Биһиги оскуолаттан ыла доҕордуубут. Сааспыт тухары өрүү билсэ турабыт. Тиһэх төгүлүн балыыһаҕа киириэр диэри. Ваня оскуолаҕа биһигиттэн уратыта диэн олус элбэҕи ааҕара уонна ону сатаан кэпсиирэ. Сороҕор биһиги кини кэпсээнин чааһы быһа “айахпытын атан” олорон истэрбит. Мин эмиэ син ааҕар буоламмын кэпсэтэр ыырбыт киэҥэ.
Кини сытыы-хотуу, турбут-олорбут, кэлбит-барбыт уол этэ. Оскуолаҕа сылдьан сүүрүүнэн дьарыктанан испитэ. Сүүрэн барыбытын тулуппата, кыайара. Иллэҥ кэммитигэр арҕаа маҕаһыын үрдүнэн баар сыырга оонньуурбут, арыый улаатан баран онно тутуллубут “Батыйаҕа” тахсан ону-маны кэпсэтэрбит. Элбэҕи ыраланар этибит, ким туох буоларын ырытыһарбыт. Оскуолатын аатыттан “Артекка” сынньанан кэлэн баран кэпсээнэ-ипсээнэ өссө элбээбитэ, ырата ыраахха тиийбитэ. 8-с кылаас кэнниттэн Бүлүүтээҕи педучилищеҕа киирэн баран миэхэ балачча элбэхтик суруйара. Ол курдук, Москваҕа да үөрэнэ сылдьан, кэлин үлэлии да сылдьан элбэхтик суруйсарбыт. Кэлин биирдэ: “Мин суруктарбын быраҕыма, ууран ис. Кэлин наада буолуо”, — диэбитэ. Ол иһин сорох суруктара миэхэ билиҥҥэ диэри бааллар. Бу суруктары хат ааҕан көрдөххө биһиги көлүөнэ ыччатын өйө-санаата, олоҕо-дьаһаҕа, сайдыыта ырылыччы көстөн кэлэр.
Бу санаатахха, Ванябыт соҕотох ийэҕэ, элбэх оҕолоох ыалга олус кырыымчыктык иитиллибит-улааппыт эбит. Биһиги кыахпыт баарынан кыратык харчы ыытан көмөлөстөхпүтүнэ сүрдээҕин үөрэрэ, махтанара. Ол эрээри, материальнай интэриэс диэн биһиэхэ суоҕа, иитиибит, олохпут укулаата оннуга. Таҥнар таҥас борустуойа, искин тоторор ас баар буолла да сөп буоларбыт. Биһиги сүрүн доҕорбут кинигэ буолара. Ким туох саҥаны, үтүөнү билбитин, интэриэһинэй кинигэни аахпытын үллэстэр, сэһэргэһэр этибит.
Ваня дьоҥҥо туһалаах айымньылары суруйан, бэчээккэ таһаартарар күүстээх баҕалааҕа, онно дьулуһара. Бэчээт цензурата кытаанах буолан, үгүс суруйуутуттан биир эмэ күнү көрөрө. Айымньыта бэчээккэ таҕыстаҕына олус үөрэрэ, киэн туттара. Оскуолатааҕы сылларыттан Баанньа туруоруммут сыалыгар ыппыт охтуу барара. Ону олоххо киллэрэр туһугар сыратын-сылбатын барытын уурара. Мин санаабар, кини сирдээҕи олоҕун сыалын ситистэ, ол эрэн өссө да айыа-тутуо хааллаҕа… Сүрэҕин сылааһын иҥэрбит айымньылара үгүс көлүөнэ дьоҥҥо биһирэбили ыла туруо диэн толору эрэллээхпин.
Анатолий Гоголев, суруналыыс, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Дьокуускай к.