“Уус Алдаҥҥа билиҥҥинэн Тулуна бөһүөлэгиттэн  Гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сылдьыбыт Прокопий Степанович Бурцев улахан кыыһа, билигин 83 сааспар үктэммит Пелагея Прокопьевна Сергеева – Михайлова от ыйын 27 к., 1941 с. төрүөх суруйабын. 2016 c. тахсыбыт “II Лөгөй” диэн нэһилиэк кинигэтиттэн төрдүм-ууһум, төрөөбүт дойдум туһунан билбэтэхпин-истибэтэхпин булан долгуйа аахтым. Эһиги сыралаах улахан үлэҕит үйэлэргэ махталынан ахтыллыа диэн сыаналаатым. Аҕабыт П.С. Бурцев икки кыракый кыргыттарын сэрии содулун кэминээҕи олохпутун уонна кини кэнчээритэ элбээн утума салҕанар диэн нэһилиэнньэ билиитигэр тиэрдиэ диэн Мария Николаевна,  эйиэхэ эрэнэн аны суруйуохпун сананным. Кулгааҕым истибэт, онон батсаап суругунан эрэ тиэрдэр кыахтаахпын. Ону да тарбахтарым болуоран, сыыһа баттаан кэбиһэрбин көннөртөөн, ахтыы суруйууларбын сааһылаан бэчээккэ оҥороргор көрдөһөбүн.

Аҕам мин биир сааспын туола иликпинэ, 1942 с. бэс ыйынааҕы хомуурга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барбыт. Ийэм Анастасия Андреевна Сергеева диэн эбит. Кини аатырбыт булчут Андрей Павлович Сергеев – Дьээриллэ кыыһа. Ийэм сэрии ыар кэмнэрин охсуутугар аһаҕас сөтөл ыарыытыгар хаптаран күһэллэн, миигин олох кырабар бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Пелагея Андреевна Ушницкаяҕа хаалларан, тубдиспансерга эмтэнэ киирбит. Пелагея  бэйэтэ үс оҕолооҕо, балыыһа завхоһун кыра хамнаһыгар иитэр уонна ыарыһах да буоламмын көрөр кыаҕа суох буолан, миигин ыалтан ыалга олордон сырытыннарбыт. Онтон Томтор оҕо дьиэтигэр кэпсэтэн киллэрбитэ. Ол оҕо дьиэтин Суоттутааҕы оҕо дьиэтин кытта холбообуттара.

1944 сыл сэтинньи 3 күнүгэр аҕам аҥаар атаҕа суох буолан, сэрииттэн эргиллибитин кэннэ балтым Аанчык төрөөбүт. Ийэтэ улаханнык ыалдьан кинини эмиэ ыалга биэрбиттэр. Суотту оҕо дьиэтигэр үлэлиир дьахтар: «Эн балтыҥ Копыриннар диэн ыалга иитиэх сылдьар», – диэн миигин сайын илдьэн билсиһиннэрбитэ. Онно эрэ билбитим, бииргэ төрөөбүт балтылаахпын.

Суотту оҕо дьиэтигэр саҥа учууталлыы кэлбит кыыс Елена Михайловна Герасимова иитэ ылбыта уонна Бороҕон сэлиэнньэтигэр миигин үөрэттэрээри көһөн олорбуппут. Ол эрээри, 13 саастаахпар күһүн куордаан баран сыыстараммын тыҥабар оҕустаран балыыһаҕа, онтон оҕо санаторийгар эмтэммитим. Үтүөрэн тахсаат, Өнөр нэһилиэгэр олорор ийэм эдьиийэ Пелагея Андреевналаахха өрүс суола аһыллыар диэри олорбутум. Оччолорго суоруна тааһы илиинэн эргитэн, сиэмэ мэлийэн күннээҕи сиир бурдукпутун күтүөппүнээн Көстөкүүннүүн оҥостор этибит. Биирдэ кини киһи көрсө барбытыгар, соҕотоҕун ыарахан тааһы баар-суох күүспүнэн эрийэ турдахпына муннум хаана тоҕо барбыта. Хата, күтүөт сотору кэлэн тутатына балыыһаҕа илдьэн киһи буолбутум.

Миигин иитэ ылбыт Елена Михайловна Тулагыга көспүт этэ. Арааһа, эмтэн чугаһаан буолуо. Киниэхэ уу суола аһыллыбытын кэннэ ыыппыттара. Нөҥүө сыл эмиэ үөрэммэтэҕим, кини Дьокуускай балыыһатынан уонна санаторийынан эккирэтиһэн тыҥабын эмтэтэн, доруобуйам чөлүгэр түспүтэ. Бу уһун үйэлэнэн олорон киниэхэ махталым сыанабыла өссө улаатта.

