Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн, саас маҥнайгы бырааһынньыгынан Найахы бука бары кэрэ аҥаардарын, ийэлэри, кыргыттары нэһилиэк эр дьонун аатыттан истиҥник эҕэрдэлээн киэҥ көҕүстээх дурда-хахха буолар эр дьон бэрт үчүгэй, ураты истиҥ бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэри бэлэх ууннулар.
Кэнсиэри эдэр эрчимнээх, уоттаах-күөстээх уолаттар Дьулустан Гаврильев, Петр Слепцов, Афанасий Новоприезжай иилээн-саҕалаан бэрт сэргэхтик ыыттылар.
Барыта 32 эр бэрдэ, аҕыс ансаамбыл, биирдиилээн ырыаһыттар араас истиҥ, сэргэх ырыаларынан көрөөччүлэри астыннардылар. Үтүө киэһэҕэ эр дьон кэрэ аҥаардарга араас көрдөөх оонньуулары оонньотон, «Киэргэ» хампаанньаттан үрүҥ, кыһыл көмүс оҥоһуктары бириис быһыытынан туттардылар, хас биирдиилэригэр сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар.