Ыам ыйын 21 күнүгэр Чараҥ орто оскуолатыгар Саха сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар анааан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэхтээһинин систиэмэтин ытык бэтэрээнэ, Хоро, 1-кы Хоро нэһилиэктэрин ытык олохтооҕо, Уус Алдан улууһугар пионерскай хамсааһын бэтэрээнэ, попечительскай үлэ бастыҥа Чараҥ орто оскуолатыгар өр сылларга үлэлээбит Клара Афанасьевна Неустроева аатын үйэтитэр «Пионерияттан – Бастыҥнар хамсааһыннарыгар” диэн V-c улуустааҕы пионерскай уонна оҕо хамсааһынын кыттыылаахтарын түһүлгэтэ (слет) ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ барыта 245 киһи кыттыыны ылла! Быйылгы үбүлүөйдээх тэрээһини Клара Афанасьевна кыыһа Айна Ивановна Неустроева, Уус Алдан улууһун пионербаһаатайдарын ассоциацията, Уус Алдан улууһун оҕону эбии үөрэхтээһинин киинэ, Бүтүн Россиятааҕы «Бастыҥнар хамсааһыннарын” көҕүлээһининэн ыытыллар.
Бу күн сарсыардаттан күммүт чаҕылыччы тыган, сылаас, сырдык күн үүммүтэ ийэ айылҕа бэйэтэ анаабыт курдук күнүн туран биэрбитин үгүс киһи сүргэтин көтөхтө. Сарсыарда эрдэттэн Баһылай Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатыгар үөрүүлээх линейкаттан саҕаланна. Манна 40-с,50-с,60-с,70-с,80-с сыллаах пионердар парааттаан киирэн пионерскай речевка, рапорт биэрдилэр. Сылын аайы үтүө үгэскэ кубулуйбут Клара Афанасьевна Неустроева аатынан пионерскай хамсааһын бастыҥ активистарыгар анаан пионер баһаатайдары уонна пионердары бочуот кинигэтигэр киллэрии буолла. Манна пионер-баһаатайынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Анна Семеновна Крылова (Майаҕас), Татьяна Кириковна Бурнашева (Мындааба), Татьяна Николаевна Свинобоева (Чараҥ), Изабелла Николаевна Аманатова (Бороҕон), Татьяна Ивановна Дегтярева (Тулуна), Марфа Васильевна Соловьева (Чэриктэй), Зинаида Иннокентьевна Васильева (Тулуна), Светлана Семеновна Дмитриева (Баатаҕай), Екатерина Петровна Готовцева (Өспөх), Анна Николаевна Литвинцева (Өнөр). Оҕо сайдыытыгар уонна хамсааһыныгар кылааттарын киллэрсибит пионердар: Екатерина Тимофеевна Тарабукина (Мындааба), Мария Платоновна Винокурова (Бороҕон), Елизавета Михайловна Попова (Чараҥ), Евдокия Степановна Бурцева (Чараҥ), Агафья Егоровна Готовцева (Баатаҕай) Бочуот кинигэтигэр киирдилэр уонна ону туоһулуур дастабырыанньалары илиилэригэр тутан сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Үөрүүлээх линейкаҕа Лөгөй орто оскуолатын «Кэскил» оҕо түмсүүтүн кыһыл хаалтыстаах, пилоткалаах үөрэнээччилэрэ пионерскай Знамяны илиилэригэр тутан, 24 оҕо күргүөмүнэн улуус пионерскай историятын сырдатан доргуччу монтаж аахтылар уонна горн, барабан тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Салайааччылара – Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын оҕо хамсааһыныгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката Татьяна Михайловна Петухова уонна эдэркээн Лөгөй лицейын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Марианна Николаевна Хабарова.
Уус Алдан оройуонугар 1972 сыллаахха «Кэнчээри» оҕо образцовай ансаамбыла тэриллибитэ, ансаамбыл тэриллиэҕиттэн Пионерия хамсааһынын сайдыытыгар үгүс элбэх пионер оҕо иитиллэн тахсыбыта. Сыанаҕа толору «Кэнчээри» Россия үтүөлээх образцовай народнай ансаамбыла эҕэрдэ ырыаларын ыллаан иһитиннэрдилэр. Салайааччы РСФСР, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталлар Учууталлара Василий Степанович Парников. Маны сэргэ, Мындааба орто оскуолатын алын сүһүөҕүн үөрэнээччилэрэ «Орлята России» гимнин хора, Мүрү уолаттар гимназияларын орто сүһүөҕүн уолаттарын эҕэрдэ монтажтара, Чараҥ орто оскуолатын үрдүкү сүһүөх үөрэнээччилэрин түмсүүтэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Алеся Крылова «Уус Алдан кэскилэ» диэн бэйэтэ айбыт ырыатын гитаранан ыллааннар ыалдьыттарга бэлэх ууммуттара, Клара Афанасьевна үөрэппит выпускниктарын эҕэрдэ монтажтара линейканы өссө киэргэттэ.