Ити Тулагыга олордохпуна түөтэм: «Балтыгын үөрэттэрбэккэ оҕо көрдөрө сылдьаллар», – диэн суруйбутугар, Суотту оҕо дьиэтин дириэктэрин көрсөн: «Бииргэ төрөөбүт балтым элбэх оҕолоох кырыымчык ыалга олорорун буллум, бииргэ сылдьарбытын  эһиги хааччыйыаххыт дуо?» – диэн көрдөспүтүм. Онуоха, дириэктэр кэпсэтэн аҕала сылдьыбыттара эрээри, докумуона итэҕэс диэннэр ылбатахтара. Бу аҕай бииргэ буолабыт дэһэ сылдьыбыт балтылыылар эрэлбит сотуллубута. Онно арахсарбыт ыарахан да этэ, куустуһан туран уһуннук ытаспыппыт. Өнөргө ийэм эдьиийигэр суруйбутум. Пелагея Андреевна Аанчыгы туруорсан ылан, 11 сааһыгар интернакка олордон оскуолаҕа үөрэнэрин ситиспитэ.

1957 сыллаахха эһэм А.П. Сергеев өлөөрү сытан миигин көрөөрү ыҥыттарбыт этэ. Елена Михайловна тэрийэн, Даркылаахха киллэрэн миигин атаарбыта. Өрүс уҥуоргу биэрэкккэ туорааты кытта баар Суоттутааҕы оҕо дьиэтин күндүтүк саныыр буоламмын, түгэнинэн туһанан таарыйан ааспытым. Үлэһиттэр да, оҕолор да үөрэ көрсөннөр босхо таалалаан түөрт хоммутум, ыһыахха сылдьыбыппыт. Аны Бороҕоҥҥо икки күннээх ыһыахха түбэспиччэ дьүөгэлэрбинээн сылдьыбытым. Үһүс күммэр Өнөргө дьону кытта аргыстаһан сатыы ийэм эдьиийигэр барсыбытым. Кинилэргэ балтым Аанчык сайынын олороро.

Уонча хоммутум кэннэ күтүөтүм акка мэҥэһиннэрэн, дьэ, Томтор тубдиспансерыгар сытар эһэбэр сырытыннарбыта. Оо, муҥнаах уҥуох да тирии этэ! Бу өлөн эрэрин күүппэтэх буоламмын, уйбакка ытааммын төттөрү тахсыбытым. Күтүөтүм уоскутан иккиһин киллэрбитэ, нэһиилэ саҥарар этэ. «Өр да кэтэстим, сүүнэ киһи буолбуккун», – диэхтээбитэ. Мин хайдах олорон кэлбиппин онон-манан кэпсээбитим. Онтон күтүөтүм миигин Мүрүгэ ыалга хаалларан баран, сарсыарда Өнөргө төннөн иһэн таарыйбыта, киэһээ биһиги көрсөн барааппытын кэннэ өлөөхтөөбүт этэ. Көстөкүүн дьон булан харайан баран дьиэлээбит этэ. Мин Тулагыга кэлбитим кэннэ, дьоммуттан сурук тутан эрэ билбитим: “Эһэҥ эйигин кэтэһэн сытаахтаабыт”, – диэбиттэр этэ.

Мин Владимир Иванович Михайлов диэн киһилиин ыал буолан, кэргэним дойдутугар Ньурбаҕа Таркаайы нэһилиэгэр олохсуйбуппут. Аанчык 8 кылааһы бүтэрбитин кэннэ бэйэбитигэр ыламмыт, Марха орто оскуолатын бүтэрбитэ. Дьокуускайга медсестра үөрэҕин бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар оҕо балыыһатыгар үлэтин саҕалаабыта. 1972 с. Иван Алексеевич Варламовтыын ыал буолан, балтым Анна Прокопьевна Бурцева-Варламова (11.03.45 с.т.) Таатта Чөркөөҕөр оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээбитэ. Хомойуох иһин,  оҕолоноот сыыстаран суох буолбута. Кыыһа Анна Ивановна Варламова (1973 с.т.) Чөркөөххө балыыһаҕа үлэлии сылдьар.

