Библиотекарь буолуу бэйэтэ туспа талаан дии саныыбын. Кини идэтигэр билиитин, сатабылын таһынан суруйар, саҥарар, кэпсиир, тэрийэр, салайар дьоҕурдаах киһи буолар. Киниттэн судаарыстыба үөрэхтээһинэ, култуурата, духуобунай сайдыыта тутулуктаах. Бүгүн күндү ааҕааччылары 40 сыл устата библиотекаҕа эҥкилэ суох үлэлии сылдьар улууспутугар уопсастыбаннай үлэҕэ биир бас-көс туттар, актыыбынай, ситиһиилээх киһибит, үлэ үөһүгэр сылдьар СӨ культуратын туйгуна, СӨ Гражданскай көҕүлээһинин туйгуна, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олох­тооҕо Галина АММОСОВАЛЫЫН кэпсэтиибэр ыҥырыым.

– Галина Владимировна, кэпсэтиибитин оҕо сааскыттан, төрөппүт дьоҥҥуттан саҕалыахха.

– Оҕо сааһым төрөөбүт Курбуһахпар ааспыта. Дьонум үөрэнэр, үлэлиир буоланнар, биэс сааспар диэри эбэлээх эһэбэр Варвара, Афанасий Окоемовтарга иитиллибитим. Курбуһах нэһилиэгин биир мааны айылҕалаах Хамыдал сайылыгар Өлөҥнөөх учаастагар сүүрэн-көтөн улааппытым. Онно олорбуппун түөрт сааспыттан өйдүүбүн, эбэбин наһаа да таптыыр этим, төрөппүттэрбэр кэлэн баран эбэбин суох­таан наар ытаан тахсарым, ыалбыт эбэлэрин түннүгүнэн көрө-көрө «эбэм ол сылдьар, киниэхэ илдьиҥ» диир үһүбүн. Оҕо саадыгар олох сылдьыбатаҕым, дьонум сайылыкка баралларыгар биир күн оҕо саадыгар хаалларбыттарын ситэри сылдьыбакка күрээбитим, онон сарсыныгар Кэтириис эбэм сайылыкка дьоммор ыыппыта.

Төрөппүттэрим иккиэн тө­рүт Курбуһах олохтоохторо. Ийэм Анастасия Афанасьевна бастакы идэтинэн биб­лиотекарь. Балтараа сыл үөрэнэн дип­ломнаах үлэһит буолан дойдутугар Курбуһахха библиотека сэбиэдиссэйи­нэн үлэлии тахсыбыта. «Бас­таан ааҕааччым ахсаана аҕыйах этэ. Ааҕааччыларбын элбэтэр сыал­лаах фермаларга, отчуттарга көһө сылдьар библиотеканы тэрийэн үлэлэппитим. Онон ааҕаач­чым ахсаана сыыйа элбээбитэ”, – диэн кэпсиирэ. Салгыы педкылааска үөрэнэн иитээччи идэтин ылан, биэн­сийэҕэ тахсыар диэри оҕо саа­дыгар үлэ­лээбитэ. Үгүс оҕо кини иитии­тин ылбыттара, билиҥҥэ диэри ийэбитин үтүө тылынан ахталлар. 2015 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин 70 сыллаах үбүлүөйүнэн Курбуһах нэһилиэгин бочуот­таах олохтооҕо буолбута. Аҕам Владимир Михайлович Ноговицын трактористан саҕалаан отделение управляющайыгар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар чороччу улаатан эрэр уол колхоз үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбитэ. Кэнники окко звеновод, онтон биригэдьиир буолан, үлэҕэ эриллэн салайар дьоҕура арыллан барбыта. Салгыы өр сыл механигынан үлэлээн баран, Курбуһах отделениетыгар управляющайдаабыта. Таһаарыылаахтык үлэлээн, салайан төрөөбүт Курбуһаҕын куруутун инники күөҥҥэ тута сылдьыбыта, отделение оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр киирэрэ. Кини олус эрдэ бу орто дойдуттан барбыта, 1991 сыллаахха дойдуга уларыйыы-тэлэрийии буола турар кэмигэр ыарахан ыарыыттан суох буолбута.

– Идэҕин хайдах талбык­кыный?

– Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар кинигэни ааҕарбын наһаа сөбүлүүр этим. Түүн суор­ҕан анныгар фонарынан сырдатынан кытта ааҕарым. Билиҥҥи оҕолор телефонтан, компьютертан арахпаттарын курдук, ол кэмнээҕи оҕо кинигэттэн арахсыбат этэ. Тугу эмит соруйдахтарына, бу маныаха диэри ааҕан баран оҥо­руом эҥин диэһиннээх буолара. «Чолбон» сурунаал кэлэрин кэтэһии, кэллэҕинэ былдьаһыы буолара. Баҕар, ол иһин биб­лиотекарь идэтин талбытым буолуо. Ол кэмҥэ кинигэ кэлэрэ да кэмчи этэ. Ону тэҥэ Улан-Удэ диэн наһаа кыраһыабай, күп-күөх куорат туһунан истибитим уонна онно библиотекарь идэтигэр үөрэнэ барыахпын баҕарбытым.

– Бастаан үлэлээн саҕалаабыт кэмиҥ хайдах этэй?

– 1984 сыллаахха Улан-­Удэ куоракка Илин Сибиирдээҕи государственнай культура институтугар түөрт сыл үөрэнэн, библиотекарь-библиограф идэтин ылбытым. Миигин ыраах хоту Өлөөн оройуонугар киин библиотекаҕа методиһынан анаабыттара, хата, бииргэ үөрэммит кыыспын Маша Попованы кытта бииргэ түбэһэн, онон иккиэ буолан барбыппыт. Өлөөҥҥө наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, уопсай дьиэ биэрбиттэрэ. Директорынан Анна Афанасьевна Атласова үлэлиирэ. Хоту дойду айылҕата, дьоно-сэргэтэ, олохторун тутула киин улуустартан олох атын этэ. Библиотека үс филиаллааҕа, ыраах-ыраах сыталлара, Ээйиккэ самолетунан тиийэ сылдьыбыппыт, Харыйалаахха чугас буолан хаста да сылдьыбытым. Филиалларбытыгар көмө оҥорор этибит, картотекаларын, фондаларын дьаарыстыырбыт.

1986 сыллаахха Бороҕоҥҥо улуустааҕы киин библиотекаҕа үлэлии кэлбитим. Директорынан Зоя Мигалкина, солбуйааччытынан Ольга Троева үлэлииллэрэ. Мин библиограбынан киирбитим, отделбыт сэбиэдиссэйэ Мария Макеева этэ. Олус көхтөөх кэлэктиипкэ киирэн, оччотооҕу партия ыҥырыытынан күүстээх, көхтөөх үлэ саҕалам­мыта. Ол кэмҥэ оро­йуон үрдүнэн биб­лиотека классификациятын уларытыы, каталогтары пас­пордааһын буола турара, нэһилиэктэринэн хас биирдии библиотеканы кэрийэн каталогтарын, кинигэлэрин докумуоннаан өрүү командировкаларга сылдьарбыт. Кэнники методическай отдел сэ­биэ­диссэйэ буолан, хас биир­дии библиотеканы хайаан да сылдьан көрөн-истэн, сүбэ-­ама буолан үлэлэһэрбит. Партия салайар кэмигэр олус элбэх тэрээһиннэр буолаллара, хас нэдиэлэ ахсын анал күннэр, мунньахтар, үөрэхтээһиннэр тохтоло суох ыытыллаллара. Онтон кэлин 1996 сылтан ааҕаач­чыны кытта үлэлиир отделга көспүтүм. Билигин санаатахха, бу сылларга олус да элбэх тэрээһиннэри ыыппыт, тэрийбит, кыттыбыт эбиппит. Ол тэтиммититтэн түспэккэ суруйааччыларга, биллэр-көстөр дьоммутугар өрөспүүбүлүкэ, улуус улахан тэрээһиннэригэр, үбүлүөйдээх дааталарга директордарбыт Варвара Николаев­на, билигин үлэлиир Иван Данилович салайыыларынан кыттан, үлэлэһэн, тэри­йэн кэл­либит. Үлэлиир коллективым сүрдээх үлэһит, аныгы олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр.

– Ордук тугу сөбүлээн ааҕаҕын, билигин ааҕаач­чыларбытыгар биир кинигэтэ сүбэ­лээ эрэ диэтэхпинэ, ханнык кинигэни ааттыаҥ этэй?

– Урут романнары ааҕарбын сөбүлүүр этим, кэлин үлэбинэн да буолуо биллэр-көстөр дьон туһунан ордук кэрэхсээн ааҕабын. Бу соторутааҕыта СӨ народнай артыыһа, биллэр пародист Александр Бурнашов «Быыһы аргыый сэгэттэххэ» кинигэтин кэрэхсээн аахтым. Кинигэҕэ ааптар эстрадаҕа ыллаан ааспыт биллэр-көстөр ырыаһыттар айа-тута сылдьыбыт көмүс кэмнэрин уонна бэйэтин айар үлэтин, олоҕун туһунан суруйбута киһини умсугутар. Бары ааҕааччылары бу кинигэни ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

– Өр сыл библиотекар­даабыт киһиттэн ыйы­тыахпын баҕара­бын, урукку ааҕаач­чылар билиҥҥи ааҕаач­чы­лартан туох ура­тылаахтарый? Биб­лиотека инники сай­дыытын хайдах көрөҕүн?

– Билигин ааҕыы урукку кэмтэн намтаабат, көрүҥэ эрэ уларыйар. Аныгы технологиялар сайдыбыт кэмнэрэ буолан, ааҕыы көрүҥэ элбээтэ, эдэр дьон, оҕолор интернет нөҥүө цифровой форматынан ааҕалларын ордорор буоллулар. Информация элбэх буолан, дьон үксэ справочнай, энциклопедическай хабааннаах кинигэлэри, ону тэҥэ историческай, детектив, таптал, фантастика, ужас кинигэлэрин ааҕаллар. Маҕаһыыннарга араас кинигэ элбэх, ааҕыан баҕарар киһи хантан баҕарар булан атыылаһан ааҕар. Арай кинигэ сыаната биллэрдик үрдээтэ, онон библиотекаттан уларсан ааҕыан баҕалаах элбэх. Онон библиотекаҕа кинигэ комплектованиетыгар үп-харчы элбэх көрүллүөхтээх, араас кинигэ, сурунаал, хаһыат дьон баҕатын толорон дэлэй буоларын курдук.

Инникитин библиотекабыт цифровой өттүнэн күүскэ сайдыан баҕарабын. Араас аныгы технология киирэн, соҕуруу улахан куораттар библиотекаларыттан хаалсыбат курдук сайдарыгар дьулуһабыт.

– Библиотека үлэһититтэн ханнык хаачыстыба ирдэнэрий?

– Билигин библиотекарь бары өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, аныгы технологиялары ба­һы­лыыр буолуохтаах, эппиэти­нэстээх, коммуникабельнай, үлэтигэр айымньылаахтык сы­һыаннаһыахтаах.

– Үлэҥ таһынан культура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ уонна улууска суруйар дьоҕурдаах дьахталлар «Уһуктуу» түмсүүтүн, Мүрү нэһилиэгин «Сомоҕо» НКО салайааччыта буола­ҕын, бу үлэҕэр туох-ханнык улахан ситиһии­лээххиний?

