Алексеев Петр Петрович от ыйын 12 күнүгэр 1924 сыллаахха Уус Алдан оройуонун I Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Алексеев Петр Федотович Сыҥаахтан төрүттээх эбит. Эһэбит Бүөтүр кэргэнинээн Улита Ивановналыын Тулуна бөһүөлэгэр олохсуйбуттар. Кинилэр аҕыс оҕону төрөтөн, иитэн-аһатан, сүһүөхтэригэр туруорбуттар. Төрөппүттэрэ үөрэххэ-сырдыкка тардыһыылаах буоланнар, оҕолорун урукку дьон сиэринэн үөрэттэрбиттэр. Бэһис оҕо Бүөтүр бастаан Томтор начальнай оскуолатын бүтэрэн, Мүрүгэ сэттэ кылааһы бүтэрбит. 1945 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбит уонна 1948 сылга бүтэрэн, зоотехник идэтин ылан Булуҥ оройуонугар зоотехнигынан ананан үлэлии барар.
1951 сылтан Сунтаар оройуонугар тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай зоотехнигынан үлэлээбит. Сүөһү төбөтүн аччаппат туһугар үлэни күүскэ тэрийэн ыытыы, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны элбэтии курдук үлэлэр күүскэ ыытыллаллара.
1954 сыллаахха Сунтаар Күүкэй кыыһын Иванова Мария Максимовнаны кэргэн ылан, бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит оройуонугар Уус Алдаҥҥа көһөн кэлэллэр. Бүөтүрү ыраах уһук сиргэ, Курбуһахха зоотехнигынан аныыллар. Курбуһахха бастакы оҕолоро Альбина күн сирин көрбүтэ. Манна үлэлии сылдьан Петр Петрович 1957 сыл тохсунньутугар партия чилиэнэ буолар чиэскэ тиксибитэ.
Үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх киһи ханна да үтүө суобастаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир этэ. Петр Петрович Курбуһахтан Тулунаҕа 1957 сыллаахха кэлиитигэр Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 325 сылынан сибээстээн Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Петр Петрович 1958-1961 сылларга госплемстанция директорынан үлэлээбитэ. 1961-1968 сылларга Партизан Заболоцкай аатынан совхозка солбуйааччы директор этэ, ити кэмҥэ иккитэ көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны ылбыттара. Дьиэ кэргэнэ Тулунаҕа хаалбыта, Тулунаҕа олорор кэмнэригэр түөрт оҕолоро күн сирин көрөллөр. Биэс оҕолоох аймах, хоноһо, ыалдьыт бөҕө сөбүлээн сылдьар улахан эйэлээх ыала буолаллар. 1962 сыллаахха иккистээн Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, «Урал» мотоцикл фондатын анаабыттара.
1968 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр «Маяк» колхозка солбуйар председателинэн анаммытын туһунан райком бюротун уурааҕа тахсар. Майаҕаска кэллэҕин сыл олохтоохтор бөһүөлэккэ тутуу суоҕун, барбатын туһунан туруорсаллар. Сүөһү турар хотонноро кыараҕастарын, кыраларын туһунан туруулаһан туран эппиттэр-тыыммыттар. Ити сыл Петр Петрович үһүстээн Саха сирин Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Өссө РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын социалистическай куоталаһыытын кыайыылааҕа буолан, «Отличник социалистического соревнования» знагынан наҕараадаламмыта. 1969 сыллаахха республикатааҕы колхозтаахтар съезтэригэр кыттыыны ылбыта уонна ити сыл республикаҕа буолбут колхозтаахтар конференцияларыгар сылдьыбыт.
1970 сылтан саҕалаан дьону түмэ тардан Майаҕаска саҥа кулууп тутуутун саҕалаабыттара. Олохтоохтор үөрүүнэн, өрө көтөҕүллэн туран үлэлээбиттэрэ. Билигин кулууп үлэлии турар, кулуубу туттарбыт, туппут дьоҥҥо эдэр ыччат махталлара улахан. Оскуола дьиэтэ тутуллан иһэн хаалбытын салгыы туттарбыта, Майаҕаска икки этээстээх, саҥалыы тииптээх баараҕай тутуу – оскуола дьиэтэ дьэндэйбитэ. 1970-1971 сылларга хотон тутуутунан дьарыктанан барбыттара, 400 сүөһү киирэр икки толору хааччыллыылаах механизированнай хотоно тутуллубута.
