Кэптэнигэ Бартыһаан Заболоцкай аатынан сопхуос тэриллибитэ 50 сылыгар анаммыт ыһыах ыһылынна

Бартыһаан Заболоцкай аатынан сопхуос тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан Лөгөй нэһилиэгэ сопхуос бары отделениеларын Кэптэни ыһыахтыыр маанылаах туонатыгар түмэ тардан «Уруй, туруу үлэһит дьоҥҥо! Айхал, үлэ бастыҥнарыгар!» үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна.

Кэптэни далбар хотуттара үҥкүү хамсаныытынан чэчиргэ салама баайдылар, унаар күөх түптэ буруотунан сирдэрин-дойдуларын ыраастаан, сылгы сиэлинэн баайыллыбыт олбоххо олордон бар дьону уохтаах кымыһынан күндүлээтилэр. Ыһыах күн, ытык күн уйгу быйаҥы уруйдаан-айхаллаан, алгыс тылын анаан аал уотун оттон үрдүк Айыылары саамал көөнньөр кымыһынан, арыылаах алаадьынан, үрүҥ сылгы сиэлинэн айах тутан Саха Республикатын үтүөлээх, народнай артыыһа, Уус Алдан улууһун, Лөгөй, II Байаҕантай нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Айыы Алгысчыта Владимир Заболоцкай алгыс түһэрдэ.

Үөрүүлээх чааска күрээннээх үлэ бастыҥнара, ытык-мааны дьоммут чиэстэннилэр. Нэһилиэк баһылыга Николай Попов, улуус баһылыга Василий Аммосов, улуус тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай, Бороҕоннооҕу РЭС начальнига Николай Седалищев нэһилиэк, улуус, республика эҕэрдэ суруктарын, грамоталарын, түөскэ анньыллар знактары туттардылар.

Бу күн Партизан Заболоцкай аатынан совхоз тэриллибитэ 50 сылынан совхоз Кэптэнитээҕи, Тулунатааҕы, Хомустаахтааҕы, Уһун Күөллээҕи уонна Биэттэтээҕи отделениеларын, Даалы биригээдэтин оччотооҕу күүрээннээх үлэлэрин кэпсиир, үлэһит дьонун сырдатар улахан кинигэ сүрэхтэннэ. Кинигэ 544 страницатыгар холкуос кэмитттэн саҕаламмыт история, совхоз киин аппараата, отделениелара диэн араарыллан үлэлээбит дьон испииһэктэрэ, ахтыылар уонна хаартыскалар киирдилэр, ону сэргэ библиографическай ыйынньык оҥоһуллан киирбитэ кинигэ суолтатын үрдэттэ. Кинигэ сүрэхтэниитэ библиотека сэбиэдиссэйэ Туйаара Борисова, музей үлэһиттэрэ Екатерина Шарина, Мария Андросова совхоз историятын кэпсиир быыстапка туруорбут түһүлгэлэригэр тэриллэн дьон быыстапканы сэҥээрэ көрдө.

Онтон салгыы бииртэн-биир интэриэһинэй фольклору, ырыаны толорууга,саха таҥаһыгар уонна спортивнай күрэхтэһиилэр киэһэ хойукка диэри ыытыллан дьон-сэргэ дуоһуйа көрдө, кыайыылаахтар бэртээхэй бириистэри тутан астыннылар. Итини таһынан отделениеларынан 20 түһүмэхтээх бэрт сэргэх күрэхтэһии буолла. Бастакы түһүмэҕэр нэһилиэктэр баһылыктара сүүрүүгэ күрэхтэспиттэрэ ыһыахчыттар болҕомтолорун тарта. Манна кыайыылаах аатын Кэптэни отделениета ылан 50 тыһ. солкуобайы тутта, 2-с миэстэ буолбут Тулуна отделениета 40 тыһ. солкуобайынан наҕараадаланна, 3-с миэстэҕэ тахсыбыт Уһун Күөл отделениета электростанция бирииһинэн бэлиэтэннэ.

Ыһыахха «Өбүгэ аһа» түмсүү (сал. Майя Дьяконова) хорчуопка тэрийэн мустубут дьону ис миинэ буһаран күндүлээтэ, нэһилиэк түөлбэтин олохтоохторо бары көхтөөхтүк кыттан арыылаах алаадьынан, быырпаҕынан күүс-көмө буоллулар.

Үрүҥ тунах ыһыах биир кэрэ көстүүтэ – ат сүүрдүүтэ дьон интэриэһин тарта. Манна Лөгөйдөөҕү лицей-интернат 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, кыра сааһыттан бу спорду улаханнык сэҥээрэн утумнаахтык дьарыктанар эдэр ат сүүрдээччи Радомир Федоров бэйэтин ата Кыымчаана бастакы миэстэни ылары ситистэ.

Екатерина Мигалкина, уопсас. кэрэсп.