Үөрэҕирии салаатыгар уһуннук үтүө суобастаахтык үлэлээбит уонна партийнай үлэҕэ сылдьыбыт Федоров Евстафий Федорович ааспыт үйэ 60-70-ус сылларыгар суруйан хаалларбыт матырыйаалларыттан 2024 сылга “Уус-Алдан оройуона Сэбиэскэй Сойуус Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар” кинигэни төрөппүт кыыһа пед. үлэ бэтэрээнэ Евдокия Евстафьевна Федорова хомуйан оҥорон бэчээттэтэн күн сирин көрдөрбүтэ. Кинигэ “Норуот үөрэҕириитэ сэрии сылларыгар” салаатыттан быһа тардан, кинигэҕэ хайдах бэриллибитинэн, билиһиннэрэбин:
– Сэрии сылларыгар норуот үөрэҕириитигэр улахан кыһамньы ууруллубута, туох ханнык иннинэ, оройуон бүддьүөтүттэн үчүгэйдик көстөр. 1942 сыллаахха 3002 тыһ.солк. оройуон бүддьүөтүттэн 1704 тыһ.солк. норуот үөрэҕириитигэр бэриллибитэ, оттон 1945 сыллаахха норуот үөрэҕириитигэр үбүлээһин оройуон бүддьүөтүн 62,3% ылбыта.
Сэрии сылларыгар биһиги оройуоммут оскуолаларын ахсаана улам эбиллэ турбута. Оройуон 1940 сыллаахха 16 оскуолалаах буоллаҕына 1945 сыллаахха 19 оскуолаламмыта. Ити сылларга Өнөргө, I Өспөххө начальнай оскуолалар саҥа аһыллыбыттара. Ордук сэрии кэнники сылларыгар судаарыстыба үбүнэн интернаттар элбэхтик тэриллибиттэрэ.
Оскуолалары саҥа үөрэх сылыгар бэлэмнээһиҥҥэ Черепановскай хамсааһын киэҥник тэнийбитэ. Холобур, 1942-43 үөрэх сылыгар бэлэмнэнэн холкуостаахтар, төрөппүттэр оскуола өрөмүөнүгэр 2000 үлэ күнүн босхо үлэлээн биэрбиттэрэ. 1941-42 үөрэх сылыгар 1956, 1942-43 үөрэх сылыгар 2099, 1943-44 үөрэх сылыгар 2155, 1944-45 үөрэх сылыгар 2018 оҕолор оскуолаҕа киирбиттэрэ.
Оройуон учууталларын аҥаарын кэриэтэ сэрии сылларыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыттара. Олор истэригэр И.М. Сивцев, В.И. Готовцев, Г.М. Аманатов, Д.Д. Егоров, А.З. Бочкарев уо.д.а. киирэллэр. 1944 сыллаахха ССРС Верховнай Сэбиэтин президиумун ыйааҕынан норуот үөрэҕириитигэр өр сылларга кыайыылаах үлэтин иһин үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйэ Д.И. Васильев “Үлэҕэ туйгунун иһин” мэтээлинэн аан бастаан наҕараадаламмыта. А.И. Вельготская, Д.Д. Петров, М.Е. Аммосова, С.О. Оноппров, М.С. Готовцева уо.д.а. аармыйаҕа ыҥырыллыбыт учууталлары солбуйан, улахан ноҕуруусканы сүгэн туран, бэйэлэрин үөрэтэр-иитэр үлэлэригэр үчүгэй көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ.
Учууталлар, оҕолор тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр маассабайдык кыттыбыттара. 1943 сыллаах сайын от үлэтигэр оскуола оҕолоро ордук үчүгэй тэриллиилээхтик үлэлээбиттэрэ. I Лөгөй Ленин аатынан холкуоска 10 оҕолоох школьнай этэрээт (салайааччы Н.В. Ушницкая) атырдьах ыйын бастакы күннэригэр 64 гектар сирин муспута. 13 саастаах Костя Копырин 48 гектары муспута. Комсомолец Н.Н. Тарскай салайааччылаах 17 оҕолоох Маркс аатынан холкуостааҕы школьнай этэрээт 44 гектар сирин оттообута. Мүрү орто сокуолатын оҕолоро “Кыһыл Маяк” холкуоска ньирэйи тыыннаах иитэргэ сиэптэспиттэрэ итиэннэ республика школьниктарыгар уонна пионердарыгар ыҥырыы таһаарбыттара. Онуоха кинилэр “Кыһыл Маяк” холкуоска 1942-43 сылларга ньирэй төрүөҕүн 100 % тыыннаах иитэргэ соруктаммытара.
Оройуон учууталлара оборона фондатыгар иккилии-үстүү күннээх хамнастарын ый аайы биэрбиттэрэ. И.Н Петухов, Г.Н. Игнатьев, Ф.И. Васильев, С.С. Васильев уо.д.а. учууталлар ый аайы өссө 4-5 күннээх хамнастарын биэрэн испиттэрэ. Оскуолалар колонна таанкаларын тутууга 1941 сыллаахха 4614 солк. биэрбиттэрэ. Мүрү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, пионердара 199 солк. харчыны, 1910 солк. заём облигациятын биэрэн көмөлөспүттэрэ. Суотту, Түүлээх оскуолалара эмиэ үчүгэйдик кыттыбыттара. Оскуолалар Кыһыл Аармыйа байыастарыгар 1941 сыллаах күһүн 172 итии таҥаһы, 391 куобах тириитин хомуйан ыыппыттара. Итии таҥаһы хомуйан Кыһыл Аармыйаҕа ыытыыны кинилэр сэрии кэнники сылларыгар да тохтоппотохторо.
Сэрии сылларыгар үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһиҥҥэ улахан кыһамны ууруллубута, биллэр үлэ ыытыллыбыта. Үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар аппараакка улахан дьону үөрэҕирдиини тэрийэр, салайар инспектор үлэлээбитэ.
Ити барыта биһиги оройуоммут оскуолалара Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар фроҥҥа уонна Сэбиэскэй Аармыйаҕа көмөлөһөр патриотическай хамсааһыҥҥа активнайдык кыттыбыттарын көрдөрөр.
Кинигэттэн ылан бэлэмнээтэ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.