«Уйан сүрэх» акция: Сааскылаана, Кэскилээнэ оҕолуу баҕа санааларын толоруоҕуҥ

Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр иллээх-эйэлээх, чөл олоҕу тутуһар Находкиннар дьиэ кэргэн олорор. Сааскылаана уонна Кэскилээнэ диэн кэрэчээн кыргыттардаахтар. Ол эрээри… диирбитигэр тиийэбит, кыргыттар иккиэн саҥалара мөлтөх буолан, доруобуйаларынан хааччахтаахтар. Кыргыттар – Бэйдиҥэтээҕи «Чэчир» уһуйаан иитиллээччилэрэ.

Ыал ийэтэ Екатерина Еремеевна дьиэ кэргэнин туһунан маннык кэпсиир:

– Мин оҕолорбун көрөн дьиэҕэ олоробун. Ол да буоллар, күн иллэҥэ суохпун. Бэйэбит кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. Төбөтүнэн биэс сүөһүлээхпит. Ону таһынан иистэнэрбин, оҕуруонан тиһэн араас сиэдэрэй оҥоһуктары оҥорорбун, айарбын-тутарбын сөбүлүүбүн. Бары күүспүн-кыахпын оҕолорум сайдыыларыгар уура сатыыбын. Инбэлиит оҕолорго улууспут араас Реабилитационнай кииннэргэ квота көрөр буолан, сылга иккитэ дьарыктарга, доруобуйаны чэбдигирдиигэ сылдьабыт. Ону таһынан онлайн дьарыктарга, төлөбүрдээх консультацияларга сырытыннарабын. Сүрдээҕин туһанныбыт, эбиллии баар, үтүө түмүктэрдээхпит диэн үөрэбит. Бэйэм эмиэ араас ситимнэртэн көрөн, үтүктэн оҕолорбун дьарыктыыбын.

Араас таһымнаах уруһуй, оҥоһук күрэстэригэр кытыннарабын. Кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Сааскылаана сэттэ саастаах, бэлэмнэнии бөлөххө сылдьар, уруһуйдуурун олус сөбүлүүр. Кэскилээнэ алтатын туолаары сылдьар, улахан бөлөх иитиллээччитэ. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, уруһуйдуурун сөбүлүүр.

Кэргэним Михаил Михайлович суоппар идэлээх, 3-с группалаах инбэлиит. Үлэтэ суох, арыт таксилыыр. Сымнаҕас, элэккэй майгылаах. Кини миигин өрүү өйүүр, өйдүүр. Туох эмит ыарахаттары көрүстэхпитинэ иккиэн бииргэ сүбэлэһэн быһаарабыт. Оҕолоругар истиҥ сыһыаннаах, үчүгэй аҕа.

Акциябыт чэрчитинэн кырачаан кыргыттар баҕа санааларын ыйыттыбыт, онуоха улахан куукула баҕаралларын эттилэр.

Мария Аргунова

Читайте дальше