Орто Эбэ сайылыгын үтүө-мааны үлэһит дьонун ахтан-санаан

«Дүпсүн» совхоз 50 сылын бэлиэтиир ыһыах буоларын истэн баран, бэйэм чугас дьоммун уонна Бээди Орто Эбэ сайылыгар сайыҥҥы лааҕырга бииргэ үлэлээбит кыргыттарбын, бу сайылык олохтоохторун, саха үтүө-мааны үлэһит дьонун ахтан, санаан суруйарга сананным. Бу бэлиэ сылынан сибээстээн ким баҕарар үтүө тылынан ол кэми, дьону-сэргэни ахтан ааһыан сөп. Тыа сирин сайдыытын тула билигин элбэх кэпсэтии барар. Былырыын үөрэнээччилэри са­йыҥҥы оскуолаҕа үөрэтэ, дьарыктыы сылдьан чугастааҕы сайылык үлэтин көрдөрө-билиһиннэрэ тахса сылдьыбыппыт. Хаһаайыстыба бэркэ үлэлии-хамсыы турара. Ол гынан баран үлэһиттэр үксэ саас­таах дьон этэ. Салайааччы уонна ыанньыксыттар эдэр дьон сүөһү үлэтигэр сыстыбаттар диэн хомолтолорун эппиттэрэ. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы кэмҥэ бу үлэҕэ эмиэ кыттыспаттар эбит. Бу мин Дүпсүҥҥэ олорон оҕо сааспар «Дүпсүн» совхоз үлэтигэр, кыһалҕатыгар кыттыспыт кэмнэрбиттэн ураты көстүү этэ.

Ол саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр «Дүпсүн» совхоз үлэтигэр, сайдыытыгар биһиги аймах ис сүрэҕиттэн кыттыспыта, сыратын уурбута диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Аҕам убайа Николай Дмитриевич Босиков эдэр саа­һыттан Чэриктэйгэ биригэдьииринэн, онтон управляющайынан үтүө суобастаахтык үлэ­лээбитэ, тапталлаах Чэриктэйин сайыннарыыга кылаатын иһин Үлэ Албан аатын III степеннээх орденынан наҕараадаламмыта. Кини кыыһа Светлана Николаевна Халапканова оскуола кэнниттэн ыанньыксыттаан баран,Иркутскайга тыа хаһаайыстыбатын институгар үөрэммитэ. Кинилэр Дүпсүҥҥэ кэллэхтэринэ үлэлэрин, тугу ситиһээри сүүрэ-көтө сылдьалларын аҕалаах ийэбэр куруутун кэпсээн, санааларын үллэстэн ааһалларын оҕолор элбэхтик ис­тэн улааппыппыт.

Ол кэмҥэ үөрэх систиэмэтигэр сайыҥҥы кэмҥэ үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара үлэлииллэрин дойду салалтата ирдиирэ. Үөрэнээччилэри нэһилиэк, совхоз үлэтигэр эрдэттэн сыһыараллара, сайын устата оҕолор совхозка көмө буолан оттууллара, лабыкталыыллара, кирпииччэ үктүүллэрэ, ыанньыксыттыыллара, ньирэй көрөллөрө. Аҕам Дмитрий Дмит­риевич Босиков хас да сыл үөрэнээччи­лэргэ от звенотун салайан үлэлэппитэ. Кинилэргэ от охсоллоругар сорох сыл трактор, сорох сыл шасси биэрэллэр этэ. Сайын устата Көрдүгэн, Дыбаадыма, Бугуйас, Найахы, Ампаардаах, Наара, Баарда алаастарыгар көһө сылдьан оттууллара. Аҕам бэйэтин кэтэх хаһаайыстыбатын ийэбэр Татьяна Петровнаҕа уонна кыра балтыбар Сардаанаҕа хаалларан баран, бэриллибит былааны толороору, оҕолору кытта олус тапсан күһүн хо­йукка диэри оттууларын өйдүүбүн. Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччи­лэрин окко звенота оройуоҥҥа маҥнайгы күөҥҥэ сылдьара. Бу звеноҕа бырааттарым Алдан, Ян, балтым Амга үлэлэспиттэрэ. Ону таһынан үөрэх кэмигэр оскуола үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ ыанньыксыттары, ферма үлэһиттэрин сынньатаары өрөбүллэргэ ферма үлэтигэр көмөлөһөр буолаллара. Аҕам итинник үлэттэн хаһан да туора турбат этэ. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ «Дүпсүн» совхоз олоҕор, сүөһү, сылгы элбииригэр хайаан даҕаны кыттыһыахтаахпыт, үлэлиэхтээхпит диэн санаа куруутун инники күөҥҥэ сылдьара. Ити кэмҥэ Дүпсүн сирин хас биирдии дьиэ кэргэнэ оҕолорун итинник санааҕа ииппитэ буолуо дии саныыбын. Ол иһин да буолуо, сайын аайы биэс оҕо хайаан даҕаны үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар сылдьарбыт. Ол курдук 5-7 кылаас­тары бүтэрэн баран, убаастыыр учууталбыт Готовцева Прасковья Эдуардовна салалтатынан сэргэх сэһэннээх Федоров Василий Андреевич (Баачаан) сирдьиттээх Тиргэлээххэ, Дыбаадыма эргин палаткаларга олорон, лабыкта хомууругар үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар оҕолору кытта олус иллээхтик, көхтөөхтүк үлэлээбиппит.

