Санаа ситимэ: ханнык эксээмэни, идэни таллыҥ?

Быйыл улуус үрдүнэн 9-с, 11-с кылааһы бүтэрэр 561 үөрэнээччи Государственнай түмүктүүр экзамены туттарыаҕа. Биир кэлим государственнай экзамен (ЕГЭ) ыам ыйын 23 күнүттэн, сүрүн государственнай экзамен (ОГЭ) ыам ыйын 21 күнүттэн саҕаланыахтара. Экзамеҥҥа быйылгы сүрүн уларыйыылары эттэххэ, оскуоланы бүтэрээччилэр биир биридимиэккэ экзамены хат туттарар быраабы ылбыттарынан түмүктэрин тупсарыахтарын сөп. Итиэннэ быйылгыттан кыһыл көмүс мэтээли таһынан үрүҥ көмүс мэтээл баар буолла. Кыһыл көмүс мэтээли ыларга туйгун үөрэнээччи нуучча тылын эксээмэнин уонна талан ылбыт предметэ 70 баалтан үрдүк буоллаҕына тиксэр. Үрүҥ көмүс мэтээли ылааччы аттестатыгар икки «4» сыана­лаах буолуон сөп итиэннэ нуучча тылын уонна биир талан ылбыт экзаменын 60 баалга туттарыахтаах.

Кристина ШИРЯЕВА, Сыырдаах орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– ХИФУ-га естественнэй наука институтугар экология уонна айыл­ҕаны туһаныы үөрэҕэр туттарсыахпын баҕарабын. Айылҕа таабырына, кыаҕа, күүһэ наһаа киэҥ, ону интэриэһиргиибин, үөрэтиэхпин баҕарабын. Биология, профильнай математика, общес­твознание предметтэригэр экзамен туттарыам. Бэлэм үчүгэй, барыта кэминэн.

Ваня СТАРОСТИН, Дүпсүн орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Арктикатааҕы культура уонна искусство государственнай институтугар ”Руководство студией кино, фото и видеотворчества” идэҕэ туттарсабын. Киинэ эйгэтигэр улахан ситиһиилээх буолуохпун баҕарабын. Математика, нуучча тыла уонна литератураҕа экзамен туттарабын. Бэлэм үчүгэй, онон экзамеммын бэрткэ туттарыам диэн эрэнэбин.

Вилена МИХАЙЛОВА, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуо­латын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Ис дьыала уорганын өттүнэн, быраабы араҥаччылыыр идэҕэ туттарсыахпын баҕарабын. Бу идэни мин 8-с кылаастан интэриэһиргээн, полиция үлэһитэ буолуохпун саныыбын. Булгуччулаах предметтэри таһынан, обществознание, история биридимиэтигэр эксээмэн туттарыам. Нэдиэлэҕэ күн аайы кэриэтэ бэлэмнэнэбит уонна өссө сүүрүүнэн дьарыктанабын.

Ваня ВАСИЛЬЕВ, Бээрийэ орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Стоматолог буолуохпун баҕарабын. Бу баҕа санаам 8-с кылаастан үөскээбитэ. Булгуччулаах экзамены таһынан, биологияҕа, химияҕа туттарабын. Дьокуускайтан преподаватели кытта онлайн үөрэнэбин, оскуолабар учууталларым ыытар дьарыктарыгар көтүппэккэ сылдьабын. Ыам ыйыгар өссө күүскэ дьарыктаныахтаахпын.

Алла АРСЕНТЬЕВА, Найахы орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Экономист буолуохпут баҕарабын, ХИФУ туттарсар былааннаахпын, математика саамай сөбүлүүр уруогум. Онон нуучча тылын кытта профильнай математиканы, омук тылыгар эк­сээмэннэри туттарабын. Кыһыл аттестакка үлэлэһэ сылдьабын, кыһаллан бэлэмнэнэбин.

Мария Аргунова