Уопсастыбаннай үлэҕэ эдэр эрдэхпиттэн, Бороҕоҥҥо үлэлии кэлиэхпиттэн дьарык­танабын. Мүрү нэһилиэгэр түөлбэ салайааччытынан, депутатынан, быыбар хамыыһыйа­тыгар, «Мүрү хамсааһына» түмсүүгэ үлэлээбитим. Кэнники кэмҥэ улуус дьахталларын сэбиэтигэр, Ил Түмэн быыбардыыр хамыыһыйатыгар кыттыспытым. Саамай уһуннук культура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлинэн, «Уһуктуу» литературнай түмсүү салайааччытынан үлэлээтим, быйыл идэлээх сойууһу салайсыбытым 25 сылын туолла, 1999 сыллаахха бэрэссэдээ­тэли солбуйааччынан талыллыбытым, онтон 2002 сылтан сирэй бэрэссэдээтэл буолбутум. Былырыын улууспутугар култуура идэлээх сойууһа тэриллибитэ 70 сылын туолбута. Бу бэлиэ даатанан култуурабыт идэлээх сойууһун историятын, үлэтин көрдөрөр кинигэ-альбом бэчээттэтэн таһаартардым.

«Уһуктуу» литературнай түмсүүбүт быйыл эмиэ тэриллибитэ 25 сылын туолла. Онон бу сыл устата хаһыакка, «Дуо­раан» радиоҕа түмсүүбүт дьонун сырдатар, айымньыларын билиһиннэрэр үлэни ыыта сылдьабыт. Быйыл саас муус устарга республика литературнай түмсүүлэрин «Сандал саас кэрэтэ» диэн тэрээһиннэригэр кыттан «Ситиһиилээх түмсүү» анал ааты ылбыппыт. Түмсүүбүт дьонун айымньыларынан кинигэ бэлэмнии сылдьабыт. 2017 сылтан «Сомоҕо» НКО салайааччытынан үлэлиибин. Бу түмсүүбүт үлэти­нэн үс Граны ылбыппыт, ол көмөтүнэн Хос Үрэх пааматынньыга саҥардыллыбыта, Асыай күөл тулата оҥоһуллубута уонна Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус историятын түмэлэ Томтор макетын оҥорбута.

– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуо?

– Кэргэним милиция капитана Петр Михайлович Аммосов этэ, хомойуох иһин, 2017 сыллаахха олохтон туораабыта. Икки оҕолоохпун, үс сиэннээхпин. Кыыһым Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар педагог-психологынан үлэлиир, уолум Санкт-Петербург куоракка үлэ­лиир, кэргэннээх.

– Эйигин куруук үлэ үөһүгэр, тиһигэ быс­ты­бат тэрээһиҥҥэ кө­рөбүт, оттон иллэҥ кэм­ҥэр тугунан дьа­рык­танаҕын?

– Иллэҥ кэммэр дьиэ кэр­гэммин кытта сынньанабын. Араас дойдуларга оҕолорбутун кытта күүлэйдиибит, сир астыыбыт, оҕуруот олордобут. Сайын аайы хайаан да өбүгэлэрбит олорон ааспыт сирдэригэр, Курбуһахха тахсан ахтылҕаннаах Хамыдал сайылыкпын, Өлөҥнөөхпүн, аҕам өтөҕүн – «Наҕабыыһын алаа­һын» оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр көрдөрөн кэпсээн, окко көмөлөһөн кэлээччибит.

– Олох, таптал, киһи дьо­лун туһунан туох санаалааххыный?

– Хас биирдии киһи бу орто дойдуга олох олороору, ыал буолан, оҕо төрөтөн удьуо­рун салгыыр сыаллаах кэлэр. Киһи дьоло туохтан турарый? Сөбүлүүр идэҕэр үлэлиир буол­лаххына, дьоҥҥо үтүөнү оҥордоххуна, өйүүр, өйдүүр, тирэнэр чугас дьонноох (аймахтарыҥ, доҕотторуҥ, дьиэ кэргэниҥ) буоллаххына, оҕоҥ үөрүүтүттэн, ситиһиититтэн, сиэн минньигэс мичээриттэн, чугас дьонуҥ тапталларыттан дии саныыбын.

Мария Аргунова