Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 1976 сыллаах выпускницата, биологическай наука кандидата, дьаныһан туран ньургуһуннары анаан үөрэппит, ньургуһуҥҥа аналлаах хас да кинигэ ааптара Варвара Степановна Федорова “Күн сибэккитэ ньургуһун” кинигэтэ 2023 сылга бэчээттэнэн тахсыбыта.
Ньургуһуҥҥа дууһатынан ылларан саҥа кинигэҕэ ылсыбытын киирии тылыгар маннык суруйбут: “2011 сыллаахха Куллаты мырааныгар соһуччу ньургуһун саҥатын истибитим. Былырыын дьикти көрүҥнээх ньургуһуннар аттыларыгар “Books are Magic” диэн суруктаах значок сытарын булбутум, ону тылбаастаатахха “Магические книги” диэн. Икки кинигэни холбоон, биир сүрүн кинигэ оҥорон таһаарыахтаахпын диэн тута өйдөөбүтүм. (Икки кинигэни диэн сиэпкэ батар форматтаах “Ньургуһуннар” (2017 с.) уонна “Аптаах ньургуһуннар” (2018 с.) кинигэлэрин этэр. Е.С.) Бу сылларга ньургуһуннартан элбэх бэлэҕи тутан, ньургуһун кута илэ хаста да хаартыскаларбар тэҥҥэ түһүспүтүн көрөн, ньургуһуннарбар махтанан, сүгүрүйэн, кинилэр тустарынан бу икки разделлаах кинигэбин суруйдум”.
Күн курдук араҕас, сылаас күн сибэккитэ ньургуһуҥҥа аналлаах кинигэ бастакы түһүмэҕэр ньургуһун туһунан хоһооннортон, ырыалартан кылгас этиилэр таҥыллан киирбиттэр. Олорго маннык хоһуйуулары булан ааҕыахха сөп.
- Нап-нарын ньургуһуннар ньургуу кэрэ тыыннаахтар, тоҥ буору тобуланнар тырым уоттаах уохтаахтар. И. Ороһуунускай.
- Кэрэҕин мин сөҕө көрөбүн, күүскүттэн күүс ылар курдукпун, нарыҥҥын, намчыгын сэргиибин. Эйиэхэ маарынныы сатыыбын. Галина Басылайканова – Кэнтик кыыһа, Дьокуускай к.
- Оо, ханнык иэйии солбуйуой бастакы тапталбыт сулуһун. Үчүгэй да буолар ньургуйан күн өҥнөөх бастакы ньургуһун! Семен Данилов.
- Саас аайы күүтэбин ньургуһун тылларын, ийэ сир кырыһын аан маҥнай симииргин. Татьяна Винокурова, Уус-Алдан улууһа.
- Ньургуһун – бу тиллии бэлиэтэ, ньургуһун – күөх сайын илдьитэ, ньургуһун – сир ийэ симэҕэ, ньургуһун – эдэр саас киэргэлэ. А.П. Илларионов.
- Көмүс чугдаар чуораан буоланнар ыллаһаллар бу ньургуһуннар. В. Босиков.
- Дууһабыт ырыанан уһуктар маҥнайгы ньургуһун тыллыыта. С. Капитонов.
Ньургуһун туһунан кэпсээннэри, хоһооннору, ырыалары айан көтүппүт суруйааччылар, ааптардар үлэлэрин билиһиннэрии, ньургуһун ойуулаах аккырыыккалар, эҕэрдэлэр талыллан бэриллибиттэрэ үөрэххэ, үлэҕэ туһалаах буолуоҕа. Маны тэҥэ ааптар Варвара Федорова нарын-намчы ньургуһуну үйэтиппит уруһуйдара киирбиттэр.
Кинигэ иккис чааһа нууччалыы суруллубут. Учуонай Саха сирин, Арассыыйа, Бурятия, Забайкальскай кыраай, Иркутскай уобалас, Монголия ньургуһуннарын научнай өттүнэн ырытыыта бэриллибит. Ааптар уонна кини эдьиийэ Людмила Саввина, Айар Варламов, Семен Сивцев – Өймөкөөн Сэмэнэ, о.д.а. араас сирдэргэ сылдьан ньургуһуннары түһэрбит кэрэ хаартыскалара кинигэни киэргэтэллэр, кинигэ ис хоһоонун байытан биэрэллэр.
Ураты айылгылаах учуонай киһи сыралаах өр сыллаах кэтээн көрүүтүн, чинчийиитин, үөрэтиитин түмүгэр айыллан тахсыбыт кинигэни ньургуһун силигилии үүнэр сырдык, сылаас күннэригэр ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ диэн ыҥырабын. Кинигэ хаһыат редакциятын, почта киоскаларыгар атыыланар.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.