Оҕо бэрээдэги кэспэт буолуута – барыбыт сүрүн сыалбыт

Бүгүҥҥү күҥҥэ Россия ИДьМ Уус Алдан оройуонун отделыгар со­куон­най саастарын туола илик оҕолор дьыалаларын көрөр-истэр подразделениеҕа үс сотрудник үлэ­лиир. Оройуон үрдүнэн ааспыт сылга 6 ый түмүгүнэн сокуоннай сааһын туола илик 16 оҕо уонна 27 төрөппүт учуокка турбут буол­лахтарына, быйыл 6 ый түмүгүнэн 44 оҕо уонна 32 төрөппүт учуок­ка тураллар. Ол курдук төрөппүт­тэр сүрүннээн итирдэр утаҕы иһэн­нэр учуокка турбут буоллах­тарына, оҕолор өттүлэриттэн бу­руйу кэһии арааһа элбэх, холобур, иҥ­сэ-ымсыы санааҕа киирэн малы-­салы уоруу, итирдэр утахтары иһии, түүҥҥү өттүгэр сылдьан туора дьон дьиэтигэр көҥүлэ суох киирии, араас көрүҥнээх эт-­хаан эчэйиитин таһаарыы, тырааныспары ыытар бырааба суох уруулга олоруу уонна да атыттар.

Бу кэһиилэр сүрүн төрүөттэринэн дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии сөптөөхтүк ыытыллыбата, оҕо бэйэтэ билэринэн көҥүл сылдьыыта, төрөппүтү истибэт буолуута, оскуолаҕа үөрэҕин кэнниттэн эбии дьарыга суоҕа, араас секцияларга, куруһуоктарга сылдьыбата буолаллар.

Оройуон үрдүнэн быйыл 6 ый тү­мүгүнэн араас админис­тративнай кэһиилэри оҥорон 15 оҕо учуокка ылылынна, бу көрдөрүү былырыын 6 этэ. Быйыл оҕо холуобунай буруйу оҥоруута тахсыбата, былырыын 6 ый түмүгүнэн биир оҕо арыгы испит туруктаах сылдьан улахан киһиэхэ орто көрүҥнээх эт-хаан эчэйиитин таһааран холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыбыта.

Сокуоннай сааһын туола илик оҕолору кытары үлэлиир хайысха сотрудниктарынан 6 ый түмүгүнэн административнай буруйу кэһиигэ барыта 93 протокол төрөппүккэ, 6 сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго толорулунна, олор истэригэр: арыгы иһиитэ, киһини эчэтии, күлүгээннээһин уонна түүҥҥү өттүгэр оҕо уулуссаҕа сылдьыыта киирдилэр. 12 киһиэхэ сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо арыгы иһиигэ кучуйуутун иһин, оҕону кытары бииргэ арыгылааһынын иһин толорулунна.

Хас биирдии сокуоннай сааһын туола илик оҕо ханнык баҕар кө­рүҥ­нээх буруйу оҥордоҕуна Россия ИДьМ 2013 сыл алтынньы 15 күнүгэр тахсыбыт бирикээһигэр олоҕуран ПДН-ҥа учуокка ылыллар. Учуокка турбут оҕону кытары иитэр-үөрэтэр профилактикалыыр үлэ полиция эрэ өттүттэн буолбакка, оҕо быраабын көмүскүүр уонна кинилэр дьыалаларын көрөр комиссия чи­лиэннэринэн, психологтарынан, улуус­тааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киининэн, улуустааҕы эпиэкэ уонна сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор быраап­тарын көмүскүүр уорган үлэһиттэринэн, оскуолалар социаль­най педагогтарынан, иитэр-үөрэтэр чааска оскуола директор­дарын сол­буйааччыларынан эмиэ күүскэ ыытыл­лан барар. Полиция участковай уполномоченнайдара бу оҕолор төрөппүттэрин кытары тиһигин быс­­пакка үлэлэһэллэр.