Биһиги  5 уол оҕоломмуппут: Владимир кыыс, уол; Тимофей; Иван 2 уол, 2 кыыс; Гаврил 3 уол; Александр 2 уол, 1 кыыс оҕолоохтор. Онон 13 сиэн, 6 хос сиэн эбэтэбин. Кэргэним 2010 с. ыалдьан олохтон туораабыта. Мин 30 сыл уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээн “Үлэ бэтэрээнэбин”, “СӨ үөрэхтээһинин 100 cылынан”, II-с степеннээх Ийэ Албан аата мэтээллэрин, уо.д.а. хайҕал бэлиэлэрин хаһаайкатабын. Хомсомуол эрдэхпиттэн 80 сааспын ааһыахпар диэри нэһилиэк ыытар быыстапкаларыгар ииспинэн, ансаамбыл көхтөөх кыттыылааҕа буоларбынан хайҕал-чиэс буоларым. Билигин сэрии оҕото уонна Таркаайы бочуоттаах олохтооҕо буоларбынан чэпчэтиилэринэн туһанан, төрдүс уолум аахха олоробун».

Ити курдук Аҕа дойду Улуу сэриитин содулугар ийэтин, аҕатын сүтэрбит оҕо билигин кырдьан, эбиитин үлтү түһэн балыыһаҕа киһи көрүүтүгэр да сыттар, күн бүгүҥээҥҥэ диэри батсаабынан миэхэ суруйа сытар. Алҕаһа суох суруйара, ырааппыты чуолкай өйдүүрэ, санаатын күүһэ сырдыга сөхтөрөр, өссө да үйэтэ уһуоҕа диэн үөрэ санаатым. Икки сэрии кыттыылааҕын оҕото диэн билигин арааһа суоҕа да буолуо. Онон хаһыат нөҥүө бу ыстатыйа бэчээттэннэҕинэ, олохтоох кэрэспэдьиэн Марыыса Евсеевна Васильева уһун сылларга биир дойдулаахтарын тустарынан араас бэчээккэ тахсыбыттары муспут паапкаларын Тулуна библиотекатыгар туттарбытыгар, салгыы тиһиллэн үйэтийиэ диэн ытык кырдьаҕаспыт Пелагея Прокопьевнаҕа эрэннэрдим.

 “II Лөгөй” нэһилиэк кинигэтигэр баар ахтыылартан:

 Прокопий Степанович Бурцев (1900-1950)

 Бурцевтар Сыгынньахха, Кыдайбаҥҥа, Бэриидэҕэ, Байдыма Малбатыгар олорбуттар. Прокопий сэрии иннинэ Хаптаҥаҕа холкуоска үлэлиирэ. Кини ортону үрдүнэн уҥуохтааҕа, модьу көрүҥнээҕэ. Кыахтаах үлэһит буоларын туһунан кэпсэтэллэрэ. Биирдэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри эбиэтэ суох 1 гаа сири илиинэн от мунньубута диэн истибитим. Сэриигэ барыан иннинэ сценаҕа сымсатык туттан, байыаннай хамсаныылары көрдөрбүтүн сэргээн көрбүппүт.

Улахан убайа Лука хоту Булуҥҥа олохсуйбута, онно хоту олохтоохтору сэриигэ ыыппатахтарынан, кини эмиэ барбатаҕа эрээри, 1961 с. күтүөтэ бултуу сылдьан сүппүтүн көрдөһө сылдьан, ууга түһэн өлбүт. Биир убайа Николай “Кыһыл Күүс” холкуоска киирэн, үлэлии сылдьан эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүт.

П.С. Бурцев – Дьалбаа Борокуоппай икки сэрии актыыбынай кыттыылааҕа. Кини Киллэми уонна Никольскайы ылыы кыргыһыыларыгар кыттыбыт. Гражданскай сэрии кэнниттэн кыһыл бартыһааннары саҥа былааһы олохтуурга эбээһинэстииллэрэ. Ол курдук, Нам оройуонугар холкуоһу олохтоспутун кэпсииллэрэ. 1942 с. Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыта. 1944 с. дойдутугар Хаптаҥаҕа аҥар атаҕа суох баттыгынан сылдьар киһи эргиллибитэ. «Германияны Кыайыы иһин», «Хорсунун иһин» мэтээллэрдээх этэ. «Кыһыл сулус» ордеҥҥа түһэрбиттэрин кыайан ситэн ылбакка кэлбит.

