Сэллиги сэрэтэр уруһуй күрэһин кыайыылаахтара билиннилэр

Сэллиги сэрэтэр ый чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэригэр анаан ыытыллыбыт «Профилактика туберкулеза» улуустааҕы күрэс түмүгүн бүгүн таһаардылар. Күрэскэ Мүрү оскуолаларыттан, Орто Эбэ анал, Чэриктэй, Суотту оскуолаларыттан барыта 16 үлэ киирбит.

Кыттааччылары эҕэрдэлээн туран, кыайыылаахтарга мэҥэ суругу уонна анал бирииһи улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев туттарда. Ол курдук, бастакы бөлөххө 7-11 саастаах оҕолорго 1-кы миэстэни Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 2-с «в» кылааһын үөрэнээччитэ Уйгулаана Атласова, 2-с миэстэни Суотту орто оскуолатын үөрэнээччитэ Марина Охлопкова, 3-с миэстэни Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 2-с «в» кылааһын үөрэнээччитэ Айтал Попов ыллылар. Оттон иккис бөлөххө 12-17 саастаах оҕолорго 1-кы миэстэни Чэриктэй орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Айхаана Дмитриева, 2-с миэстэни Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 7-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ Наташа Бочкарева, 3-с миэстэни Чэриктэй орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Люда Кривошапкина ситистилэр. Итиэннэ «Самый информативный рисунок» анал аатынан Орто Эбэ анал оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Виталий Турантаев биһирэннэ.

Бу сыллата ыытыллар күрэһи Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин дьаһалталара, Роспотребнадзор улуустааҕы салаата, улуустааҕы социальнай көмүскэл салалтата, кииннэммит балыыһа уонна сэллиги эмтиир диспансер өйөөн тэрийэллэр.

Мария Аргунова