Кэлин быраатым Ян оскуоланы бүтэрэн баран, армияҕа барыар диэри, совхозка саҥа комплекска кочегаардаабыта. Быраатым Алдан армия иннинэ Балаҕаннаахха субай сүөһү кө­рүүтүгэр үлэлээбитэ, үчүгэй үлэ­тин иһин ньирэй биэрбиттэрэ. Кини армия кэнниттэн Намҥа көһүөхпүтүгэр диэри тутууга, пилорамаҕа үлэлээбитэ.

Мин 8, 9 кылаас кэнниттэн 1982 с. уонна 1983 с. сайыҥҥы каникулбар Бээди отделение­тыгар Орто эбэ ферматыгар ыан­ньыксыттаабытым. 1981-1982 үөрэх сыла бүтүүтэ оскуо­ла администрацията: «Эн, оскуола комсомольскай тэрилтэтин (ПКО) салайар киһи, Орто Эбэҕэ үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлии бараҕын», – диэ­битэ. Улахан дьиэ кэргэҥҥэ, учуутал аҕабыт хамнаһа тиийбэт буолан, төрөппүттэрбит сүбэлэһэн баран сүөһү ииппиттэрэ. Ол иһин би­һиги ыалга биэс оҕо бары от, хотон үлэтигэр сыстаҕас, үөрү­йэх этибит. Төрөппүттэрбит хара үлэттэн чаҕыйбат гына ииппиттэрэ, сүөһүнү көрүү кис­тэлэҥнэригэр такайбыттара, ийэбит үүттэн араас аһы оҥороро – сүөгэй, арыы, суорат, чөчөгөйтөн суораттаах күөрчэх уо.д.а. Ол иһин фермаҕа үлэлии бараҕын диэбиттэригэр тута сөбүлэспитим. Ол сыл бэйэбиттэн биир сыл улахан кылаас кыргыттарын Пономарева Жаннаны, Алексеева Марианнаны, Федорова Соняны, Копырина Ньургустаа­наны кытта ыанньыксытынан таһаарыы­лаахтык үлэлээбиппит. Кыргыттар бары олус эппиэтинэстээх, үлэһит дьон этэ. Ити сылларга Орто эбэ ферматыгар 300-чэкэ ыанар ынах, ону таһынан ньирэйдэр бааллара. Биирдии бэйэбитигэр биир ыанньыксыт ынаҕын 20-тэн тахса ынаҕы туттарбыттара. Ол сайын ынахтарбытын илиинэн ыабып­пыт. Күҥҥэ үс ыам буолара. Былаам­мытын толорон биирдии ынахтан 10-тан тахса лиитэрэ үүтү ыыр этибит (сыыспат буоллахпына). Атыр­дьах ыйын диэки ынахтарбыт сорохторо мэч­чирэҥи батыһан ырааталлар этэ, ону бос­тууктарга көмөлөһөн уонна былааммытын толороору олох эрдэ туран бэйэбит көрдүүр буоларбыт.

Эһиилги сылга биир кылааска үөрэнэр кыыспынаан Лариса Неус­троевалыын эмиэ Орто Эбэ­ҕэ олус бэркэ ыанньыксыттаабыппыт. Бу кэмҥэ фермаҕа автодойка киирбит этэ. Онон үлэбит биллэрдик чэпчээбитэ диэххэ сөп. Билигин сөҕөбүн, оччолорго 14-15 саастаах оҕолорго итиччэ элбэх ынаҕы эрэнэн үлэлэтэллэрин. Улахан дьон эрэлин түһэн биэримээри биһиги үлэбитигэр олус кыһаллар этибит. Лариса олус ыраас туттунуулаах, түргэн-тарҕан буолан ыанньыксыттар өрүү хайҕыыллара.

