хомо­йор, үтүө санаа­лаах буола улаа­тар». С.Г. Крылов ааты­нан Майаҕас модельнай библиотекатыгар түөрт оҕолоох Алексей, Ирианна Аргуновтар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн кинигэ эйгэтигэр сыhыараллар, элбэх куонкурска кытталлар. Тулуна модельнай биб­лиотекатын ааҕаач­чылара, үс уоллаах Наталья, Петр Тарабукиннар «Кинигэ – үйэлээх өлбөөдүйбэт баай. Кинигэ – киһи доҕоро» диэн санаанан салайтаран, иллэҥ кэмнэригэр дьиэ кэргэнинэн кинигэ ааҕалларын сөбүлүүллэр. Н.С. Пестряков аатынан Уус Күөлүн модельнай библио­текатын (сэб. М.А. Пестрякова) бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнэ Анастасия, Андрей Аммосовтар икки оҕолорун кытта библиотекаҕа өрүү үөрэ-көтө кэлэллэр. К.А. Неус­троева аатынан Чараҥ библиотекатын (сэб. А.А. Хабарова) бастыҥ ааҕаач­чылара аҕыс оҕолоох Туяра, Дмит­рий Федоровтар – библио­тека үтүө доҕотторо. Уһун Күөл биб­лиотекатыгар түөрт оҕолоох Аким, Лена Гуляевтар ос­куо­лаҕа, нэһилиэккэ, улуус­ка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыл­лар ааҕыы куонкурстарыгар ситиһиилээхтик кытталлар. С.С. Аржаков аатынан Бээрийэ биб­лиотекатын бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэттэрэ түөрт оҕолоох Алексей, Акулина Никифоровтар кыра эрдэхтэриттэн оҕолорун ааҕарга угуйаллар. Кинигэ доҕордоох Н.З. Копырин ааты­нан Өнөр модельнай библиотекатын бастыҥ ааҕаач­чылара, икки кыыстаах Людмила, Анатолий Черног­радскайдар уопсай ааҕар стаж­тара 87 сыл эбит. «Дьиэ кэргэнинэн остуору­йаттан саҕалаан саха суруйааччыларын, билиҥҥи кэм суруйааччыларын айымньыларын сөбүлээн ааҕабыт, аахпыт кинигэлэртэн кумааҕынан оҥоһук оҥоробут, оҕолорбутун үөрдээри аахпыт остуоруйаларынан сылын аайы хаартан оҥоһук оҥоробут», – диэн Людмила, Анатолий кэпсииллэр. Кэптэни модельнай библиотекатыгар өрүү сылдьар алта оҕолоох Саргылаана, Егор Копыриннар кинигэни умсугу­йан ааҕар кэккэ сити­һии­лэрдээх бастыҥ ыал буолар. «Оҕолорбутугар кыра эрдэхтэриттэн остуоруйа арааһын кэпсиибит уонна ис хоһоонун уруһуйдатабыт. Улаатан истэхтэрин аайы ааҕар дьоҕурдара сайдан иһэр, үөрэххэ ситиһиилэрэ барыта кинигэни ааҕыыттан кэлэр дии саныыбын», – диэн Саргылаана Копырина санаатын үллэстэр.

«100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» диэн тематическай киэ­һэлэр нэһилиэктэринэн муус устар 5 күнүгэр Чэриктэй нэһилиэгиттэн саҕаламмыта. Тандаҕа, Тиит Арыыга, Өспөххө ыытыллыбыттара. С.С. Васильев – Борогонскай аатынан улуустаа­ҕы киин библиотека бөлөҕө кииннэммит библиотека тиһигин дириэктэрин э.т. И.Д. Копырин салалтатынан «Ааҕар балаҕантан саҕыллан куйаар ситимигэр» быыстапканы кэпсээтилэр. Библиотека историятын «Уран тыл алыба» түмсүү кыттааччылара ааҕар сурунаал форматынан билиһиннэрдилэр, оскуола үөрэнээччилэригэр бэсиэдэлэри, ин­­­теллектуальнай оонньуулары, викториналары ыыттылар. Хас нэһилиэк аайы библиотека бэтэрээннэригэр, социальнай партнердарга махтал суруктар, бастыҥ ааҕааччыларга анал ааттар туттарылыннылар.

Инникитин даҕаны араас хайысхалаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллара былааннанар.

Мария Попова, Февронья Федорова, информационнай-методическай киин үлэһиттэрэ

Хаартыскаҕа кинигэ доҕордоох Зинаида, Рустам Атласовтар, Өлтөх нэһилиэгин олохтоохторо

Читайте дальше