Маны сэргэ, В.В. Никифоров аатынан улуус библиотеката, Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы краеведческай музей, “Умсулҕан” коллекционердар түмсүүлэрэ, улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһинин киинэ улуус пионерскай хамсааһынын сылларыттан «Инники кэккэҕэ кинилэр!» диэн пионерскай уонна оҕо хамсааһыннарын быыстапкаларын туруордулар.
Үөрүүлээх линейка кэнниттэн И.И. Находкин аатынан Чараҥ сынньалаҥ киинигэр «Сырдык аат үйэлэргэ умнуллубат» диэн көлүөнэлэринэн көрсүһүү буолан ааста. Манна 1932 сыллаахха Уус Алдан оройуонугар бастакы пионерскай лааҕыры тэрийбит сэбиэдиссэй Василий Николаевич Мигалкин уонна Клара Неустроева пионер баһаатайынан үлэлээбит сылларын туһунан кылгас дьүһүйүүнү Чараҥ оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна библиотекарь Лия Бурцева олус итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр. Дьүһүйүүнү Екатерина Свинобоева турорда. Истиҥ көрсүһүүгэ Айна Неустроева ийэтин туһунан сүрдээх үчүгэй ахтыыны оҥордо, кэлбит дьоҥҥо махтанна. Пионер баһаатайдар ассоциацияларын аатыттан, Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Светлана Бурцева – Суугунай Чараана эҕэрдэлээтэ, учууталыгар, наставнигар Клара Афанасьевнаҕа анаан суруйбут истиҥ хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ.
Үбүлүөйдээх түһүлгэбит иккис чааһа Чараҥ Нэлээнигэр ааста. Манна 1-кы Хоро олохтоох дьаһалтата уонна оскуола тэрийбит итии эт миининэн, үүттээх чэйинэн ыалдьыттары күндүлээтэ. Аһаҕас халлаан анныгар, Ойуунускай сулуһугар пионерскай этэрээт кыһыл былааҕын Чараҥ оскуолатыгар пионер-баһаатайынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, киэҥ туттар ветеран учуутал – Вера Михайловна Бурцева, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, 1-Хоро бочуоттаах олохтооҕо — Светлана Михайловна Бурцева уонна Мүрү иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын бастыҥ үөрэнээччитэ, «Тускул» оҕо хамсааһынын активиската Анжелика Слепцова үөрүүлээх быһыыга көтөхтүлэр. Ол кэнниттэн Уус Алдан улууһун пионер-баһаатайдарын, «Умсулҕан» коллекционерндар түмсүүлэрин чилиэнэ Анна Михайловна Федорова салайыылаах кыыһар кыһыл хаалтыстаах пионерскай ырыаларын ветераннары уонна ыалдьыттары кытары дорҕоонноохтук ыллаатылар. Байаанынан доҕуһуоллаата Чараҥ орто оскуолатын музыкаҕа учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ – Надежда Николаевна Свинобоева.
Салгыы бэтэрээннэр Баһылай Протодьяконов – Кулантай аатынан литературнай түмэлгэ алаадьылаах, итии чэйдээх остуол тула оччотооҕу оскуолатааҕы сылларын, оҕо саастарын, пионер кэмнэрин, Клара Афанасьевна туһунан ахтан-санаан аастылар, астыннылар, аны даҕаны бу тэрээһин салҕанан барарыгар, сайдарыгар, саҥа сүүрээннэнэн сүппэтигэр баҕардылар. Түмэл салайааччыта Клара Анатольевна Крылова түмэл туһунан билиһиннэрэн кэпсээтэ, коллективын үлэтин-хамнаһын билиһиннэрбитин кэрэхсии иһиттилэр.
Нэлээҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар хамаанданан арахсан Чараҥ орто оскуолата уонна Уус Алдан улууһун эбии үөрэхтээһин киинин коллективтара бэлэмнээбит 9 станциянан пионерскай квест-оонньууга көхтөөхтүк кытыннылар. Манна бастакы миэстэни Мындааба орто оскуолата, иккис миэстэни Чараҥ орто оскуолата, үһүс миэстэни Мүрү иккис уонна маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолалара ыллылар.
Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт бары ыалдьыттарга анаан Айна Ивановна Неустроева өйдөбүнньүк пионерскай хаалтыһын, значогун, остуолга ууруллар сувенирын, Оҕону эбии үөрэхтээһинин киинэ таҥан оҥорбут үбүлүөйдээх буклетын, пионерскай пилотканы, Уус Алдан улууһун баһылыгын В.И. Аммосов аатыттан эҕэрдэ суругу бэлэх тутан сүргэлэрэ көтөҕүллэн үөрэн-көтөн илии тутуурдаах тарҕастылар.
Екатерина Ушницкая, Уус Алдан улууһун оҕону эбии үөрэхтээһинин киинин директоры үөрэх-иитии чааһыгар солбуйааччы