Майаҕа республикатааҕы педагогическай дьаарбаҥкаҕа сыллата ыытыллар иис-уус күрэһигэр Суотту орто оскуолатын производственнай үөрэхтээһиҥҥэ маастара Екатерина Васильева кыттар. Быйыл даҕаны халадаай тигиитигэр кыттан кэллэ. Эдэр кыргыттар иистэнэр буолбуттарыттан, түргэн-тарҕан туттунуулаахтарыттан үөрбүтүн, дьону-сэргэни көрөн, үгүс маастары кытта билсэн олус сэргэхсийэн кэлбиттэрин кэпсиир.
Бу иннинэ Сыырдаахха СӨ норуотун маастардара, Россия айар худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ Ольга Колодезникова — Айыллаана Иис уонна Иван Окоемов — Уран Сэһэн блиц-конкурс тэрийбиттэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Онно халадаай тигиитигэр Екатерина Семеновна уон киһиттэн үһүс буолбута. Оттон Иван Окоемов эр киһи сахалыы ырбаахытын тигиигэ тэрийбит күрэһигэр коллегата Зинаида Алексеева үс киһи кыттыбытыттан бастыҥ тигээччинэн ааттаммыта.
Екатерина Семеновна Суотту оскуолатыгар 29-с сылын үтүө суобастаахтык үлэлиир. Производственнай сыахха оскуола оҕолорун иистэнэргэ үөрэтэллэрин таһынан нэһилиэк олохтоохторун, тэрилтэлэрин, түмсүүлэрин таҥастарын-саптарын барытын тигэллэр, бары тэрээһиҥҥэ төһүү күүһүнэн буолаллар. Онон дьон кимиэхэ тиктэрэбит, хайдах тиктэрэбит диэн кыһалҕаҕа ылларбат.
Екатерина Семеновна үлэтин туһунан сиһилии маннык кэпсиир:
– Сыах иһинэн «Юные профессионалы» чемпионакка бэлэмниибин, кыл-сиэл куруһуога үлэлиир. Оскуолаҕа эбии дохуот киллэрэбит. Нэһилиэк үлэтигэр-хамнаһыгар көмөлөһөбүт. Көмөлөһөөччүм Зинаида Александровна Алексеева – маастар. Сылы төгүрүччү иистэнэбит.
СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө буолар аналлаах үүлэлиир «Илии сылааһа» диэн республикатааҕы тэрилтэҕэ кыттыһан, кинилэр биэрбит матырыйаалларынан, сабыгар, тимэҕэр тиийэ ыыппыттарынан уолаттарбыт баҕаларын, сакаастарын учуоттаан, таҥас тигэн ыыппыппыт. Биир күн анаан байыаннай таҥаһы тигэргэ үөрэммиппит уонна көстүүм-китель, ыстаан, тактическай рубашка, чараас уонна флис матырыйаалынан халыҥатыллыбыт куртка, термобельё, көстүүм бэлэмнээбиппит. Бу үлэҕэ олохтоохтор Анна Афанасьевна Ушницкая, Марфа Васильевна Яковлева, Яна Ивановна Черкашина, Евдокия Иннокентьевна Иванова уо.д.а. күүс-көмө буолбуттара.
Иистэнньэҥнэр тигэр массыыналара үксэ саҥатык. Бюджеты таһынан үп киллэрэн үрдүк кыамталаах аныгы техника арааһын атыыласпыттар: үс оверлок, икки «JUKI» профмассыына, икки «Bernette» массыына, трикотаж таҥаһы тигэргэ анал массыына, манекеннары ылыммыттар.
СВО кыттыылаахтарыгар таҥас тигэргэ Суотту нэһилиэгин баһылыга Василий Иванов көмөтүнэн оверлок уонна трикотаж таҥаһы тигэр массыынаны ылыммыттар. Онон үлэ таһаарыылаах, түргэн буолан абыраммыттар. Уопсайынан, оборудованиенан хааччыллыы үчүгэй эбит. Онон иистэнньэҥнэр үөрэ-көтө үлэлииллэр. Быйыл сайын «Өлүөнэ кытыла» ансаамбыл Кытайга фестивальга барарыгар таҥастарын тигэн ыыппыттар. Онтон сайыҥҥы кэмҥэ оскуола үлэһиттэрин быһыытынан сынньалаҥҥа олороллор. Араас тэрээһиҥҥэ кыттан күн солото суохтар.
Ольга Шепелева