Колхозтаахтарга иккилии квартиралаах үс дьиэни, ону таһынан түөрт квартиралаах уопсай дьиэни аҕыйах сылынан тутан бүтэрбиттэрэ.
«Маяк» колхоз Петр Петрович салайан олорор бириэмэтигэр үүт ыамыгар, от оттооһуҥҥа үрдүк көрдөрүүлэрин иһинРСФСР Министрдэрин Советын уонна профсоюзтарын Бүтүн Союзтааҕы Киин Советтарын көһө сылдьар Знамяларын икки төгүл ылбыта.
Петр Петрович дьону сыаналыыра, убаастыыра, кини кимтэн да тутулуга суоҕа – нуучча буоллун, саха буоллун биир тэҥник сыьыаннаһара, доҕордоһоро.
1968 сылтан «Маяк» колхозка солбуйааччы председателинэн үлэлии сырыттаҕына колхозтары бөдөҥсүтүү диэн ааттаан совхозтары тэрийбиттэрэ. 1976, 1977 сылларга «Победитель социалистического соревнования» знагынан наҕараадаланар. Пенсияҕа тахсан да баран 1980 сыллаахха Уһун Күөл отделениетыгар управляющайынан үлэлиир. 1982 сыллаахха Майаҕаска «Маяк» отделение «Эрчим» комплексын начаалынньыгынан ананар. Майаҕас бөһүөлэгин иһинэн быыбардыыр комиссия, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бастайааннай председателэ этэ.
Наҕараадаларын ааттааттахха: оҕо сылдьан сэрии бириэмэтигэр И.В. Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта, 1970 сыллаахха «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолбутун бэлиэтээн килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээли, 1975 сыллаахха «Кыайыы 30 сыла» мэтээли, 1985 сыллаахха «Кыайыы 40 сыла» мэтээли, 1989 сыллаахха «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээли ылбыта. 1990 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр «Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Уус Алдан Майаҕас бөһүөлэгэр дьиэ туттан олорбут уулуссатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ.
Кэргэнинээн Мария Максимовналыын 38 сыл дьоллоохтук олорбуттара, биэс оҕону төрөтөн, иитэн-харайан, үөрэттэрэн дьон оҥорбуттара, аҕыс сиэннээхтэр, 13 хос сиэннээхтэр. Улахан кыыс Альбина Петровна – “Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин” бочуоттаах бэлиэ хаһаайката. Уоллара Иван Петрович – Саха Республикатын бочуоттаах тутааччыта. Раиса Петровна – Российскай Федерация иитиигэ уонна үөрэтиигэ бочуоттаах үлэһитэ. Розалия Петровна – Саха Республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна. Римма Петровна – Саха Республикатын государственнай гражданскай службатын туйгуна.
Дьоммут Майаҕаһы сөбүлээн дьиэ туттан, оҕолоро туспа ыал буолан, сиэннэнэн, хос сиэннэнэн бөһүөлэк биир киэн туттар кырдьаҕас ыала буолан өр сыл быр-бааччы эйэ-дэмнээхтик олорбуттара.
Биһиги дьиэ кэргэн амарах аҕата, эйэҕэс эһэтэ тыыл, үлэ бэтэрээнэ Алексеев Петр Петрович ыарахан ыарыыттан 68 сааһыгар 1992 сыл кулун тутар 11 күнүгэр бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта.
Бүгүн, 2024 сыл от ыйын 12 күнүгэр, төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир күммүтүгэр тапталынан угуттаабыт, атахпытыгар туруорбут, үөрэттэрэн үлэһит оҥортообут һтүө киһибитигэр – айбыт амарах аҕабытыгар, тапталлаах эһэбитигэр, хос эһэбитигэр махталбыт улахан. Кини биэрбит сүбэлэрин, үөрэппит-такайбыт ньымаларын хаһан да умнубаппыт, олохпутугар сирдьит оҥостобут. Аҕабыт, эһэбит сырдык мөссүөнэ сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах, куруутун суохтуубут, олус күүскэ таптыыбыт.
Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