Бээди отделениетын зоотехник үөрэхтээх, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Сивцева Татьяна Константиновна сатабыллаахтык салайара. Кини ирдэбиллээх салайааччы этэ, субу-субу кэлэн үлэбитин көрөн-истэн, билсэн барара. Орто Эбэ ферматыгар олус иллээх, үтүө майгылаах үлэһит дьон олороллоро. Бу дьон миэхэ саха сайылыктарын иччилээбит, ураты истиҥ тыыннаабыт, үлэлэригэр бэриниилээх, сүөһүгэ ураты сыһыаннаах, киэҥ-­холку майгылаах, сайаҕас-эйэҕэс саха дьонун холобурунан буолаллар. Ол курдук ити кэмҥэ уон оҕолоох иллээх-­эйэлээх ыал Мария Михайловна Жиркова, Петр Петрович Алексеев, алта оҕолоох дьоһуннаах дьон Анна Петровна, Петр Пет­рович Сивцевтэр, водовозкаҕа үлэлиир холку майгылаах Иван Алексеевич Сивцев ийэтинээн Пелагеялыын, молоковоз массыынаҕа үлэлээбит түргэн-тарҕан туттуулаах Максимов Федор Дмит­риевич, биир кылааска үөрэнэр кыыһым Уля Павлова ийэтинээн туруу үлэһит, эйэ­ҕэс-сайаҕас Мария Петровна Сивцевалыын, балты­наан Альбиналыын, Иванова Ан­на Романовна, Охлопкова Зоя Петровна, бостууктарбыт бииргэ үөрэммит уолум Павлов Артур аҕата өрүү мичээрдии сылдьар Павлов Иннокентий Семенович, Сыроватскай Владимир Дмит­риевич олороллоро. Бу үлэһит дьон биһигини үлэҕэ бэринии­лээх сыһыаҥҥа, элбэх сүөһүнү көрүү-истии ирдэбиллэригэр, саха ыалын бастыҥ майгытыгар бэйэлэрин холобурдарынан уһуйбуттара. Мин кинилэри олус истиҥник саныыбын. 1983 с. Саха государственнай университет медицинскэй факультетын студенткалара кэлэн тутар этэрээт чэрчитинэн ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ. Ити сылларга Орто Эбэ сайылыга эдэр ыччат эрчимиттэн, тэтимнээх үлэтиттэн, көрдөөх олоҕуттан сэргэхсийэн үөрэр-көтөр курдуга, олох, үлэ күөстүү оргуйара. Бу кэрэ айыл­ҕалаах дойду самаан сайына чыычаахтар ырыаларынан, сүөһү маҕырааһынынан, оҕус айаа­тааһынынан, ньирэйдэр мэҕирээһиннэринэн, сэппэрээтэр, дойка тыаһынан, бостууктар сайдыыр саҥаларынан, оҕо-аймах күлүүтүнэн, үлэһит дьон иллээх кэпсэтиилэринэн туолара мин оҕо сааһым биир кэрэ өйдөбүлэ буолан хаалбыт. Хомо­йуох иһин, билигин Орто Эбэҕэ сайылык суох, ким даҕаны олорбот эбит.

Томскай государственнай университетын 4-с курсун кэннэ каникулбар кэлэн совхоз хонтуо­ратыгар диспетчеринэн үлэлээбитим. Бары звенолар, фермалар күннээҕи былааннарын толорбуттарын туһунан сводканы хомуйан, түмэн совхоз спе­циа­листарыгар биэрэрим уонна оройуоҥҥа ыытар этим. Онно билбитим совхоз үлэтин хайдах курдук кичэллээхтик былаанныылларын, үлэ хаамыытын, былаан туолуутун кыраҕатык кэтээн көрөллөрүн. Ити сайын биир кылааска үөрэммит дьүөгэм Анна Петровна Соловьева (Нюта Копырина) совхозка экономистыы сылдьара. Кини Благовещенскай куоракка тыа хаһаайыстыбатын институтугар экономист үөрэҕин ситиһии­лээхтик бүтэрэн тыа хаһаайыс­тыбатын сайдыытыгар өр сыл­ларга таһаарыылаахтык үлэ­лээбитэ, экономическай наука кандидата буолбута. Биһиги 1984 с. Дүпсүн орто оскуолатын бүтэрбиппит. Элбэх бииргэ үөрэммит оҕобут ыҥырыы таһаа­ран совхозка үлэлии хаалбыттара, сорохтор совхоз ыһыллыар диэри араас үлэҕэ үтүө суобас­таахтык үлэлээбиттэрэ.
Тыа сирэ сайдарын туһугар ынах сүөһүнэн дьарыктанар хаһаайыстыбалары элбэтэр суолу тобулуохха, оскуола үөрэнээччилэригэр итинник хаһаайыс­тыбаларга көмө буолар үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарын саҥалыы тыыннаан тэрийиэххэ сөп этэ. Оҕолор ынах ыыр, от оттуур эрэ буолбакка, хаһаайыстыба сайдыытын былааһаннаһар, толкуйдаһар, кыһалҕа оҥостор усулуобуйаларын тэрийдэххэ эдэр дьон тыа сирин, саха норуотун төрүт дьарыгар сүөһү иитиитигэр, эти-үүтү элбэтиигэ санаатын ууруо, үлэлиэ, элбэҕи ситиһиэ этэ.

Лена Федорова

Бэс ыйын 4 күнэ, 2024 сыл

Сүрүн хаартыскаҕа: сайыҥҥы үлэ лааҕырдарын начальниктара ССКП XVII cъеһин делегата П.П. Федорованы кытта