Ханна баҕар докумуона суох, транспорт ыытар бырааба суох мотоциклы, онтон да атын араас техниканы төрөппүт көҥүлүнэн сүүр­дэллэрэ кистэл буолбатах. Төрөппүт сокуонунан бобулларын билэ-билэ транспорт ыытар бырааба суох оҕотугар ыарахан сыаналаах, докумуона суох мотоциклы атыылаһан ылан биэрэрэ билиҥҥи олохпут ирдэбилэ курдук буолла. Мотоциклы сүүрдэл­лэригэр суол саахалыттан төбөнү хаххалыыр шлемы кэппэттэр, биир мотоциклга элбэх буолан мэҥэстэн айанныыллар, атын айанньыттарга уонна суол быраабылатыгар улахан мэһэйдэри үөскэтэллэр, бэйэлэрин доруобуйаларын харыстаабаттар. Бу маны барытын төрөппүт хонтуруоллуур эбээһинэстээх.

Суолга-иискэ транспортан сэрэхтээх буолар сыалтан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо анал көҥүлэ суох уруулга олорон айанныы сылдьан тутулуннаҕына, РФ Админис­тративнай практикатын кодексын 12.7 ыст. 1 чааһынан протокол толоруллан 5 000 солк. саҕалаан 15 000 солк. диэри ыстарааптанар, бу оҕо төрөппүтүгэр РФ Административнай практикатын кодексын 12.7 ыст. 1 чааһынан административнай протокол толоруллан 30 000 солк. ыстарааптанар. Ону таһынан төрөппүт оҕотун көрбөтөҕөр РФ Административнай практикатын кодексын 5.35 ыстатыйатынан 1 чааһынан протокол туолан, Оҕо быраабын көмүскүүр уонна кинилэр дьыалаларын көрөр комиссия чилиэннэригэр дьүүллэниигэ ыытыллаллар, оҕону уонна төрөппүтү ПДН-ҥа учуотугар ылаллар. Тутуллубут техниката докумуона суох буоллаҕына, штрафстоянкаҕа утаарыллар. Онон оҕо техника уруулугар олороро дьиэ кэргэҥҥэ хас эмэ бүк улахан охсуулаах буолуон сөп.

Билигин сайыҥҥы кэмҥэ оҕо түүҥҥү өттүгэр уулуссаҕа сылдьан буруйу оҥоруута элбиэн сөп. Санатар эбит буоллахха, сокуоннай сааһын туола илик оҕо сайыҥҥы бириэмэҕэ киэһээ 23 ч. 00 м. сарсыарда 6 ч. 00 м. диэри общес­твеннай миэс­тэҕэ төрөппүт көрүүтэ суох сылдьара көҥүллэммэт. Оҕо буруйу оҥордоҕуна, араас куһаҕан дьаллыкка киирэн биэр­дэҕинэ, төрөппүт эмиэ эппиэтинэскэ тэҥҥэ тардылларын умнумуоҕуҥ.

Быһааран этэр буоллахха, оҕо 14 сааһыттан ыар көрүҥнээх холуобунай буруйдарга эппиэттиир, 16 саа­һыттан административнай уонна холуобунай көрүҥнээх буруйу оҥордоҕуна, барытыгар бэйэтэ эппиэти­нэһи толору сүгэр. Оҕо ханнык баҕар көрүҥнээх буруйу оҥорон учуокка турдаҕына, оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ киириитигэр, кэлин үлэһит буоларыгар мэһэйдэри көрсүөн сөп.

Түмүккэ эттэххэ, убаас­табыллаах төрөппүттэр, оҕолоргут күннээҕи бэрээдэги тутуһан сылдьалларын, эбии дьарыктаах, чөл турук­таах уонна бэрээдэктээх буо­лалларын ситиһэргитигэр. Оҕо бэрээдэктээх буолуута, куһаҕан дьаллыкка убаммата – бу биһиги үлэбит сүрүн ирдэбилэ буолар.

РФ ИДьМ Уус Алдан отделын полиция участковай боломуочунайдарын уонна сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолор сулууспаларын отделениета