Саха сирин норуодунай поэта Иван Мигалкин олохтон туораата

Бэҕэһээ, ыам ыйын 24 күнүгэр, ыарахан ыарыыттан саха норуодунай поэта, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич Мигалкин биһиги кэккэбититтэн туораата.

Кини бэс ыйын 23 күнүгэр 70 сааһын туолуохтааҕа…

Бу ыйга «Айар» кинигэ кыһатыгар саха норуодунай поэта Иван Мигалкин «Таптал тыллар сыһыантан» диэн ааттаах кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу кинигэҕэ кини айымньыларын сүөгэйэ-сүмэтэ түмүллэн киирбиттэрэ. Иван Мигалкин поэт, публицист, суруналыыс быһыытынан төрөөбүт дойду кэрэтин, алаас ахтылҕанын, киһи майгытын, көҥүл буолуу, таптал, оҕо саас, төрөөбүт тыл туһунан айымньыларыттан бэргэн этиилэрэ, дириҥ ис хоһоонноох санаалара тус-туһунан түһүмэхтэринэн бэчээттэнэн таҕыстылар. Холобур, «Алаас ахтылҕана – ураты ахтылҕан» диэн түһүмэх:

«Сахам дьоно, эһигинэ суох –
чыычаах чырыптаабат алааһабын,
күн көрбөт кырдалабын,
ааҕааччыта суох
умнуллубут поэппын», – диэн тылларынан саҕаланар.

Оттон дууһа көҥүл буолуохтааҕын туһунан маннык этэр: «Албан аакка-суолга биитэр харчыга атыыламмыт сүрэх, дууһа хайдах даҕаны көҥүл олохтоммот. Көҥүл дууһалаах эрэ сатаан таптыыр, таптатар!» — диир. Үпкэ-харчыга, баайга-дуолга, сымыйа албан аакка атыыламмыт, иҥсэ мэнэгэй санаа кулута буолбут киһи сүрэҕэ, кырдьык, дьиҥнээх таптал диэн тугун билбэтэ чахчы.

Ити түһүмэх түмүгэр өссө маннык киһини «һык» гыннарар тыллар бааллар:

«Үгүстэ охтуом…
Ол эрээри,
кэлин син биир туруом,
ырыабынан тайахтанан».

Ырыа үөрүүгэ-көтүүгэ эрэ ылламмат, кырыктаах кыргыһыы кэмигэр эмиэ ылланар, санааргыыр, санньыйар кэмнэргэ кут-сүр эмиэ ырыаны эрэйэр. Ол курдук ырыа ардыгар мөлтөөбүт-ахсаабыт киһиэхэ тайах, бигэ тирэх буолан эрдэҕэ.

«Сыһыантан – таптал силис тардар» диэн түһүмэххэ «Айылҕаттан улахан кыахтаах киһи сэмэй майгыланар» диэн суруллубуту аахтаххына, тута саха омук барыта ытыктыыр, таптыыр сүдү салайааччыларбытын, суруйааччыларбытын, учуонайдарбытын, номоххо киирбит буулаҕа күүстээхтэрбитин саныы түһэҕин. Иван Мигалкин саха биллиилээх суруйааччыларын барыларын кытары ыкса билсибит, алтыспыт дьоллоох киһи. Кинилэр тустарынан олус үчүгэй, уйаҕас ахтыылары суруйан норуотугар бэртээхэй бэлэҕи оҥорбута. Ол ахтыылар ураты истиҥ иэйиилээхтэр, көмүлүөк оһох уотунуу сырдыгынан, сылааһынан эрэ сыдьаайаллар. Саҥа кинигэҕэ биир олус сөбүлээбит этиибинэн «Ханнык да омугумсуйууну утары турар улахан күүс – Үөрэх, Билии-көрүү уонна Сайдыы» диэн дириҥ ис хоһоонноох тыллар буоллулар. Дэлэҕэ даҕаны өбүгэлэрбит «Көтөр – өҥүнэн, киһи – өйүнэн!» диэн өс хоһооннонуохтара дуо? Таптал туһунан төһөлөөх үгүс ырыа, хоһоон айыллыбыта буолуой… Дьиҥнээх таптал хайаан даҕаны ыраас, сырдык буолуохтаах. Оччоҕо эрэ кини уостубат уоттанар, кэхтибэт кэскиллэнэр. Иван Мигалкин ол туһунан: «Ыраас санааттан Улахан Таптал саҕыллар», – диэн саамай сөпкө этэр.

Оттон «Ханнык да киһи оҕо сааһын өрүү сэгэтэн көрө сырыттаҕына, кини сүрэҕэ, дууһата хаһан да мастыйбат, оҕо саастыы өрүү күөҕүнэн, сырдыгынан бар дьонун сэргэхтик үөрдэр, астыннарар, инникигэ сырдык эрэлинэн угуйар» диэн тыллары аахтаххына, оҕо сааскын санаан таалан олоро түһэҕин. Кырдьык, ол кэрэ кэмнэр киһи кутугар-сүрүгэр сылааһынан эрэ сыдьаайар, үтүөнэн эрэ угуттуур дьикти алыптаахтар эбээт…

Айар үлэ, поэзия, төрөөбүт тыл, ааҕыы туһунан санаалар этиллэр түһүмэхтэригэр «Дириҥ билии, үрдүк култуура, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыан – барыта кинигэттэн саҕаланар» диэн этии баар. Ол эрээри онтубут эмиэ «ноолоох» эбит, Иван Васильевич ону маннык быһаарар: «Кинигэни сатаан талан ааҕыахха наада. Мантыкаҥ „ноото“ арай, олоҕуҥ устата көрдүүр эрэллээх доҕоргун бэркэ эрэйдэнэн буларыҥ кэриэтэ уустуктардаах».

Дьэ ити курдук бу кинигэҕэ Иван Мигалкин хоһооннорун, араас суруйууларын сүөгэйэ-сүмэтэ талыллан киирбит. Бу саҥа кинигэтин бүтүүтүгэр ааптар:

«Хоһоонтон дууһалыын сынньанар
Саха ааҕааччыта сэргии,
сэргэхсийэ аахтар,
Мин да киһи эбиппин дэниэм,
Ийэ сиргэ халтай кэлбэтэхпин билиэм», – диэн тылларынан түмүктүүр. Иван Мигалкин Ийэ сиргэ олорон ааһар кэмигэр айан-суруйан хаалларбытын саха дьоно үйэлэргэ сэргии ааҕыахтара диэн эрэнэбин.

Данил Макеев.
«Чолбон» сурунаал