«Арассыыйа ийэлэрэ» бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Уус Алданнааҕы салаатын кыттыылаахтара уонна Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл методистара «Кыыс Куо» бырайыак чэрчитинэн Найахы нэһилиэгэр 11-15 саастаах оскуола кыргыттарын көрсөн кэллилэр. Бырайыак сыала-соруга: дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо аймахха өйөбүл, тирэх буолуу, ыал өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэһин, сиэрин-туомун харыстааһын, өбүгэ төрүт үгэстэрин үүнэр көлүөнэҕэ тарҕатыы, иҥэрии буолар.
«Кыыс Куо» бырайыак тэрийээччилэрэ «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын Уус Алданнааҕы салаатын салайааччыта Сусанна Аммосова, улуустааҕы психологическай киин салайааччыта, уйулҕаһыта Саргылаана Никитина улууска саҥа бырайыак региональнай «Школа юной леди» бырайыакка олоҕуран ыытыллан эрэрин, бастакы уруоктара Найахыга саҕаламмытын иһитиннэрдилэр.
Түмэл методистара Юлия Афанасьева уонна Оксана Прядезникова «Кыыс оҕо – саха дьоло» диэн олус интэриэһиэнэй лекцияны иһитиннэрдилэр, ону таһынан сүктэр кыыс үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут былыргы киэргэллэрин быыстапкалаан көрдөрдүлэр. Итиэннэ олоҥхоҕо олоҕуран кыыс оҕону өбүгэлэрбит уустаан-ураннан хоһуйууларын билиһиннэрбиттэрэ кыргыттар болҕомтолорун тарта. Оттон «Иис-уус кистэлэҥэ» уруокка уйулҕаһыт Таисия Базарова кыргыттарга сабы өҥнөрүнэн талларан биэс араас сииги тиктэрдэ. Бу тигиллибит сииктэр уонна хас биирдии туттубут өҥнөрө кыыс ис туругун, тутта-хапта сылдьарын, ис уйулҕатын көрдөрөрүн бэлиэтээн эттэ, быһааран кэпсээтэ.
Кыыс оҕону иитиигэ көмө уурар кэпсэтии истиҥник ааста. Найахы нэһилиэгин дьаһалтатыгар, олохтоохторугар, сабыс-саҥа саха балаҕаннарын көҥүллээн, тэрээһин таһаарыылаахтык ааспытынан бырайыак тэрийээччилэрэ махталларын тиэрдэллэр.
Мария Аргунова