Уус Алдан улууһун судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин уонна общественнай хааччыйыы идэлээх сойуустарын комитетын отчуоттуур-быыбардыыр конференциялара кулун тутар 14 күнүгэр ыытылынна.
2020 сылтан профкому улуус дьаһалтатын аппараатын салайааччыта Мария Данилова, кини кэнниттэн Мария Заболоцкая салайан бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтибит. Уус Алдан улууһун государственнай тэрилтэлэрин уонна общественнай хааччыйыы идэлээх сойуустарыгар барыта 458 чилиэн, 29 бастакы сүһүөх идэлээх сойуустар тэрилтэлэрэ, ревизионнай комиссия, президиум үлэлээн кэллэ. Ол курдук, улуус 21 нэһилиэгин дьаһалталарыттан 20 нэһилиэк дьаһалтата, улуус дьаһалтата, улуустааҕы баай-дуол управлениета, улуустааҕы тутуу уонна архитектура управлениета, улуустааҕы үп управлениета, Уус Алданнааҕы ЕДДС, улуустааҕы кииннэммит бухгалтерия, улуустааҕы социальнай управление, улуустааҕы саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин, Курбуһахтааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин үлэһиттэрэ чилиэн быһыытынан киирэллэр. Бу сылларга профсоюз уопсай ахсаана аччаабакка, кыралаан эбиллэн биир кэлим турар. Бу сыл олунньу устата бастакы сүһүөх профсоюзтарга отчуоттуур-быыбардыыр конференциялар ыытыллан, бу түмүгэр бэрэссэдээтэл уларыйда.
Уус Алданнааҕы комитет үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ куруук инник күөҥҥэ сылдьар, 2022 сыл түмүгүнэн 2 группаҕа (300-500 чилиэннээх профсоюзтарга) 1 миэстэни ылары ситиспиппит, 2023 сыл түмүгүнэн эмиэ 1-кы ылары ситистигит диэн конференция кэмигэр иһитиннэрэн үөрүүбүт үксээтэ.
Ыытыллыбыт үлэ отчуотун истэн баран, конференцияҕа кэлбит делегаттар үчүгэйинэн сыаналаатылар уонна саҥа бэрэссэдээтэлинэн Мүрү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытын Вероника Сивцеваны таллылар. Вероника Петровна өр сылларга маҥнайгы сүһүөх профком тэрилтэтин салайбыт уопуттааҕынан өр кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлииргэ эрэллэрин эттилэр.
Түмүккэ, бииргэ үлэлэспит коллегаларбытыгар, өрөспүүбүлүкэбит комитеппытыгар салайааччыбыт Вячеслав Алексеевка, Альбина Нусугуроваҕа, Мария Томскаяҕа, Александр Винокуровка, Дмитрий Хлусовка, улуустааҕы идэлээх сойуустар координационнай сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлигэр Галина Аммосоваҕа, үөрэхтээһин профкомун бэрэссэдээтэлигэр Анна Поповаҕа, казначейбытыгар Варвара Герасимоваҕа, президум чилиэннэригэр, ревизионнай комиссиябытыгар, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр профсоюзтарыгар, улуус дьаһалтатын управлениеларын бары үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Мария Заболоцкая