Интэриэһинэй үлэлээх биир дойдулаахпыт Туйаара Петрова

Мүрү нэһилиэгиттэн төрүттээх Туйаара Петрова «Полярные авиалинии» авиакомпанияҕа бортпроводнигынан үлэлиир (стюардесса). Интэриэһинэй үлэлээх биир дойдулаахпытыттан үлэтин туһунан кэпсии түһэригэр көрдөстүбүт.

Онуоха Туйаара Васильевна: «Английскай тыл учуутала идэлээхпин. Бэйэбин элбэх араас идэҕэ, үлэҕэ боруобаланан көрөн баран, көһүппэтэх өттүбүттэн бортпроводник буолан хаалбытым. Оннук үлэҕэ ылыахтара диэн санаан да көрбөт этим. Авиакомпания бэйэтэ талан ылан бортпроводник үөрэҕэр – авиационнай училищеҕа үс ыйдаах курска үөрэттэрбитэ. Үөрэхпит уустук соҕус этэ. Тоҕо диэтэргит, элбэх хайысхалаах (перевозка быраабылалара, медицина, обслуживание, көтүү кэмигэр куттал суох буолуутун хааччыйыы, о.д.а.). Ону сэргэ медкомиссияны ааһар уустук этэ.

Үлэлиэххитин баҕарар буоллаххытына, авиакомпания сайтыгар резюме ыытан кэбиһиэххитин сөп. Набор буолар түгэнигэр, кэпсэтиигэ ыҥыраллар. Эбэтэр бэйэҕит Москваҕа, Екатеринбурга уо.д.а. куораттарга анаан үөрэннэххитинэ, бэлэм дипломнаах дьону үөрүүнү кытта ылаллар. Ол эрээри, доруобуйаҕыт эппиэттэһэр буолуохтаах, медкомиссияттан сылтаан үөрэххит таах хаалыан эмиэ сөп.

Мин 2014 сылтан үлэлиибин. Идэм интэриэһинэй дии саныыбын, куруук офиска олорор курдук буолбатах, күн аайы ураты. Үлэм таһынан сайклга дьарыктанабын, бассейнҥа сылдьабын. Үлэбитит ирдэбилинэн үчүгэй, сэргэх туруктаах сылдьыахтаахпыт. Онон спорт дьарыгар сылдьар олус туһалаах.

Дьиэ кэргэн, оҕо-уруу баар. Дьахтар дьоло диэн, мин санаабар, кини ис туруга, өйө-санаата, доруобуйата – барыта учугэй буолохтаах, оччоҕуна киниэхэ күүс, иэйии киирэр».

Мария Аргунова