Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо самаан сайыны – Ньукуолун күнүн – үгэс быһыытынан Мүрү эбэ киэн туонатыгар көрсөбүт. Улуус дьахталларын сэбиэтэ, Мүрү нэһилиэгин дьахталларын «Алаас Хотуна» түмсүүтэ, Мындаабатааҕы сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ (дир. В.В. Колесова) көҕүлээн, тэрийэн бар дьону түмтүлэр, сайыны уруйдаатылар.

Улуус дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Шадрина уйгу-быйаҥ дэлэйэрин, саргы салалларын туһугар аал уоту арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан айах тутан алҕаата, арчылаата. Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев мустубут дьоҥҥо баҕа санаатын тиэртэ, күөххэ үктэммит бэлиэ күммүтүнэн эҕэрдэлээтэ. Эҕэрдэҕэ улуус ытык кырдьаҕаһа Мария Фомина кыттыста. Мария Егоровна бар дьонугар кэс тылын эттэ, үөрүүтүн үллэстэн ыллаан дуораһытта. Күндү ыалдьыппытыгар Ньукуолун куһун бэлэх ууннулар, ытык киһибит үөрүүтүн үксэттилэр. Илии илииттэн ылсаммыт бар дьон оһуохайга эргийдибит.

Итиэннэ аһатан-сиэтэн олорор эбэбитигэр махтанан, бары үтүө санааны түмэн, алаадьынан күндүлээтибит. Бу күҥҥэ анаан нэһилиэк булчуттара бэлэхтээбит кустарын минин иһэн, алаадьы, быыппах үссэнэн, сайыҥҥылыы сырылас күн анныгар тото-хана, дуоһуйа аһаатыбыт, тэрийээччилэргэ махталбытын тиэртибит.

Ольга Шепелева