Сэрии иннинэ Андрей Павлович Сергеев – Дьээриллэ  бултуу хоту ыытыллыбыт кэмигэр кэргэнэ өлбүтэ. Тулаайах хаалбыт аччыгый кыыһын Настааны Прокопий кэргэн ылбыта. Сэриигэ барбыт сылыгар кыыс оҕоломмуттара, сэрииттэн кэлбитин кэннэ иккис кыыс оҕоломмуттара. Кэргэнэ ыалдьан өлбүтүгэр, Өнөргө олорор кини эдьиийэ П.А. Ушницкая кыргыттары ылбыта, кэлин Пелагея Андреевна бэйэтэ 10 оҕолоох Герой ийэ буолбута.

Прокопий Степанович соҕотоҕун Хаптаҥаҕа, эмиэ да Баттамаайыга Мөрүөн Петуховтарга сылдьан олорбут сурахтааҕа, 1950 с. ыалдьан ҥлбүт. Ханна уҥуоҕа кистэммитин билигин этэн биэрэр киһи суох, Эмиэ да, Намҥа үлэлээбит холкуоһугар олоҕун түмүктээбит курдук.

Икки сэрии кыттыылаахтарын туһунан:

1921-1924 сс. Гражданскай сэрии кэмигэр Уус Алдан оройуонуттан биир дойдулаахтар М.М. Заболоцкай, П.С. Бурцев,  Д.М. Алексеев ЧОН этэрээтигэр байыаһынан киирбиттэрэ. Үөһээ Дьааҥы, Киллэм, Амма сирдэринэн гражданскай сэриигэ хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Бука киэҥ сирдэринэн сылдьыбыттарын иһин буолуо, Иккис Лөгөй нэһилиэгэ бэйэлэрин байыастарын  И.А. Габышевы – Кый Хаабыһап, П.С. Бурцевы-Дьалбаа Борокуоппай диэн ааттаабыттар. «…Саһыл Сыһыыга пулемет ботуруонун дьааһыгын кыбына сылдьан, тииттэри быыстарынан Кый Уйбаан харса суох сүүрэрэ» диэн «Хотугу Сулус» сурунаалга суруллубутун туһунан кэпсииллэрэ.

«Кыым» хаһыат 2008 сыл кулун тутар 27 чыыһылатыгар «Семен Михайлов Саха национальнай геройа» диэн Илья Колосов ыстатыйатыгар, Пепеляев генерал Саха сиригэр 700-кэ ыраахтааҕы эписиэрдэриттэн таҥыллыбыт этэрээтин утары ЯКНАРРЕВДОТ (Якутские народно-революционные добровольческие отряды) диэн тэриллибитигэр, Семен Михайлов – Чыамайыкынскай биир бастакынан суруттаран, рота командирынан талыллар. Кини ротата саамай бастыҥ чааһынан ааттаммыт. Онно тахсыбыт хаартыскаҕа: Уус Алдан улууһун II Лөгөй киһитэ Иван Аммосович Габышев синиэллээх, буденовка бэргэһэлээх хаҥастан бастакы, кини кэннигэр Прокопий Степанович Бурцев тураллар (сүрүн хаартысканы көр).

Андрей Павлович Сергеев – Дьээриллэ (1894-1957)

 Пелагея оҕо сылдьан өлөөрү сыттаҕына көрсүбүт ийэтинэн эһэтин туһунан ити нэһилиэк кинигэтигэр 585 ст.р маннык киирбитэ:

Дьээриллэлээх Кэйиҥи илин баһыгар олорбуттара. Кэргэнинээн Татьяналыын Пелагея, Анастасия диэн кыргыттардаахтара. Оччотооҕуга, бэрт ыраас дьиэлээх-уоттаах, үчүгэй астаах-таҥастаах, чэбэр ыал этилэр. “Кыһыл күүс” холкуоска наар холкуос кадровай булчутунан үлэлиирэ.

Андрей Павлович уҥуоҕунан улахаҥҥа киирсэрэ. Бэйэтигэр сөп кэтит сарыннаах, түҥстээх, толору быччыҥнардаах, сөбүгэр тэтиэнэх киһи этэ. Үлэни кыайа тутар, кыахтаах үлэһит быһыылааҕа. Илиинэн от охсуутугар «үтүө охсооччу» дииллэрэ. Хотуурун суола киэҥэ, ырааһа кыахтаах охсооччу буолара дьэҥкэ көстөрө.

