Курбуһахтааҕы интернат-дьиэ олохтоохторо самаан сайын кэлбит үөрүүтүн ыһыах ыһан көрүстүлэр. Быйылгы ыһыах интернат-дьиэ аһыллыбыта 30 сылыгар, Россияҕа Социальнай эйгэ үлэһиттэрин күнүгэр ананна. Сахалыы сиэринэн арчыланан, ыраастанан, оһуохайдаан, арыылаах саламаатынан, уохтаах кымыһынан, ньоҕойуулаах лэппиэскэнэн, «Байанай бэлэҕэ» акциянан бэлэх кустарынан күндүлэнэн астыннылар. Сибиэһэй салгыны толору тыынан, сылаас күҥҥэ сыламнаан үтүө күнү атаардылар.
Ыһыахпыт үөрүүлээх чааһын Н.Н. Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын учууталлара – төрүт култуура учуутала, «Сардаҥа» хомус бөлөҕүн салайааччыта, кыл кырыымпа маастара Василий Тимофеев, муусука учуутала Милена Рязанская, үөрэнээччилэр – «Хотугу сулус» күөн күрэс хас да төгүллээх лауреата, «Праздник Терпсихоры» республикатааҕы күрэс кыайыылааҕа, «Дэнс-стар» үҥкүү күрэһин гран-при хаһаайыннара оскуола иитэр үлэҕэ завуһа Анастасия Аммосова салайааччылаах «Үрүйэчээн» үҥкүү бөлөҕө киэргэттилэр. Кыталыктыы кыҥкыныыр кырыымпа тыаһа, дьүрүһүйэ кутуллар хомус тыаһа, сахалыы тэтимнээх үҥкүү сүргэбитин көтөхтө.
Кырдьаҕастарбыт «Хотууна», «Дьулуур» ансаамбыллара, Мария Пестерева, Иннокентий Петров ырыалара бииртэн биир тахсан истилэр, эдэр үлэһиппит Марк Старостин кэрэ куолаһынан ыллаан барыбытын долгутта. Интернаппыт мелодист, баянист кырдьаҕаһа Иннокентий Кривошапкин баянын тыаһа ыраахха диэри дуорайда.
Ыһыахпытын киэргэппит күндү ыалдьыттарбытыгар, кырдьаҕастарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!
Ыһыах эҕэрдэлээх чааһыгар Дьиэ кэргэн, Оҕо саас, Аҕа сылларынан тэрилтэбит үлэһит дьиэ кэргэттэрин Лукерья, Михаил Ивановтары, Евдокия, Марк Старостиннары, элбэх оҕолоох үлэһиттэрбитин А.В. Бурнашева, Нь. С. Барашкова, А.Н. Аммосова, Е.Г. Гуляева, М.Г. Петрова, П.Е. Наумов, Л., М. Ивановтар дьиэ кэргэттэрин, үгүс үтүө ситиһиилэрдээх оҕолорбутун чиэстээтибит. Ону сэргэ быйылгы «Алаас ахтылҕана», «Уруйдуубут, Улуу Кыайыыны» республикатааҕы күрэстэр кыайыылаахтара буолан тэрилтэбит аатын республикаҕа сураҕырдыбыт кырдьаҕастарбытыгар бэлэхтэри туттардыбыт. Интернат-дьиэ аһыллыаҕыттан ыла 30 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээбит сиэстэрэ-хаһаайка О.Н. Васильева, бастыҥ үлэлээх үлэһиттэр социальнай сулууспа миниистирин, республика соцүлэһиттэрин сойууһун бочуотунай грамотатынан, хайҕал суруктарынан бэлиэтэннилэр. Интернат — дьиэҕэ 20 сыл тохтоло суох үлэлээбит К.А. Протопопова «Ветеран КДИПИ» бэлиэнэн наҕараадаланна.
Эҕэрдэлээх чаас саамай долгутуулаах түгэнинэн «СР социальнай сулууспатын туйгуна» бэлиэни туттарыы буолла. Бу үрдүк ааты тэрилтэбитигэр өр сылларга раздатчица-посудницанан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар Мария Иннокентьевна Васильева ылбытын дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллуу көрүстүбүт.
Ыһыахпытыгар «Саха талба-мааны таҥаһа» көрүү-күрэс ыытылынна. Манна үлэ хайысхаларынан арахсан үлэһиттэр уонна сыһыарыылаах кырдьаҕастарбыт олус көхтөөхтүк кытыннылар. Сахалыы традиционнай, аныгылыы сахалыы, авангард көстүүмнэри астына көрдүбүт. Дьүүллүүр сүбэ интэринээппит олорооччута, өр сылларга «Сахабулт» национальнай хампаанньаҕа түүлээх салаатыгар таҥас быһааччынан үлэлээбит Ундаар Уйбаан бэрэссэдээтэллээх үлэлээтэ. Түмүккэ медперсонал коллектива оҥорбут Олоҥхо дойдутун геройдарынан авангард көстүүмнээх Мария Сивцева, Василий Пестряков, үлэһиттэргэ повар Альбина Аммосова, хаһаайыстыбаннай чаас салайааччыта Петр Наумов кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар. Спортивнай чааска кырдьаҕастарбыт мээчиги корзинаҕа киллэрии, сыал быраҕыытын, күөрчэх ытыйыытын, быа эрийиитин күрэхтэһиилэригэр көхтөөхтүк кытыннылар. Кыайыылаахтар мэтээл кэтэн, грамота, бириис тутан үөрдүлэр.
Социальнай үлэһит күнүнэн бары социальнай эйгэ үлэһиттэрин истиҥник эҕэрдэлиибит! Үлэҕит таһаарыылаах буоллун, бары үтүөнү, доруобуйаны, дьолу баҕарабыт!
Мария ВИНОКУРОВА, уопсас. кэрэсп.