Бүгүн, Музейдар аан дойдутааҕы күннэригэр, Сэһэн Ардьакыап аатынан Уус Алданнааҕы музей Ил Дархан гранынан үбүлэммит биир бастыҥ бырайыагын түмүктүүр тэрээһинигэр Мүрү 1-кы уонна 2-с №№-дээх оскуолаларын үөрэнээччилэрэ муһуннулар.
Бырайыак үс хайысхатыгар быйылгы үөрэх сылын устата дьарыктаммыт Луиза Татаринова, Арсен Осипов, Саша Лугинов, Вика Макеева, Вадим, Давид Тарскайдар, Антон Кутуков бырайыак салайааччытыттан Оксана Прядезниковаттан туоһу суруктары, өйдөбүнньук бэлэхтэри туттулар . Оҕолору бииргэ үөрэнэр доҕотторо, учууталлар кэлэн эҕэрдэлээтилэр, оҥоһуктарынан быыстапкаларын сэргээн көрдүлэр.
Музей дириэктэрэ Павел Пермяков–Тэлэкэ Музейдар күннэринэн уонна бырайыак ситиһиилээхтик түмүктэммитинэн эҕэрдэ тылын тиэрдэр:
– Бука барыгытын Түмэллэр аан дойдутааҕы күннэринэн эҕэрдэлиибин! Бу кэрэ сааскы күнү көрсө 2023 сыл саҥатыттан унньуктаах уһун кыһыны быһа былааннаахтык, тиһигин быспакка барбыт үгүс түбүктээх үтүө үлэҕит ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Мэлдьэҕэ суох бу – коллектив улахан кыайыыта! Бырайыагы кыайа-хото тутан, иилээн-саҕалаан үлэлэппит Оксана Анатольевнаҕа ураты махтал, истиҥ эҕэрдэ!
«Түмэл – мин истиҥ доҕорум» бырайыакка бу кэм устата улууспут доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоро сөбүлээн дьарыктаннылар. Бырайыак, саарбаҕа суох, бу оҕолор дьоҕурдарын ситиһиилээхтик арыйда. Кинилэргэ төрүт өбүгэ үтүө үгэһин тутуһан өй-санаа, эт-хаан өттүнэн салгыы сайдалларыгар суолдьут сулус буолла.
Күүстээх үлэ ситиһиилээхтик, өрө күүрүүлээхтик түмүктэммитэ сүргэни көтөҕөр. Инникитин өссө күүстээх, түмсүүлээх үлэҕэ ыҥырар!
Иһирэх иэйиинэн илгийэн
Ааһыаҕа оҕо саас сандааран,
Ол эрэн хаалыаҕа үйэ-саас
Түмэлгэ түстэммит билиигит.
Эдэр дьон, эһиги эрэниҥ,
Эрэниҥ кэлэр кэскилгэ,
Эрэниҥ ыра санааҕа.
Ыра санаа хаһан да
Туолар дьикти алыптаах,.
Кини кэлэр үөһээттэн
Кимтэн да тугу да ыйыппакка,
Кэтэспэккэ-манаспакка,
Күүтэн күнү бараабакка!
Көҥүл санаа кынатын –
Киһи өйүн-санаатын –
Хатаабаккын хааччахха,
Тыыннарбаккын хабахха.
Өбүгэ өлбөөрбөт үгэһэ,
Үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйар үөрэҕэ
Аҕалбыта барыбытын,
Бүгүҥҥү бу үтүө күҥҥэ.
Билиҥҥи саха санаата,
Кини күүстээх ырата
Кэлэр кэми кэрэһэлиэ
Үйэлээҕи үөттэриэ!
Хаартыскалар https://t.me/museum_uusaldan/2294