Кини булка элбэх бириэмэни биэрэрэ. Оччолорго, мин кыра эрдэхпинэ Кэйиҥигэ, Тулунаҕа саалаах киһи аҕыйах буолара. Саа сэбэ, ордук, доруобунньук кэмчи буолан уонна холкуос үлэтиттэн соло булбакка, сайын устатыгар бэрт аҕыйахта ыталлара. Онон хас күөл, көлүйэ ахсын кус дэлэй буолара. Андрей Павлович ыттаҕына, аска эрэ ытара буолуо. Кэйиҥитигэр собо, сордоҥ, алыһар бөҕөнү өрүү кэриэтэ бултуура. Кини маска даҕаны, тимиргэ даҕаны уһанар дьоҕурдааҕа. Мааллаан, эһэ-эбэ саҕаттан бырахпакка, саалара алдьаммыттар киниэхэ аҕалан оҥоттороллоро. Биирдэ саа ствола токуруйбутун көннөттөрбүт этилэр. Тыыны да дьоҕурдаах дьонтон итэҕэһэ суох бэртээхэй гына оҥороро. Барыны-бары «сатыам-кыайыам суоҕа» диэбэккэ, толлугаһа-иҥнигэһэ суох, оҥоһуллуох курдугу оҥорор быһыылааҕа. Кэлэн-баран, кэпсэтэн-ипсэтэн, хоноһолонон-ыалдьыттанан, ардыгар арыгылаан-хаартылаан да ылаттыыра. Ол сылдьан ону-маны тэринэн-оҥостон тииспит-тааспыт киһи. Хараахтарынан хардааччы да соҕус буоллар, ыалларын, нэһилиэгин иһигэр кими эмэ кытта иирээннэспитин туһунан истибэт этим. Дьонун-сэргэтин кытта эн-мин дэһэн, ылсан-бэрсэн бэркэ олорбута. Ол да буоллар, этиһэр баар буоллаҕына-этиһэр, охсуһар баар буоллаҕына-сутуруктаспытынан барар киһи этэ. Андрей Павлович, сигилитэ, сороҕор холуон да соҕус курдук буоллар, ааттаах булчут буолан, дьоҥҥо, уопсастыбаҕа туһалаах, үтүөлээх киһинэн ааҕыллара, ытыктанара.

1938 с. күһүн биһиги Кэйиҥигэ кыстаан олордохпутуна, Андрей Павлович кэргэнин уонна кыыһын Настааны сүөһүлэри биһиэхэ дьукаах кыстата аҕалан баран, киэҥ сиринэн тэнийэн ыырданан Алдан уҥуор Тааска барбыта. «Холкуос сыыппаратыгар бултуур» дииллэрэ. Ол сыл мин үөрэнэ киирбитим. Кини онтон ыла, сыл аайы бултуу барара үһү. Кини курдук булт бары араас көрүҥүн ситэри ситэн бултаабыт киһи баара да биллибэт. Эһэни, бөрөнү, тайаҕы, саһылы сыл аайы Өндөрөй өлөрбүтүн туһунан сурах-садьык иһиллэр буолара. Бэл, муораҕа үөскүүр кырса мэнээктээн биир кэлбитин бииринэн өлөрбүт. Ол быыһыгар, дойдутугар сэрии сылларыгар бөрөлөр мэнээктээн сылгыны тардыбыттарын, Дьээриллэ иккитин өлөртөөн ылбытын туһунан кэпсииллэрэ.

Андрей Павловиһы 1950-с сыллар саҥаларыгар көрбүтүм. Үчүгэй, ааттаах булчут буолан хайҕалга, үп-ас үрдүгэр сылдьар этэ. Онно кырдьа баран эрэр, билиҥҥинэн биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар тиийбит көрүҥнээҕэ. Кини онтон соччо сааһырбатаҕа быһыылааҕа, Улахан кыыһа Пелагея Ушницкай Константин-Улахан Куоста диэн Өнөр киһитигэр кэргэн тахсыбыта. Ол кыыһыгар олорон ыалдьан өлбүт этэ.

Пелагея кырдьан да баран Өнөрүгэр олорор, оҕолордоох сурахтааҕа. Аччыгый кыыс Анастасия Бурцев Прокопий – Дьалбаа диэн аҥар атахтаах фронтовикка кэргэн тахсыбыта. Андрей Павлович өлбүтүн кэннэ Татьяната иккистээн кэргэннэнэн, уолаттардаах дииллэр этэ.

