Истибэттэр уопсастыбалара үс улуус күрэхтэһиитигэр иккис миэстэ буоллубут

Истибэттэр улуустааҕы уопсастыбалара от ыйын 3 күнүгэр үс улуус сыл аайы көһө сылдьар күрэхтэһиитигэр кыттан кэллибит. Былырыын бу күрэхтэһии биһиги улууспутугар буолбут эбит буоллаҕына, быйыл Мэҥэ Хаҥасласка Майаҕа ыытылынна, эһиил Аммаҕа ыытыллар.

Биһиги хомуллан, айанныыр күммүт ыган, улуус баһылыгын социальнай эйгэ боппуруостарын быһаарар солбуйааччы Анатолий Сторожевка киирэн массыына көрдөспүппүтүгэр, тута улуус үөрэҕин салалтатын начаалынньыга Степан Литвинцевы кытта кэпсэтэн боппуруоһу быһааран уонна нэһилиэкпит баһылыга Прокопий Румянцев көмөлөһөн бэркэ сырыыланан, күрэс түмүгүнэн иккис миэстэ буолан үөрэн-көтөн кэллибит.

Бу сырыыга саастаах дьону, нэһилиэк, улуус олоҕуттан туора турбакка көхтөөхтүк кыттар, байыаннай дьайыыга иискэ көмөлөспүт дьоммун илдьэ баран сэргэхсийэн кэллибит. Күрэстэрбит үгүстэрэ – остуол оонньуулара. Майа бибилэтиэкэтэ грант сүүйэн наһаа үчүгэй остуол оонньуутун комплегын ылбыт эбит. Онно дьэ эрийсиилээх үс түһүмэх оонньуу түмүгүнэн Гаврил Окоемов үһүс бириистээх миэстэни ылла, ону таһынан биэс этээптээх эстафетаҕа биһиги иккис миэстэни ылан үөрүүбүт үрдэ суох.

Күлэ-үөрэ сылдьар, элэккэй Николай Рязанскай диэн суоппарбыт олох бэркэ илдьэ сырытта. Кэлэ-бара Төҥүлүгэ аһатан, аны Бэстээххэ оптовай маҕаһыыҥҥа сырытыннаран, от үлэтин иннинэ саппаас тэрилин көрдөөн, булан айаннаабатахтара быданнаабыт бэтэрээннэрим олус дьоллоннулар. Улууспут салалтатыгар уонна суоппарбытыгар Николайга улахан-улахан махталбытын тиэрдэбит.

Ирина БАСЫГЫСОВА, истибэттэр уопсастыбаларын салайааччыта