Биир дойдулаахпыт, СӨ норуодунай поэта Иван Мигалкин – Мүрү орто оскуолатын биир киэн туттар үөрэнээччитэ. Ахсыс кылаас кэнниттэн Бүлүүтээҕи пед.училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан пионердар Бүтүн Сойуустааҕы 3-с сүлүөттэригэр кыттыыны ылбыта. Маннык үрдүк чиэс, биллэн турар, бастыҥтан-бастыҥ пионерга тиксэрэ саарбахтаммат.
Ол туһунан “Кэскил” хаһыакка “Делегат Уйбаан кэпсээнэ” диэн ахтыыта бэчээттэммитэ. Онно маннык суруйбута:
“Ити слекка, Артекка сылдьыбатаҕым буоллар, поэт, суруйааччы, журналист буоларбын саарбахтыыбын. Бука, врач идэтин талыам этэ. Хара муора кытылыгар айар иэйиигэ ылларан, суруйааччы буолар туһуттан кэлин Бүлүү училищетыгар учуутал үөрэҕэр уонна Москваҕа М. Горькай аатынан Литературнай институт поэзияҕа салаатыгар үөрэммитим. Слекка күн аайы тугу гыммыппын, тугу көрбүппүн умнумаары дневник сурунарга санаммытым. Ити 13 сааспар саҕалаабыт үтүө дьыалабын күн бүгүҥҥэ диэри салгыы сылдьабын уонна бэйэм бэйэбэр олус махтанабын. Олоҕум устата тугу гыммытым барыта ырылыччы сурулла сылдьар. Иллэҥ кэммэр онтубун ааҕабын, оччоҕо оҕо, эдэр сааһым иккистээн эргиллибит курдук буолар. Онон, түгэнинэн туһанан, оҕолорго сүбэлиэм этэ: дневниктэ сурунуҥ, кэлин бэйэҕит үөрүөххут. Тугу да туһата ааспыт диэн быраҕымаҥ. Холобур, бу мин 2 “а” кылааска үөрэнэ сылдьан саха тылын уонна ыраастык суруйуу (чистописание) уруоктарыгар туттубут тэтэрээттэрим бааллар”.
Слет кэмигэр бастакы космонавт Юрий Гагарины кытта көрсүһүү, бииргэ хаартыскаҕа түһүү туһунан оҕолуу ыраас дууһатыгар сөҥөрдөн илдьэ сылдьыбыт иэйиитин арыйбытын киһи сонургуу ааҕар. Оҕо, отон эрдэхтэн киэҥ билиигэ таласпыт уолчаан ситэн-хотон улахан киһи буолан тахсыбытыгар үөрэппит учууталларын, оскуолатын, төрөппүттэрин оруола улахан. Поэт аата саһарҕалыы сандаара, кэрэҕэ, сырдыкка угуйа туруоҕа.
Елена Сыроватская, оскуола музейын үлэһитэ
Хаартыскаҕа Бүтүн Союзтааҕы III Пионерскай слет делегата Ваня Мигалкин. Артек, 1967 сыл