Иван Петухов

 Бу А.П. Сергеевы кэпсээбит тыыннаах туоһу Иван Дмитрьевич Петухов Кэйиҥигэ кимнээх ханан олорбуттарын ыйан суруйан биэрбитэ “II Лөгөй” кинигэ 682 стр. баар:

Кэйиҥи Илин Баһыгар Бодойбонон, тайҕанан эргийэн харчы баайдаах Леонтий Сергеев-Отой диэн киһи дойдутугар төннөн кэлэн дьиэ туттан олорбут. Кини Бодойбо баайдарын кыыстарын кэргэн ылаары: “Баайбын, түүлээхпин сатаан харайбаккалар буортуйара буолуо, атыылыы, батара охсоору дойдубар ыксыыбын” диэн, кырдьык баай киһи эбит диэн итэҕэтэн, кыыстарын мүччү туттаран илдьэ кэлбит. «Үчүгэйкээн сытыы кыыс сыыры таҥнары сүүрэн, хонууга лыахтыы көтөрө. Көтөн иһэр турааҕы бэстилиэтинэн ытан түһэрэрэ» диэн кэпсииллэрэ. Отой Доропуйдарга (маннык Кэйиҥи эбэ тула уонна үрэҕин устата олорооччулары ааттыыллара) чаччыына кинээс (староста) буола сылдьыбыт. 1929 с. олунньу 17 к. Кэйиҥи сайылык эргин олорооччулар «Ыччат суола» табаарыстыба тэриммиттэр, онно Отой бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт. Салгыы кини дьиэтигэр иирээннээх, бардам майгылаах Павел Фёдорович Сергеев – Дьобуут Байбал, онтон кини улахан уола Андрей Павлович Сергеев – Дьээриллэлээх олорбуттар. Кэлин холкуос ферматын үлэһиттэрэ олорор дьиэтэ оҥостубуттара, билигин да дьардьамата турар.

Быйыл сайын 93 сааһыгар сылдьар И.Д. Петухову Тулунатааҕы сайылыгар көрсүбүтүм. Билигин өтөхтөр эрэ төҥүргэстэрэ баар Кэйиҥи үрэҕинэн тарҕанан олобут аҕа уустара аҥардас кини эрэ  кэпсээнинэн сүрүннэнэн кинигэгэ тиһилиннилэр. «Дьэ уруккуну умна быһыытыйан, бытааран саас ылан иһэр. Хата, 2016 c. кинигэбит  тахсыытыгар хоп курдук сылдьан, дойдум элбэх дьонун кыахпынан үйэтистим, ол дойдуга астына отчуоттуурдаах тиийэр буоллум диэн үөрэбин”, – диэт мүчүк гыммыта Иван Дмитрьевич. Дьэ, чахчы, икки Лөгөйдөр историяларын элбэҕи бу кинигэгэ кэпсээн хаалларда. Дьиктитэ диэн, эрдэ хомуллубут ахтыылары кинигэ оҥорорбор чуолкайдаһарбар сүрүннээн 5 эрэ кырдьаҕас бэйэлэрин олорбут ыырдарын, оччотооҕу дьоннору  сатаан сырдатан харахха көрөрдүү тилиннэрэн кэпсиир дьоҕурдаахтара. Ол курдук, эмиэ оччотооҕу сэрии кэмин оҕолоро Василий  Васильевич Дегтярев – Чиэппэрдээх хаһыытаһан кэпсэтэр дьүлэй, эбиитин хараҕа суох да буоллар, “Кыһыл күүстэри” олорчу кэриэтэ соҕотох кини кэпсээһининэн суруйдум, Михаил Миронович Петухов Тулуна, Томтор эркиннээҕилэри, Томтор төрүт олохтооҕо Анастасия Ивановна Мигалкина – Васильева сурукка улахан уларытыыта суох киллэрэр кэпсээннээх, суруйааччы курдук дьоҕурдаах этилэр. Байдыма эҥэри сырдатар киһи көстүбэккэ сүөм түһэн кинигэни сабаары олордохпуна, чиэски олорбут Ким Васильевич Мигалкин көстөн кэлбитэ. Кинини хас да сыл иннинэ көрсүбүт буоллар, өссө күүстээхтик көмөлөһүөн сөптөөх билиилээх, кэпсээннээх этэ.

Бу ытык кырдьаҕастарбытын мэлдьи махтана ахтыахпыт. Кинилэр айылҕаттан ананан үйэлэрэ уһаан чөл өйдөөх хаалбыт курдуктара, бэйэлэрин иэстэрин курдук көмөлөспүттэрэ. Кинигэ тахсыытыгар 2-3 сылынан хойутаан ылсыбытым буоллар, кэпсээччилэрбититтэн да мэлийэр эбиппит.

Мария Сергеева, СӨ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна